г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Кыым. — 2019. — Ыам ыйын 1 к. — С. 37


Оһуокай туһунан санааларым

Киһи барыта ону бэркэ билэн-көрөн олороро буолуодии саныыбын. Куораппыт ыһыаҕар, өрөспүүбүлукэҕэ ыытыллар тэрээһиннэргэ, араас бырааһынньыктарга хайдах курдук туҥ-таҥ үктэнэн, тиэрэ-маары дайба-нан оһуокайдыырбытын… Биир бэйэм ону көрө-көрө санаам хараастар. “Өбүгэлэрбит барахсаттар оһуокай курдук суду үҥкүүнү айан, кэлэр көлүөнэлэргэ кэриэс гынан хааллар-быттарын биһиги билиҥҥэ диэри өйбүтүнэн-сүрэхпитинэн ситэ ылына иликпит дуу, тугуй?” — дии саныыбын. Ааһа түһэн эттэххэ, оһуокай тылын хатылаһааччы букатын аҕыйах буолар. Дьон үксэ иҥнэл-таҥнал, түҥ-таҥ үктэһэн хаамар эрэ. Арай, хас биир-дии киһи барыта күргүөмүнэн киирэн ыллаһара, хаамыытын дьүөрэлээн үктэнэрэ буолар дэлэлээх кэрэ уон-на күүстээх, эньиэргийэлээх көстүү буолуо этэй! Ама, атын дьону кытта хаамыыны дьүөрэлиир туох уустуктаах

буолуой. Оччоҕо ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар төһөлөөх асты-нан, сөҕөн-махтайан барыах, бэйэбит куппут-сүрбүт төһөлөөх бөҕөргүөх эти-лэрий! Өскөтун дьон тылы хатылыы-рын оннук ыарырҕатар буоллаҕына, ыһыах иннинэ оһуокай тылын хаһыакка бэчээттээн, араадьыйанан-тэлэбиисэ-ринэн тарҕатыахха сөп этэ.

Биһиги оһуокайбыт курдук элбэх киһини түмэр күргүөмнээх үҥкүү атын ханнык да омукка баарын көрбөппүн. Оттон кимиэхэ да майгыннаабатын, уратытын туһунан этэ да барыллыбат. Онон оһуокайбыт суолтатын дириҥник өйдүүр, үөһээҥҥи айыыларбытыгар ыттар үктэли оҥостор, инник сайдыы аартыктарын өрө дабайар Үрүҥ Күн оҕолоро буолуоҕуҥ!

Дом!

Мария ПРОТОПОПОВА



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: