Источник: Кыым. — 2019. — Муус устар 11 к. — С.12
Саамай ылланар ырыалары айбыта
Кулун тутар 27 күнүгэр СӨ Автономиятын уонна Төрүт сокуонун кунун бэлиэтээри олоробут. Онон сиэттэрэн биһиги, ырыа айааччылар, СӨ норуодунай артыыһын, өрөспүүбүлүкэбит култууратын, духуобунаһын бөдөҥ диэйэтэлин Аркадий Михайлович Алексеевы, бугун бу улахан бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн, дьоммут-сэргэбит иннигэр куен тутта кэпсээн ыларбыт тоҕоостоох дии саныыбыт.
Аркадий Алексеев, төһө да 82-с хаарыгар сырыттар, улэлиир-хамныыр, айар-тутар тэтимин ыһыктыбакка бары-бытыгар утуе холобур буолан, далааһыннаах дьайыытынан барыбытын кутугуната сылдьара санаабытын кынаттыыр, эрэлбитин элбэтэр… Норуотун иннигэр, чахчы даҕаны Ытык Киһи дэтэн, олус улахан суол- талаах. Холобур буолар олоҕу олорон кэллэ! Кини аатын кытта биһиги култуура, духуо- бунас, успуорт, суруналыыстыка, сиэр-майгы, ыччаты уһуйуу (наставничество), тэрийээччи, салайааччы (продюсерство) курдук араас хайысхаларга суду кылааты киллэриини ситимниибит. Биир киһи олоҕор сөҕүмэр элбэҕи оҥорон кэллэ.
Сахатын норуота кининэн киэн туттуоҕун туттар!
Бүгүн биһиги ити, атын улахан далааһыннаах үлэлэриттэн арааран, ырыа- тойук өттүгэр суолталаах олоҕун бэлиэтиэҕиҥ. Аркадий Михайлович 1956 сыллаах- ха, Майа орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, норуокка киэҥник биллэр «Тойбохой» диэн ырыатын айан кэбиспитэ. Онтон ыла, айбыт ырыалара барыта ылланан, уостан уоска бэриллэн тарҕанан барбыттара. Уопсайа 70-ча ырыаны айан-суруйан кэллэ буолан баран, ырыалара барыта ылланаллара, дьон-сэргэ хайа да түгэҥҥэ сурэхтэригэр, куттарыгар иҥэринэн санааларын аралдьытынан ыллыы-туойа, доҕор оҥосто сылдьаллара киһини сөхтөрөр! Хас да көлүөнэлэри тумэр, ситимниир, олоххо-дьаһахха, сиэргэ-майгыга уерэтэр олус суолталаах айымньылары айан кэллэ! Бугун, ол иһин үөрэн-көтөн туран, Аркадий Алексеев — саамай ылланар ырыалардаах ырыа айааччы диэн киэн тутта этэбит! Кини айымньыларын идэтийбит ырыаһыттар, омуннаабакка эттэххэ, бары кэриэтэ бэйэлэрин репертуардарыгар киллэринэн ыллыы-туойа сылдьаллар. Бу олус үрдүк көрдөрүү уонна Аркадий Михайлович ырыалара саха ырыатын классикатынан буолбуттарын туоһулуур!
1992 сылтан саҕалаан, утуу-субуу түөрт айар бөлөҕү тэрийэн, уһуйан, улэлэтэн кэллэ. Продюсер улэтэ диэн хайдах буолуохтааҕын бэйэтин улэтинэн холобур- даан кердерде. Бу улахан ситиһии буоларын бары бигэтик өйдүүбүт. Уһуйбут, такайбыт артыыстара бары өрөспүүбүлүкэҕэ биллэркестер, хас биирдиилэрэ туһунан суолу тэлинэр дьоһун дьон буола ууннулэр. Аркадий Алексеев Саха судаарысты- баннай эстрадатын тыйаа- тырын салалтата уларыйан, улэтин хайысхатын торум- нанан, саҥалыы тыыннанан ситиһиилэнэригэр туе бэйэтэ суурэн-кетен дьайыыта, хам- сатыыта олус улахан суолта- ламмыта.
Саха норуодунай бэйиэтэ Семен Данилов хоһоонугар суруйбут «Саха үҥкүүтэ” ырыата аан дойдуга тиийэ биһирэннэ. XX уйэ чулуу ырыатын аатын ылбыта, СӨ бастакы бэрэсидьиэнин гранын ылбыта. Эдэр сааһыгар тэрийбит «Эдэр саас» ыллыыр бөлөҕө дьон-сэргэ киэҥ биһирэбилин ылбыта. «Айан» квартета Бутун Сойуустааҕы көрүүгэ кыай- быта.
Кини кэнсиэр, тэлэбиидэнньэ элбэх бырайыагын оҥорон кэллэ. Сааһырдым диэбэккэ, сылын аайы саҥаттан саҥа идиэйэлэри олоххо киллэрэр. Көрдөрөр-иһитиннэрэр хам- паанньа кемус пуондатыгар киирбит, сахабыт айылҕатын харыстыыр, үүнэр келуенэлэри дойдуларын чел тутан хаалла- ралларыгар туһулуур, социаль- най хабааннаах 17 бэртээхэй киинэтэ норуот ортотугар олус урдуктук сыаналаналларын билэбит.
Онон, быйыл Сомоҕолоһуу сыла буоларынан, норуоту уонна уунэр келуенэлэри ситимниир дьоһуннаах улэтин суолтатын сыаналаан турам- мыт, сахатын дьонун-сэргэтин сүгүрүйүүтүн ылыан ылбыт, ытыктыыр киһибитин Аркадий Михайловиһы буолаары турар өрөспүүбүлүкэ күнүнэн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлиибит!
Дьиэ кэргэнигэр, туе бэйэ- тигэр туруктаах олоҕу баҕаран туран, этэҥҥэ эрэ буолууну туһаайабыт!
Доҕотторо — СӨ ырыа айааччылара
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: