г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Ил тумэн. — 2019. — Муус устар 26 к. — С. 22


Ойтон суруйууга куонкурус тумуктэрэ

Саха сирин парламенын бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев муус устар 21 к. Ил Тумэн 25 сылыгар анаммыт «Гражданин буолар эбээһинэстээхпин!» өйтөн суруйууга ку он куру с ус кыайыылааҕын кытта көрүстэ.
Бу көрсүһүүгэ парламент наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, со- нуну тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьы- алаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева, «Ил Түмэн» хаһыат кылаабынай редактора Наталья Попова уо.д.а. кытыннылар.
Куонкурус өрөспүүбүлүкэ пар- ламенауонна «Ил Түмэн» издатель- скай дьиэ тэрийиилэринэн, 2019 с. олунньу 15 күнүттэн муус устар 15 к. диэри ыытылынна.
Сыала-соруга: үөрэнэччилэр правовой билиилэрин таһымын үрдэтии, ыччакка олоххо көхтөөх сыһыаны үөскэтии уонна патри- оттуу өйү-санааны иитии. Айар куонкурус саастарынан икки бөлөҕүнэн уонна икки теманы хабан ыытылынна. Ол курдук, 9-11 кылаастарга «Мин сокуонум барыла — өрөспүүбүлүкэм сайды- ытыгар» уонна 5-8 кылаастарга «Мин сэлиэнньэм (бөһүөлэгим, куоратым) бүгүн уонна сарсын” темалар бэриллибиттэрэ.
Тэрээһин улахан интэриэһи тарта. Икки ый устатыгар өрөспүүбүкэ үгүс оройуоннарыт- тан уонна куораттарыттан 115 өйтөн суруйуу киирдэ.
«Куонкурус сыалын-сору- гун ситтэ. Кини кыттыылаах- тара гражданскай-быраап эй- гэтигэр көхтөөх сыһыаннарын көрдөрөллөрүн ааһан, правовой билиилэрин таһымын үрдэттилэр, уопсастыбаҕа, бэйэлэрин куо- раттарыгар, оройуоннарыгар, сэлиэнньэлэригэр ханнык сы- тыы суолталаах проблемалар баалларын быһаардылар. Саа- май суолталааҕа, кинилэр уустук боппуруоһу быһаарарга чопчу этиилээхтэр. Үөрэнээччилэр бэйэлэрин сокуону көҕүлээһиннэрин, сокуоҥҥа көннөрүүлэри кытта киллэрэллэр», — диэтэ «Ил Түмэн” хаһыат кылаабынай редактора Наталья Попова
Куонкурус I истиэпэннээх лауреаттарынан Сунтаар поли- техническай лицей-интернатын 10 Б кылааһын үөрэнээччилэрэ Семен Иванов уонна Жанна Иванова, ону сэргэ Дьокуускай куорат национальнай гимназия- тын «Айыы кыһата» 7 кылааһын үөрэнээччитэ Вера Винокурова буоллулар. Бу оҕолор куонкурус кыайыылаахтарынан билинил- лэн, Бүтүн Россиятааҕы «Океан» оҕо киинигэр путевкаларынан наҕараадаланнылар. Кинилэр «Россия — территория возможностей» симиэнэҕэ сынньаналлар.
Жюри II истиэпэннээх лауре- аттарынан Уус-Маайа улууһуттан Петропавловскай орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Полина Пинигинаны, Анаабыр национальнай долган-эбэҥки улууһуттан Үрүҥ Хайа орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Василий Егоровы, Дьокуускайтан национальнай гимназия «Айыыкыһата» 10 кылааһын үөрэнээччитэ Анна Софронованы ааттаата.
III истиэпэннээх лауреаттарынан Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолатыттан Антон Алексеев, Амма улууһуттан Чакыр орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Николай Никифоров, ҮөһээБүлүүБоотулу орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ Виктория Золотарева буоллулар.
II уонна III истиэпэннээх лауре- аттар «Сосновый бор» оҕону сын- ньатар уонна чэбдигирдэр киинтгэ алтынньыга,сэтинньигэ «Дорогою добра» симиэнэҕэ путевкаларынан наҕараадаланаллар.
I истиэпэннээх дипломнары Дьокуускайтан 26 №-дээх оскуола 6 Д кылааһын үөрэнээччитэ Алина Макарова, Бүлүү улууһуттан МАлексеев аатынан Баппаҕаайы орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Вадим Оленов, А.Г. Чикачев аатынан Чокурдаах орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Лаура Суздале ва, Ф.Г. Охлопков аатынан Майаорто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Алина Романова, II истиэпэннээх диплому Н.С. Охлопков аатынан Нам гимназиятын 10 «б» кылааһын үөрэнээччитэ Александр Бочкарев, Чокурдаах орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Сергей Черемкин, Алдан гимназиятын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Дарий Косимов тутуохтара. III истиэпэннээх дипломанынан Уус Маайа улууһун Петропавловскай оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Игорь Прокопьев, Горнай Бэрдьигэстээҕин улуустааҕы гимназиятын 6 кы- лааһын үөрэнээччитэ Антон Романов, Күөрэлээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Мирослав Николаев буоллулар. Дипломаннар биһирэбил бириисгэри ылыахтара. Бары кыттыылаахтарга сертифи- каттар туттарыллыахтара.
Муус устар 21 к. куонкурус кыайыылаахтара Жанна Иванова, Вера Винокурова уонна Семен Иванов Ил Түмэҥҥэ ыҥырыллан, парламент дьиэтин, музейы, Ил Түмэн 25 сылыгар анаммыт бы- ыстапканы көрдүлэр. Оҕолор сокуону таһаарар уорган үлэтин кытта билистилэр, пленарнай мунньах ыытыллар саалатыгар сырыттылар.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин кабинетыгар спикер Петр Гоголев парламент туһунан кэпсээ- тэ, оҕолор бэйэлэрин үлэлэрин билиһиннэрдилэр.
Жанна Иванова ааҕарынан,
РФ Холуобунай кодексын 150 ыст. 4 ч. баар нуорматэрээһиннээх буруйу оҥорууну утары охсуһуу сорукта- рыгар толору сөп түбэспэт. Ол курдук, буруйу оҥорбут бөлөххө биир- диилээн улаатан эрэр оҕолору эрэ тардыы иһин эппиэтинэс көрүллэр. Улахан дьон буруйу онорууга ыч- чат бөлөхтөрүн туһаналларын иһин эппиэтинэстэрэ олохтоммо- тох. Үөрэнээччи кыыс санаатьшан, РФ ХК 150 ыст. сокуоннай сааста- рын туола иликоҕолор бөлөхгөрүн буруйу онорууга тардыы иһин үрдэтиллибит эппиэтинэс, чуола- ан, ити дьыала иһин 7-10 сылга диэри көҥүлү быһар туһунан эбии киириэхтээх Жанна кэлин юрист буолар итиэннэ сокуоннай сааста- рын туола иликтэр дьыалаларыгар хамыыһыйаҕа үлэлиир баҕалаах.
Семен Иванов бэйэтин суруй- уутугар Сунтаардааҕы лицей-интернат холобуругар Саха сиригэр политехническай үөрэхтээһини сайыннарыыга кэрэхсэбиллэ- эх санаалары эппит. Бүгүҥҥү күҥҥэ лицейгэ ыччаты идэҕэ бэлэмнээһиҥҥэ 11 анал куурус үлэлиир: тимиртэн, мастан, туосган уус-уран оҥоһуҥгарга, керамикаҕа, ювелирнай дьыалаҕа уо.д.а.
Семен математическай, есте- ственнэй-научнай үөрэх хаачы- стыбата намтаабытыгар, үрдүк квалификациялаах учууталлар тиийбэттэригэр, о.да болҕомтону тардар. Кини быстыбат политехническай үөрэхтээһин моделын олоххо киллэрэргэ этии оҥорбут.
«Мин албын-көлдьүн, буруйу оноруу уонна дьадайыы суох, кул- туура үгэстэрэ харыстаныллар, но- руот сомоҕолоһуута, түмсүүтэ баар куоратыгар олоруохпун баҕарабын. Дьон тулабар өрүү мичээрдии сыл- дьыахтарын уонна төрөөбүт кыра- айдарыгар дьоллоохтук олоруох- тарын, Ийэ дойдуларын быраҕан туора сиргэ олорор туһунан тол- куйдаамыахтарын баҕарабьш», — диэн 7 кылаас үөрэнээччитэ Вера Винокурова суруйбут.
Кини эдэр көлүөнэ төрөөбүт тылынан саҥарбатыгар, ордук нуучча тылыгар охтубутугар, он- тон сылтаан ийэ тыл мөлтүүрүгэр болҕомтонутардар. Маннадаҕатан эттэххэ, улуустарга саха оскуолаты- гар үөрэнээччилэр бу куонкуруска төрөөбүт тылларынан суруйуулара элбэҕэ суох. Дьинэр, куонкурус икки тыльшан ыытыллыбыта. Ин- никитин саха тылын учууталлара оҕолор көхтөөхгүк кытталларыгар болҕомтолорун ууруохтарын наада дии саныыбьгг.
Өйтөн суруйууга куонкурус кыайыылаахтарыгар Петр Гоголев ситиһиилэри, былааннара олоххо киирэллэригэр уонна баҕа санаала- ра туолалларыгар баҕарда.
Көрсүһүүгэ кыттыбатах ла- уреаттары уонна дипломаннары наҕараадалааһын муус устар 30 к. буолуоҕа
Ил Тумэн пресс- сулууспатын матырыйаалынан



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: