Источник: Туймаада. — 2019. — Ыам ыйын 2 к. — С. 7
Сиэрдээх кириитикэ баар буолуо дуо?
Кириитикэ сойууһун тэрийиэххэ диэн этии киир- дэ. Дьиҥэр орто оломо булул- лубут, сиэрдээх кириитикэ наада этэ. Онто суох суруйар ЭЙГЭ5Э аҥаардас хайҕалынан ханна ыраатыаҕай? Театр эй- гэтигэр арайын эрэ Шекспи- ри кытта “доҕордоһорбут”.
Ыччат өиүн-санаатын ытыйыы муода буо- лан эрэр. Эстрадаҕа даҕаны дьоҕура суох буолан баран хар- са суоҕунан киирэн былааһы ылар түгэн үксээтэ. Ити барыта Кириитикэ сойууһун чилиэннэ- ригэр буолбакка, дьиҥнээх кириитикэ (кириитиктэр) баар бу- олалларын олох ирдиир.
Кириитикэ диэни С.И.Ожегов тылдьытыгар “1. Обсуждение, разбор с целью вынести оценку. 2. Отрицательное суждение о чём-нибудь, указание недостатков” диэн быһаарар. Мантан критикан, критиканствовать, критиковать, критицизм, критический, критичный диэннэр тахсыбыттар.
Кириитикэни куолуну кытта сэргэстэһиннэриэххэ себе дуу. Үерэхтээхтэр куолуну үтүе суолтаҕа туруораллар уонна уерэх кинигэтигэр бэрт эрдэт- тэн куолулуурга уһуйбутунан ба- раллар.
Куолу диэн тылы Г.Ф.Сивцев тылдьытыгар “Тугу эмэ он- нук буолуохтаах диэн ты- лынан быһааран саҥарыы, ейдееҕүмсүйүү” диэн быһаарар.
1994 с. Быһаарыылаах тыл- дьыкка “Тугу эмэ ейгунэн тойон- ноон быһаар” диэн буолбут.
Э.К.Пекарскай тылдьытыгар куолу диэни “Предписание, инструкция, повеление, право, способ,средство,обыкновение,обычай (ср. быһыы-майгы), обряд, установление, постановление, правило, закон, порядок, собранность” диэн быһаарар. Салгыы куолуһут диэни “1. Заложник, следующий обычаям, правилам, порядкам. 2. Знаток права,адвокат. 3. Человек, выставляющий себя за знающего обычаи, порядок, правила” диир. Таһыттан кердеххе судургу буолар эбит эрээри, иһигэр киирдэххэ бука уустуктардаах буолуо ээ.
1971 с. СГУ-га киирэн уерэнэн эрдэххэ, ол айдаанна- ах мунньах буолбутун сипсийэн кэпсииллэрэ. “М.Алексеев диэн ТЛИ үлэһитэ суруйааччылары дэлби кириитикэлээбит үһү”, — диэн. Кэлинучууталлар кууруста-
рыгар ол дакылааты оҥорбут киһини ыҥыран керсүһүү тэрий- биттэрэ. Ол быһыы-майгы хайдах буолбутун ааптар бэйэтинэн быһааран кэпсээбитэ. Ытыс саҕа кинигэтин түҥэппитэ. Ки- нигэ аата: Дапсы “Сүр тостуба- тын” Я. — 1992 с. Дьэ хайдаҕый? Дьиҥ-уус кырдьыгы 23 сыл буолан баран билэр диэн? Оттон билиҥҥи үерэхтээх ыччат бу да- кылаат туһунан тугу эмэ билэрэ ДУУ.суоҕа дуу?..
Билигин кириитикэ долгуна аҕырымнаан турар. Ааты- гар эрэ ынах салаабытын курдук ньалҕархай, оҕону тебетүн имэ- рийэр кэриэтэ хайҕааһын. Оттон, арай, бу долгун тиллэн, күүрэн, теле селлен турдун? Эмиэ тура- тура бэйэ-бэйэни харыстаспак- ка,хайдыһа-хайдыһа белехтеһен ырыта тыытыһыы, эккирэтиһии- сойуолаһыы тураарай? Биһиги сахалар орто кээмэйи тутуһар кэмнэрдээх этибит дуо? Улуу Кудаҥса уот сиэмэтин күедьүтэн үрэн сирилэтээччилэр ханна барбыт үһүлэр (билигин даҕаны).
Улуу Горькай кириитикэни себүлээбэтэ үһү дииллэр ээ. Ол кини “Миигин кириитикэли- эхтэрэ” диэн буолбакка, “Эһиги тоҕо бэйэ-бэйэҕитин харыстас- паккытый?” диирэ үһү.
Мунньустан олорон үгүстүк кэпсэтиэххэ.
Кырдьаҕастары истиэххэ баара. Н.Н.Тобуруокаптуох диирэ буолла?
Мин санаабар аныгы кириитикэни таһаарыах иннинэ: литературнай түмсүүлэринэн, суруйааччылар мунньахтары- нан, араас тэрээһининэн кириитикэ култууратын этикиэтин үерэтиэххэ, быһаарыахха баар этэ (ол эбэтэр ааҕан кере-кере сиргэ силлээһин тохтуо суоҕа).
Билиҥҥи суруиааччылар айымньыларын ырытарга наадыйбаттара кэлиэ дуо? Хо- мойуох иһин оннук кириитикэтэ суох ырытыылар сэдэхтик тах- саллар. Таҕыстахтарына даҕаны хайҕааһын буолар. Айымньы- лары ырытыы элбиэх тустаах. Биирдэ эмэ хайҕала суох ыры- тыыны киллэрдэххэ редактор “Ырытыы диэн маннык буолуохтаах” диир. Уонна бэчээттээбэт. “Тоҕо бэчээттээбэккин?” — ди- этэххэ: “Кириитикэтэ суох дии”, — диир. Ол аата мин айымньы- га сыыһаны-халтыны булбуппун эрээри, “сиэбэтэх”, ааптары сууһарбатах эбиппин… Оттон
мин ол ааптары “сиэн-аһаан” ейүм тотуохтаах дуу, аатым-су- олум үрдүехтээх эбитэ дуу… Оттон кеме бэрээдэгинэн айым- ньы тылын-еһүн сыыһатын ыйа- рым кириитикэ буолбатах үһү.
Кириитикэ устуоруйатын уерэтиэххэ баара. 1971 с. тохсунньутааҕы Дапсы дакы- лаатын үерэх туттуохха, анкета- ны (оччотооҕуну) толорторон билиҥҥи суруйааччыны үтэн- анньан керуеххэ. Алые кеҥдей буолбатахтарына эппиэттэһэн кердуннэр ээ. Суруйааччылар (3 киһиттэн ураты) бу дакылаат- тан (кириитикэттэн буолбатах) ТОҔО еһүргэннилэр? Манна кэ- лэн Дапсы ытыс саҕа кинигэтэ уерэх кинигэтэ (учуобунньук) бу- олуох тустаах.
Итини санаан туран, сиэрдээх кириитикэ оҥкула оҥоһуллубатаҕына, киниэхэ чилиэн буолан, аатын-суолун урдэтээччи элбиэҕэ (билигин чилиэн буоларга баҕалаах эрэ баһаам). Оо! Арах! Ол ааспыт сахтар меккуердэрэ менурээбэттэр ханнык!
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: