г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Киин куорат. — 2019. — Ыам ыйын 23 к. — С. 18


Доһун-мааны Емельянов

Тыйаатыр сылынан күндү артыыстарбытын ахтан-са-наан ааһыаххайыҥ эрэ. 1983 сыл кыһыныгар Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх педучилищеҕа «Силис» литературнай куруһуокпар, оччотооҕу Саха драмтеатрын дириэктэрэ Степан Иннокентьевич Емельянов күндү-мааны ыалдьыт буолбута.

Тиийэн ыҥырарбын кытта, болдьоммут бириэмэҕэ бу тиийэн кэлбитэ. Артыыс буолан ыпсаран-хопсорон, хомоҕой тылы-нан кэпсиирэ элбэх, толору аудиторияны тута бэйэтин эйгэтигэр ыксары ылбыта. 1981 сыллаахха ыам ыйыгар Москва, Ульяновскай куораттарга ыытыллыбыт «Саха литературатын уонна искусствотын» күннэригэр салайааччынан сылдьыбы-тын тоҕо — хоро ахтыбыта. Биһиги тэҥҥэ сылдьыбыт саҕа санаммыппыт, ол курдук сиһилии, ис хоһоонноохтук кэпсиир этэ. Онтон «Срочно… Секретно… Губчека…» киинэҕэ орнньообутун кэпсээһинэ, бэйэтэ туспа остуоруйа дойдутугар баран кэлии курдуга. Саха сирин бары муннугуттан мустан үөрэнэ кэлбит кыргыттар барах-саттар олус сэҥээрэ истибиттэрэ. Улахан киинэҕэ оонньообут артыыһы илэ бэйэтин көрүү-истии бириэмэтигэр эмиэ сонун түгэн этэ. «Оруолум таптаһыылаах буол-лун”, — диэбитин, режиссёр сөбүлэспэтэх. Киинэбит саха норуота киинэ түспүт Хаҥалас улууһун киинигэр Покровскайга, саха бүтэһик үрүҥ ойууна Эргис олоро сылдьыбыт сиригэр уһуллубут. Каадырга киирбит күндү түүлээҕинэн хаалаабыт ыскылааттара бу соторутааҥҥа дылы өрүс үрдүн диэки турбута. Кыраһыабай, хатыламмат кэрэ айылҕалаах, аламаҕай дьонноох үчүгэй сири таба тайанан киинэ оҥорон-үйэтиппиттэрин хайгыыбын
Емельянов
Степан Иннокентьевич «Семён Дежнёв» киинэҕэ уһулла бараары сылдьарын эп-питигэр, бары сэҥээрэн харахпыт уоттана түспүтэ. Москваҕа үөрэммит сылларын, театрын олоҕун — дьаһаҕын кэпсиирэ. Куруһуок альбомугар олус кыраһыабай тэҥ буочарынан маннык тыллары суруйан ха-алларбыта. «Дорогие девушки! Желаю вам счастья в жизни, удачи в груде и здоровья. Пусть у вас всех будет долгая счастливая жизнь. Жизнь очень заманчивая вещь, проживите активно, насыщенно. Вперёд в бой!». 36 сыл уу сүүрүгүн курдук түргэнник устан ааспытын кэннэ, ити чаҕылхай көрсүһүүнү ахтан-санаан аастахха итин-ник.
Анна Козлова, Дьокуускай куорат



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: