г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Саха сирэ. — 2019. — Ыам ыйын 23 к. — С. 19


«КЭБИҺИИЛЭЭХ ОТ» ХАРТЫЫНА
Национальнай худо-жественнай мусуойга Михаил Старостин хар-тыыналарын «Времена года — времена жизни» быыстапката буолан ааста. Бүтүн аан дойду-га биллэр, талааннаах, ураты буочардаах худу-оһунньук сана улэлэрин куутэр, кини талааныгар сугуруйэр дьон юккэтэ Саха сиригэр сыллата хаҥаан иһэр чинчилээх. Ол курдук, худуоһунньук айар улэтин умсугутар, дьиктиргэтэр, кэрэхсэтэр оруттэрэ элбиир, кы-рааскатын күүһэ-уоҕа төлөннүрэр, киистэтин суола уустугурар.

Бииртэн биир киһи болҕомто-тун тардар хартыыналары аа-дьуо астына көрөн иһэҕин. Кэнники үлэлэриттэн «Марха», «Импровизация» сериялара киһи дууһатын үүйэ-хаайа тутан элбэҕи толкуйдаталлар. Дьахтар тиэмэтэ худуоһунньук үлэлэри-гэр балачча киирбитэ айааччы айымньыларыгар саҥа сүүрээн киирбитин курдук көстөр. Михаил Старостины «хоту дойду киһитин ырыаһытынан» ылынал-лар уонна билинэллэр. Кини үл-элэригэр Хоту дойду, аатырбыт балыксыт, булчут, буойун, эр киһи туһунан араас дьүһүйүүлэрэ улахан кэрэхсэбили ылаллар. Худуоһунньук ураты толкуйа, үгэргээһинэ, олоҥхолуу омуна хартыыналарын сылаас сырдык тыынныыллар. Хоту дойду уонна дьаабылыка, балыксыт уонна апельсин курдук дьүөрэлэспэт өйдөбүллэр дириҥ ис хоһоо-ну үөскэтэллэр. Хас биирдии хартыынаҕа Хоту дойду дьонун айылҕа тымныынан тыынар, кыһынынан бохсуруйар алдьа-тыылаах күүһүн утары дьулуур-даах-тулуурдаах майгыта, олох иһин охсуһуута олус мындыр-дык, кэрэтик туойуллар. Дьиктитэ диэн баар — олох чахчытын сым-саппакка, киһи санаатын көтөҕөр үөрүүнү чаҕылхайа да суох өҥүнэн сатаан биэрэр кыахтаах.
Худуоһунньук хартыыналара аан дойдуну бөлүһүөктүү анаарар уус-уран номохтор кэриэтэлэр.

Улахан болотуналар ортоло-ругар «Кэбиһиилээх от» хартыы-на дьоҕус эрээри ураты сырдык сыдьаайынан тыган турар эбит. Эчи кэрэтин.эчи дьиктитин! Олох курдук хаттыгастанан кэбиһил-либит от киһи сүрэҕин ортоту-нан киирэн, мэйиигэ охсор сүдү күүстээх. Тыый, биһиги олохпут устуоруйата бу кэбиһиилээх оту-нан дириҥник да туойуллар эбит!

Да гд а5ар да буолбатах, логлоҕор да буолбатах, кэлтэй-бэтэх да5аны, саха санаатын курдук бастыҥ түстээччинэн лаглаччы кэбиһиллибит от. Кы-тыыта ардахтан-тыалтан ха-рыстанар курдук хараҥатыҥы дьураа күрүөлээх. Иккис дьураа сайыны санатардыы от күөҕэ дуй. Ортото күн өҥүнүү күлүмүрдүү тыгар. Оо, ити саһархай от кыы-рпахтара — талааннаах илии ки-истэтинэн «өрүллүбүт» куруһу-балыы кэрэхсэбиллээх оһуордар. Манна туран Модильяни аатырбыт суккуруур сурааһыннарын санаан кэлэҕин. Ити синньигэс от салаалара кыраасканан туо-ра-маары суол түһэрэн тардыл-лыбыттара көпсөркөй көстүүнү биэрэр. Одуулаан истэҕиҥ аайы сыдьаайар сырдыга күүһүрэн иһэргэ дылы. Онуоха хартыы-на араамата кэҥээн, саха олоҕо бүүс-бүтүннүү көстөн кэлиэх курдук. Оччоҕо кэбиһиилээх от ба-
лаҕан дьиэҕэ ортото оттуллубут көмүлүөк сылаас уотугар кубу-луйарга дылы.

Оттон эн бэйэҥ өйгөр от кэ-мин араас хартыыналара су-буруһа усталлар. О50 сылдьан сайын уһун да буолара. Ту-рар-турбат от үлэтигэр турунара. Улаатан истэҕиҥ аайы сайыҥҥы күннэр былдьаһыктаах буолал-лар. Сайыҥҥы үлэ лааҕырыгар от кэбиһиитигэр бугул түгэҕин харбыы сылдьан кыраабылга өйөнөн ыллахха, улахан сэмэ-ҕэ тардылларыҥ. Ол курдук, кэ-биһии үлэтэ от охсордооҕор, хар-быырдааҕар биэтэккэ тиксэрэр саамай эппитинэстээх кэм буолара. Хас биирдии кэбиһиилээх от турдаҕына, сылайбытыҥ кыт-та ааһар үөрүүтэ кэтэһиилээх сөрүүн салгын буолан түөскүн толору киэптиирэ. Уһун кыһыны туоруурга эрэл эбиллэр, үчүгэй олох туһунан санааҥ кынатта-нар түгэнэ. Угут сыл от кэбиһэр эрэй эҥээрдээх буолара. Ийэм барахсан кэбиспит отун ыһан куурдарын, күн аайы сылайары аахсыбакка, күрүөҕэ сырыынньа-лыы ууруллубут хаптаһын маска отун тэлгэтэрин, онтун кэлэ-бара субу-субу көбүтэрин саныыбын. Оттон үчүгэй от таҕыстаҕына, ис-иһиттэн үөрэрэ. Тыа сиригэр үчүгэй түсчүттэр, кыдамаһыттар маастар кэриэтэ улаханнык уба-астаналлара, үтүө сурахтаналла-ра.

«Кэбиһиилээх от» хартыына
билиҥҥи кэмҥэ урукку дьоллоох кэмнэр тустарынан ахтылҕан-наах санаалары сэргэ кэлэр кэм туһунан долгутуулаах, хайдах эрэ хараастыылаах санньыары үөскэтэр. Сылгы-сүөһү ахсаана аччаата, тыа дьоно сүөһүнү иип-пэт буоллулар диэн сэбиэскэй кэм ЭСТИЭ5ИТТЭН аймаммыппыт ыраатта да, үйэни уҥуордуур олохтоох оҥкулбутун билигин да була иликпит. Былыргы сахалар өлүү үүтүн сүөһүнэн үтэйэллэрэ диэн мындыр үгэһи билэбит. Ол аата эстэр суолтан иитэр сүөһү эрэ быыһыыр буоллаҕа. Оттон эстэр ыал сүөһүтэ кэйсиик буо-лар дииллэрэ үйэлээх тыыннаах хаалар дьарыкпытын аахай-баппытын уот харахха этэр. От үлэтин үөрүйэҕин билиҥҥи реклама, бырайыагынан үбүлэнии сайдыбыт кэмигэр сөп түбэһин-нэрэн ыччакка тарҕатан, кэ-биһиилээх от үөрүүтүн биллэрэр буоллар, хамсааһын тахсыа этэ буоллаҕа. Өйдүүрүн өйдүүбүт буолан баран, хамсаныахпытын тоҕо эрэ ким эрэ.туох эрэ мэһэй-диир, бопсор курдук, өрүү кимтэн эрэ туохтан эрэ тутулуктанар курдукпут.

Дьиҥэр, кылгас сайын күөҕэр умсар, быйаҥы сомсор, үлэ үөрүүтүн билэр — сахаҕа дьиҥнээх дьол. Ол иһин «Кэ-биһиилээх от» уйгулаах олох гимнин кэриэтэ.

Надежда ОСИПОВА.



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: