Источник: Забота. Арчы. — 2019. — 11 апреля. — С.6
Косиор КАРМАНОВ: “Олоҕу хайдах баарынан ылынабын”
Бу куннэргэ “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр “Бэйэ дьоно” диэн
кэнсизр буолла. Саала иһэ ыы-быччары киһи. Тэрээһиҥҥэ 2000 сылларга
ыччат кутун-сурун туппуг хит ырыалар ылланнылар. Ол кэминээҕи “сулустар”
Косиор Карманов, Фиеста, Понсаш, Замир, Гоша Васильев, Дьулустаан Чу-
ручанов, о.д.а. бары биир сыанаҕа муһуннулар.
Көрөөччүлэр кэнсиэр былаһын тухары хас биирдии ырыаны ыллаһа олордулар. Кинилэр наһаа астыммыттарын субу-субу “Инстаграмҥа” суруйан үллэстибиттэр: “биһиги көлүөнэ “Дайыы” бөлөх ырыа- тыгар улааппыппыт”, “бу киэһэ ылламмыт ырыалар бастакы тапталбын санаталлар”, “наһаа да истиҥ киэһэ буолла!” уо.д.а. диэн суруйаллар.
Чахчы да, хас биирдии көлүөнэ ордорон сөбүлүүр ырыаһыттаах, ымыы оҥостор ырыалаах. Холобур, мин оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Косиор Карманов (“Дайыы” бөлөх) толоруутугар “Ытаама” ырыаны наһаа сөбүлээн истэр этим. Бу бөлөх олус үчүгэйдик тахсан иһэн, эмискэ “мэлис” гынан хаалбыта. Биирдэ эмэ кэнсиэрдэргэ, Амма уола Косиор соҕотоҕун ыллыыр буолбута эрээри, устунан сүтэн хаалбыта. Дьэ, билигин иккистээн төхтүрүйэн сыанаҕа тахсар буолан эрэр.
Онон бүгүҥҥү «Тэбэнэккэ» 2000 с. “сулуһа», элбэх кыыс сүрэҕин аймаабыт, ырыа айа- аччы уонна толорооччу Косиор Карманов ыалдьыттыыр.
— Косиор, эн Амматтан төрүттээххин билэбит. Кэпсээҥҥин оҕо сааһыҥ, төрөппүттэриҥ туһунан санаан-ахтан саҕалыырыҥ буоллар…
— Мин кэрэ айылҕалаах, дьэҥкир ыраас уулаах Аммаҕа күн сирин көрбүтүм. Аҕам Георгий Алексеевич 40-тан тахса сыл суоппарынан, ийэм Матрена Кононовна эмиэ 40-тан тахса сыл үөрэҕирии салаатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээн, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор. Бэйэм туспунан тугу этиэхпиний? Оҕо сааһым тыа сиригэр ааспыта. Олорор уулуссабыттан чугас сытар ип-подром алааһыгар путбуоллаан, волейболлаан, лапталаан, тыа сирин оҕотун сиэринэн, олус үчүгэйдик оҕо сааспын атаарбытым. Кыра сылдьан мэник-тэник, сүүрүгэс-көтүгэс этим. Оскуолаҕа киирэн баран улаханнык актыбыыстаабатах киһибин. Үөрэхпэр орто этим. Улахан кылааска тахсан баран, тэрээһиннэргэ тыас-уус операторынан дьарыктанар буолбу- тум. Кэлин кыра устуудьуйаны салайбытым.
— Туох идэлээххиний?
— Култуура колледжын бүтэрбитим. Идэбинэн уот- күөс, тыас-уус оператора- бын. Үөрэхпин бүтэрэн баран, дойдубар Ф.Потапов ааты- нан култуура киинигэр, Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан Оҕо айымньытын дьиэтигэр үлэлээбитим. Билигин ырыа айар үлэнэн дьарыктанабын. Икки сылы быһа сайын аайы табаарыһым Геннадий Василь- евтыын “Дайыы” устуудьуйаны үлэлэтэбит.
— Оҕолору дьарыктыыгыт дуо?
— Дьарыктаан. Сайыҥҥы лааҕыры тэрийэн үлэлэтэбит. Ыллыан баҕапаах ыччат элбэҕэ үөрдэр, билиҥҥи оҕолор баҕалара наһаа күүстээх. Ыч- чакка ырыалары үөрэтэн, дьон истиитигэр таһаарабын. Тэ- тэрээт саҥа лииһин курдук ыраас, үөрэтиини түргэнник ылынар дьону кытта үлэлиир олус интэриэһинэй. Онтон ула-хан дуоһуйууну ылабын.
— Эйигин ырыаҕа, муусука эйгэтигэр ким уһуйбутай?
— Аан бастаан, убайым Сергей кассетанан магнитофоҥҥа муусука истэрэ. Оччолорго магнитофон муода этэ. Мин кини истэр ырыаларын хос-хос истэрим. Оттон, хайдах эрэ, истибит ырыаларын аккорда- рыгар мелодия киирэн айыллар буолбута. Оҕо айымньытын дьиэтигэр гитара5а Ирина Васильеваҕа үөрэммитим. Дьи- эбэр быраатым Женя гитараҕа оонньуурга көмөлөһөрө. Наһаа түргэнник ырыаҕа умсугуйан барбыппын бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Билигин биир да үөрүүлээх, хомолтолоох түгэннэрим муусуката суох ааспаттар. Ырыа киһини уоскутар, күүскэ күүһү эбэр ураты суолталаах. Онон дууһабар өрүү муусука баар. Ырыа тылыгар киирдэххэ, тыллары сүһүөхтээн- наардаан, ис хоһоонун этэн хоһоон айааччыларга суруйтарабын. Бастаан саҕалыырбар улаханнык ытыктыыр киһим Виктор Хон-Омук Уола улаханнык көмөлөспүтэ. Кэлин биир дойдулааҕым, улахан дьоҕурдаах Ньургууна Леонтьевалыын бииргэ үлэлиибит. Кини хоһоонноругар номнуо тоҕус ырыаны таһаарбыт эбиппин.
— Айар куттаах киһи син биир сыанаҕа талаһар эбит дуо? Эстрада эйгэтиттэн сүппүтүҥ ыраатта. Дьэ, билигин иккис тыын ылынан, көстөр-биллэр буолан эрэҕин…
— Сүтэ сылдьыбыт кэмим ыал буолан, аҕа үрдүк аатын сүкпүт сылларбын кытта сибээстээх. Икки оҕолоохпун. Туох диэхпиний? Тохтоон ылар кэм баар буолар. Айар үлэ тохтоло суох бара турбат буоллаҕа. Киһи оччоҕуна эрэ тупсар, айар кута атыннык арыллар, үлэлиир, уларыйар эбит. Билигин дьоҥҥо-сэргэҕэ ситэн-хотон, өссө уларыйан тахсар соруктаахпын.
— Билигин ырыаһыт буолуон баҕалаах ыччат элбэх. Кырдьык, талааннаахтар ортолоругар сэмэй да соҕус ырыалаах-тойуктаах дьон бааллар. Билиҥҥи эстрада туһунан туох санаалааххыный?
— Саха эстрадатыгар ыччат бэйэтин суолунан айан-ту- тан, сайдан иһэрин туох диэн сүөргүлүөҥүй? Үчүгэй ырыалар ылланыахтара, сорохтор умнуллуохтара. Ону бары- тын күн-дьыл, көрөөччүлэр, истээччилэр быһаарыахтара. Бэлиэтээн эттэххэ, билигин саха араадьыйатыгар, тэлэбиидэнньэтигэр араас күрэс бөҕө ыытыллар. Саҥа тахсан эрэр оҕолор бэйэлэрин көрдөрөллөрүгэр суол аһаҕас. Онон дьон өйүгэр-санаатыгар хатанан хаалар, үчүгэй суолталаах ырыалары айарга дьулуһуохтаахпыт.
— Эһиги кыттар кэнсиэрдэргитигэр көрөөччү мэлдьи көхтөөхтүк кэлэр. Ол тоҕо буолуой?
— 2000 сылларга ырыаҕа бастакы сэмэй холонууларбыт араадьыйа долгунугар иһиллэр буолбуттара. Ол ырыалар тапталга, истиҥ иэйиигэ анаммыт буоланнар, боростуойдуҥу тыллаах-өстөөх этилэр. Ол иһин оччотооҕу ыччат биһиги ырыаларбытын уостан түһэрбэккэ ыллыыр, нойосуус билэр, бииргэ ыллаһар, кэнсиэрдэргэ сылдьар. “Атах тостор атаһым” Гена Васильевтыын уруккутунааҕар билигин өссө ыкса билсэн, айар эйгэҕэ үлэлии сылдьабыт. Кини билигин ырыа-тойук эйгэтигэр биллэр уһуйааччы буола үүммүтүттэн астынабын, киэн туттабын. Маны тэҥэ, айан бөҕөнү айаннаабыт, ыллаабыт-туойбут, улахан сыанаҕа тутуспутунан бииргэ тахсыбыт доҕотторбун кытта сибээспин быспаппын. Уолаттар бары этэҥҥэлэр, ыал буолан, үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Тус бэйэбэр, салгыы былааннаах үлэ күүтэр. Айар-тутар баҕа баһаам.
— Оччотугар эйигин аны элбэхтик көрөр, истэр буоллахпыт дии…
— Ити туһунан улаханнык саҥарбат ордук. Баҕа-дьулуур баар буоллаҕына, барыта та- быллыа.
— Эн ырыаларыҥ наҕыл- лар, сэмэйдэр, бытааннар. Сыанаҕа уобараһыҥ олус ро- мантичнай. Дьиҥнээх олох- хор эмиэ романтика быһа “сиэбит” киһитэҕин дуо?
— (Күлэр.) Майгы-сигили туһунан эттэххэ, боростуой киһибин. Сыанаҕа уобараһым дьиҥнээх олохпуттан улахан атына суох. Хайдах баарбынан сылдьабын.
— Дьэ, сааскы булт кэмэ чугаһаата. Төһө булчуккунуй?
— Оҕо эрдэхпиттэн таайбын Косиор Денисовиһы, төрөппүттэрбин, бииргэ төрөөбүттэрбин кытта дьиэ ис-тас үлэтигэр, окко-маска, сир аһыгар бары бииргэ сылдьар үтүө үгэстээхпит. Аҕам бултуур этэ гынан баран, үлэтэ ыарахан буолан, биһигини илдьэ сылдьыбат этэ. Уһуйарыгар бириэмэтэ суоҕа. Ол иһин улахан булчут буолбатахпын. Биирдэ эмэдьоммун кытары сынньана таарыйа балыктааччыбын.
— Киһи олох олорон истэҕин аайы толкуйдуура элбиир дииллэр. Эн бу орто дойдуга саамай тугу сыаналыыгыный?
— Мин олохпор буолбут, кэнэҕэски буолуохтаах түгэннэри хайдах баарынан ылынабын, сыаналыыбын, Дойдубун, ийэбин, аҕабын, оҕолорбун үрдүктүк тута- бын. Өссө биир киэн туттар киһим, таайым — Косиор Ефремов. Төһө да орто дойдут- тан күрэннэр, олорон ааспыт олоҕунан биһиэхэ үтүө холобур буолар. Таайым Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, өрөспүүбүлүкэ уонна ДьУоХХ бочуоттаах бэтэрээнэ этэ. Кини аатын сүгэрбиттэн үөрэбин.
— Уон сыл анараа өттүгэр “Эн ытаама кини туһуттан, хараҕыҥ уутун тоҕума” диэн ыллыыр уол, билигин төһө уларыйбыппын дии сананаҕыный?
— Урут эдэр, холостуой, олоххо саҥа үктэнэн эрэр киһи улахан романтик буоллаҕым дии. Оттон бириэмэ баран иһэр. Ыал буолар, төрөппүт аатын сүгэр кэмнэр үтүөлэрин, кэрэлэрин, олох ыарахаттарын, өйдөспөт буолууну, хомойууну, арахсыыны эппинэн-хааммынан билбит буоламмын, төттөрүтүн олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга үөрэнним. Олоҕу олус сыаналыыбын. Барыта санаа хоту табыллан иһиэн ыраланабын.
— Кэпсээниҥ иһин махтал!
Кэпсэттэ
Екатерина АФАНАСЬЕВА.
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: