г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Забота. Арчы. — 2019. — Бэс ыйын 27 к. — С. 11, 14


Эҥсиэли хочото Олоҥхо ыһыаҕын уруйдаата

Намылыйар налыы сыһыылардаах, талыы талба хонуулардаах, эҥсилгэннээх Эҥсиэли хочотутар айыл^аттан этигэн, чуор куоластаах, талааннаах олоҥхоһуттар төрөөн-үөскээн, уутуйан олорбуттара, Саха сирэ киэн туттар үгүс сүдү худуоһунньуктара, талба талааннаах Саха төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьар ДЬОН кынат анньынан тахсыбыттара.

Бэс ыйын 19-21 күннэригэр Нам улууһун киинигэр республикатааҕы XIII Олоҥхо ыһыаҕа ньиргийэн ааста. Адьас эрдэттэн бэлэмнэнэннэр, намнар бу улахан тэрээһини үрдүк таһымҥа ыыппыттарын туһунан сылдьыбыт эрэ киһи бары бэлиэтээбиттэрин иһиттэххит, аахтаххыт буолуо.

Олоҥхо түһүлгэтин кыайыылаахтара

Былыр биһиги өб\тэлэрбит уһун кыһыҥҥы киэһэлэри остуор^’йалаЬан, олоҥхолоһон атаараллара дииллэринии, дьэ бу улахан ыһыах иннинээҕи күнүттэн 0Л01ТХ0 күрэҕэр кытта кэлбит дьону истин саҕаламмыт. “Сүгүф^т^эбит,                ытыктыы-

быт, Улуу Олоҥхобут!” диэы республикатааҕы олоҥхоһуттар к\рэхтэрэ биирдиилээн толорооччуларга, оҕолорго, бэриллибит тиэмэнэн, бөлөҕүнэн толорууга диэн ирдэбиллээх ыытылынна. Онон ураһаҕа уонна хас да балаҕанынан тэҥинэн саха ул}7 айымньытьга — Олоҥхон}’ иһиттибит. Сахабыт сирин араас улуустарьптан уһуйаан иитиллээччилэриттэн саҕалаан ьҥык саастаах олоҥхоһутгарга тиийэ араас саастаах элбэх ыалдьыт бу күрэххэ бэйэтин холонон көрдө. Оҕолорго, ыччат дьоҥҥо, аҕа саастаахтарга, олоҥхону бөлөҕүнэн толорууга диэн критерийдэринэн тү^өрт дьүүлл^^ф сүбэ үлэлээтэ. Кинилэр истэригэр олоҥхоҕо уһуйааччылар, фольклор, төрүт культура специалистара, биллиилээх педагог-маастардар бааллар. Итини таһынан, конкурс кыттааччыта сэрэбиэй тардан, тиэмэтин тута онно көрөөт, биир мүнүүтэ йшпр “тута хоһуйуутугар” бэһис номинация олохтоммзта.

Сырылатан-сырбатан олус куйаас күннэр тураннар, били сөрүүн балаҕаммыт салгьша итиинэн эрэ илгийэн, буһуухатыы, оннооҕор биһиги истээччи дьон, өрө сапсына олордубут. Манна кэтээн көрдөхпүнэ, быйылгы ыһыахха ордук оҕо, ыччат дьон олоҥхо күрэҕэр кытгыыта биллэ эбиллибит. Ол аата, биһиги омук быһыытьшан төрүт үтэстэрбитигэр, сиэрбитигэр-туоммутугар, төрүт культурабытыгар чуг^аан, төннөн истэхпит диэн киһи иһигэр үөрэ саныыр. Үс күннээх түүн устата араас улуустартан, куоратгартан, оҕотутган кырдьаҕа11ыгар тиийэ уопсайа 400-тэн тахса олоҥхону толорооччу ыһыах тэрээһинин сүрүн түһүлгэгин төрүтгээтэ. Олоҥхону толоруу биир соҥун түһүмэҕинэн тута хоһуйуу буолла. Манна Дьокуускайтан, Мэнэ-

Хаҥаластан, Намтан, Чурапчыттан, Уус-Алдантан 35-тэн91-гэр диэрп саастаах араас көлүөнэ олонхоһуттар, олоҥхону толорооччулар кытыннылар.

Түмүккэ, Олоҥхоһутгар республикатааҕы куонк>т)устарын кылаан кыайыылааҕынан олоҥхоһ>т Константин Никонович Тихонов уһуйуллааччыта. Нам Көбөкөнүттэн төрүттээх, П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтин фольклорга сүрүл1нүүр специалиһа, “Дьырылыатта” оҕо фольклорнай бөлөҕүн салайааччыта Лена Маркова тахсан, “Колми” тэрилтэ (салайааччы Н. Румян¬цев) олохтообут “Уаз-Патриот» массыынатын хаһаайкатынан буолла. Лена Константинов¬на төрүт культура сайдарыгар, Нам улууһугар элбэх ыччаты саха фольклорун кистэлэҥин арыйыыга, саҥа талааннары таһаарыыга күүскэ үлэлэһэр дьонтон биирдэстэрэ эбит.

Оттон эдэр толорооччуларга Түбэттэн билигин олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччьпынан үлэлиир Петр Попов бастаан, кыайыы өрөгөйүн бил¬лэ.

Оҕолорго биирдиилээн то-лорууга Амма Бөтүҥүттэн На¬стя Барабанова (сал. А.Д. Софронова) 1 степенюэх лауреат үрдүк аатын ылла. Уус-Аддан Лөгөйүттэн Диана Петухова (сал. З.П. Лугинова) 2 степеннээх лауреат, Нам ‘улууһутган Виталий Сивцев (сал. Е.К. Ива-нова) 3 степеннээх лауреат бу-олла. Кыайыылаахтар харчынан бириэмийэни, дипломнары туттулар уонна оҕо сьганьалаҥын лааҕырдар1лгар путевкалар хаһаайыннарынан буоллулар.

Ньурба улууһун Антоновкатытган Т.Ф. Федорова салайааччылаах “Кулан уоланнара” олоҥхону толорооччулар бөлөхтөрө кыттыбытын сэргии кердүм уонна быйылгы улахан тэрээһинтэн туох санаалаахтарын, ситиһиилээхтэрин ыйытгым. Тамара Федоров¬на 8-с, 9-с 10-с кылаастарга үөрэнэр уон уолу кытыннара аҕалбыт.

Былыр-былыргыттан сахаларга эр киһини өрө тутар, эр киһи дьиэ кэргэнин сүрүн иитээччитинэн, булааччыты-

нан-талааччытынан буолара.

Онон дьиэ кэргэитгэ аҕа, иитээч-

чи. хаһаайын эрэ быһыытынан

буолбакка, өрүү инники күөтгэ

сылдьар халынг хаххабыт, суон

■ дурдабыт, көмүскэтэр дьолшу’

тунан эр дьои буолаллар. Биһиги

бьшьтгы Олоҥхо ыһыаҕар

олохтоох дьаһштабыт уонна

‘‘Сэттэ» тутуу тэрилтэтэ

суолбутун-иисттин, айаммы-

тыи аюнсордаан, кыттар чиэ-

скэ тиксэи турабыт. Түгэнинэн

туһанан, киншэргэ барҕа мах-

талбытын биллэрэбит. Уолат-

тарым ологгхону бөлөҕүнэн то-

лоруу’га үһүс миэстэ:^ тахсан,

15000 уу харчынан бирииһи туттулар. 2013 сыллаахтан уолаттары ОЛОЮСОҔО уһуйуунан дьарыктанабын. Уачаттар, эр дьон олоҥхолуура көрөргө да, истэргэ да астык. Киһи олонхону уратытык ылынар дии саныыбын. Тэрийээччилэр бөлөҕүнэн толору)> күрэҕин мин уһуйуллааччыларым толорууларыгар Гаврил Дуякое «Кыыс Дьуурайа» олонхонон саҕалаабыттара, биһиэхэ үс бүк этиэтинэһи сүктэрдэ. Итини таһынан, биирдиилээн толо¬рооччулар күрэхтэригэр Андрей Иванов “Хоруга Боотур ”. Дьулус Антонов “КүнКүбээдьэ»,Өркен Мартынов “Күн Күндүлү”, Вася Егоров Сергей Борогонскай “Батастаан Баатыр бухатыыр» олоихоттон толорд)тар.

Олонхо оҕо өйүгэрсанаатыгар, сайдыытыгар оруола сүниэн. Куруһуогум уолаттара үөрэхтэригэр, спорка бары ситиһиилээхтэр. Дуоспуруннаах. эппиэтинэстээх буоларга, өй үлэтэ түргэнник ыпыныытыгар, суокка, ааҕыыга туһата хара баһаам. Ханна да сычдьан, олокхолорун хатылыы, чиҥэтэн үөрэтэ сылдьар буолаллар.

Республикатааҕы XIU Олонхо ыһыаҕын Нам сирин дьоносэргэтэ олус турунан, түмсэн туран тэрийбиттэрэ тута көстөр. Сахабыт Олоҥхотун аар-саарга аатырда, кижэйгэ^ таһааран иһиэҕиҥ, диэн санаатын үллэһиннэ ыраах күөх Ньурба сириттэн анаан, ааттаан уолаттарын кытыннара кэлбит Тамара Федорова.

Кус быһыйдар,

быыппастар

былчыҥнаахтар

Ыһыах бастакы күнүгэр “Эр бэрдэ” күрэххэ, аатгара-суоллара республикаҕа номнуо биллибит 4 спортсмен кытьшна. Ол кур¬ду к, Үөһээ Бүлүүтгэн Эрчим Баппаҕаи, Амматган Егор Баишев, Намтан Евгений Иванов, Тулагьптан Артем Ветров күөн көрүстулэр. Өҥүрүк куйаас сатыылаан турар юмигэр, 5 көрүҥнэ күүһү-уоҕу тургутуһан көрү^^ түмүгэр, намнар бэйэлэрин уоллара Евгений Иванов уопсай ахсааньшан кыайыылаах таҕыста.

“Үрүҥ Уолан” кыайыылааҕа Слава Дьяконов

Эҥсиэли хочотугар ыытыллыбыт быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын биир элбэх көрөөччүнү түмпүт түһүлгэтинэн “YpYH» Уолан” уолаттар күрэхтэрэ буолла. Ре¬

спублика 12 улууһутган элбэҕи эрэннэрэр, кэскиллээх спортсменнар кытгыьшы ыллылар. 5 коруи кэнниттэн атах оонньуутугар иккис, хапсаҕайга -иккис, мас-рестлиҥҥэ-төрдүс, тутум эргииргэ-бастакы, сүүрүүгэ-тохсус буолан, уопсайа 18 кыайыы очколаах, “Дьпын оонньууларьш” 6 төгүллээх чемпиона Николай Дьяконов уола Вячеслав Дьяю)нов быйылгы республикатааҕы саха пятиборьетьш оҕолорго чемпионун үрдүк аатын ылан, убаһа хаһаайынынан буолла.

“Дыллыа маҥан аттаах Дьырыбына Дьырылыатта кыыс Бухатыыр”

Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар үс

күн устата уопсайа 70-тан тах¬са культурнай тэрээһин тэҥинэн ыытылынна. Онон төһө кыах тиийэринэн, быыс, бириэмэ көстөрүнэн, араас күрэхтэри көрө сатаатым. Биир оннук конкурсунан, кыргытгар күрэхтэрэ буол¬ла. Көбөкөн уонна Никольскай бөһүөлэктэрин дьаһалталара уонна ити нэһилиэ1сгэр культураларьш дьиэтин үлэһитгэрэ тэрийбит “Дьырыбьша Дьыры-лыатта Кыыс Бухатыыр” күрэххэ Намтан, Томпоттон, Уус-Алдан¬тан, Чурапчыттан, Бүлүүтгэн, Хаҥаластан алта кыыс күөн көрүстулэр. Саха киһитин сиэринэн бэйэни билиһиннэрии, 100 миэтэрэҕэ сүүрүү, “Дьырыбьша Дьырылыатта” олоҥхоггөн быһа тардыьшы толоруу, ох саанан ытыы уонна киэһээҥни былааччыйаны кэтэн хаамыы. 20 миэтэрэтгэн ох саанан түөртэ ытыьҥа, биир да сыыһата суох сыальга тагшыт Бүлүү кэрэ куота Ели¬завета Филиппова көрөөччүлэри улаханнык сөхтөрдө.

Отгон кус быһыйынан УусАлдан кыыһа Евгения Гого¬лева буолла. Түмүккэ, Чу¬рапчыттан сылдьар Надежда Николаева «Дьырыбына Дьыры¬лыатта” аатьш ылан, убаһанан наҕараадаланна. Намтан Еле¬на Маркова “Сыралыма Куо”, Уус-Адцантан Евгения Гого¬лева “Уйуллаан Куо”, Бүяүү кыыһа Елизавета Филиппова “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” анал аат хаһаайката буоллулар.

“Кэрэмэн өҥ киэргэллээх, кылаан түү кыбытыылаах саха далбар мааны таҥаһа”

Бу куонкуруска улуус-улуус ааиыттан, айылҕа талаанынан, дьоҕурунан маанылаабьтт дал¬бар хотуттара сыл устата ситэрэн-хоторон, толорон, киэргэтэн аҕалбыт көрүөхтэн юрэ сахалыы тшгастарын көрдубүт. Талба талааннаах маастардар үлэлэрин Саха народнай худуоһунньуха Анна Зверева бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ сыаналаата. Итини тэҥэ икки к\тт устата “Олоҥхо дойдутун уран уустарьш оһуор мандар олоҕо” диэн Сахабыт сирин араас улуустарыттан юлбит уустар, иистэнньэҥнэр, талба талааннаах дьон айан таһаарбыт үлэлэлэрин көрдүбүт. Ону таһынан, “Чопчу көмүс орооспут, оҕуруо ойуу’ xyiyспут” олохтоох маастардар быыстапкалара турда. ЬГҺыах ыалдьыттара санаалара сыппыт, сүрэхтэрэ талбыт оҥоһукгарын бэлэх быһыытынан атыыл^ан илдьэ бардылар. “Төрүт тимир” уустар күрэхтэрэ,”Муус-шоу” муус оноһуктары көрүү ыһыах тэрээһинин ситэрэн биэрдэ.

Тумук санаалар

Быйылгы ресттубликатааҕы XIII Олоҥхо ыһыаҕын ыалдьытымсах Нам сирин дьоно-сэргэтэ бүтгүүн түмсэн, бинр санаанан салайтаран үрдүк таһымҥа ыыттылар. Улуус баһылыга Ю.И. Слепцов олонхоһутгары кытта анаан-минээн көрсүһүү тэрийби•пптэн, республика Ил Дархана А.С. Николаев олоҥхону толорооччуларга, олоҥхоһутгарга барҕа махтал тылын эппитин бэлиэтиир наадалаах.

Эҥсиэли хочотугар бу күннэргэ республика 32 улууһутган, куоратгарьптак, ул}^? 19 нэһилиэгин үгүс олохтоохторун таһынак,

 (1>р<1нцимпан, Япониятган, Аншаятган, Кытайтан, Казахстантан, Бурятияттан, Сибиир уонна Уһук илин регион элбэх куоратгарыттан делегациялар, ыалдьытгар кытгыыны ыллылар. Руслан Тараховскай быйыл үһүс улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар режиссер быһыытынан үлэлээбит. Кини Эҥсиэли хочотугар буолар

ыһыахха олоҥхо түҥ былыргы юминээҕи историятын дьүһүйэн көрдөрүүнү ситиспиттэрин бэлиэтээтэ. Ыһыах үөрүүлээх аһылльтыта, сабыллыыта хас биирдии ыалдьыты улаханньж сөхтөрбүтэ саарбаҕа суох. Нам улууһун символьш тыыннаах кубалары, Аал Луук маһы, быйыл-гы саҥа тутуулары, балаҕаннары,

ураһалары олус , хаачыстыбалаахтьпс туппутгара харахха быраҕыллар.

Аны ы1ж1ахха кэлбит хас биирдии ыалдьыкка үтэһэлээх эти, уохтаах кымыһы туттаран көрсүбүтгэрэ. Түһүлгэҕэ үс сиринэн, 6 зшахан чааниа эдэр сүөһү ЭТЙНЭН минньитэс миининэн күндүлээтилэр. Быйыл Хатырык уонна П Хомустаах нэһилиэктэрин олохтоохторо күөс өрөн, дьону-сэргэни буор-босхо аһаттылар. Итини таһынан, күнү көрсүү сиэрин-туомун кэмигэр кэлбит ыалдьыттарга ис миинин буһаран, тото-хана аһатгылар.

Былыр кыахтаах саха баай дьоно ыһыах ыалдьыттарын эмис этинэн, уохтаах кымыһынан айах тутан, кэһиилээн атаарар үтүө үгэстэрин, быйыл ыалдьытымсах Нам сирин аҕа баһыльҥа Юрий Слепцов Олонхо ыһыаҕьш историятыгар аан бастаан сөргүгэн, бастын холобуру көрдөрдө. Б1һыах аһыллыытьҥар улуус балтараа тыһыынча олохтооҕо, 500кэ ыалдьыттар, Саха театрын, Опера, балет театрьш юлэкшибэ, “Кыл саха” оркестр, симфоническай оркестр, филармония хора, балериналар, артьаютар кытгыы-ны ылбытгар.

13-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын историятьҥар аан бастаан “Саха” ШШК сурунальшютара, Нам сирин кэскиллээх ыччаттара Георгий Белоусов, Екатерина Эверстова быһа эфирга тахсан, республика олохтоохторо Олонхо ыһыаҕын дьоллоох түһүлтэтин көрө-истэ олорору ситистилэр.

Түмүктээн этгэххэ, улууска маннык улахан тэрээһин ыьпылларыгар оҕолуун, оҕонньордуун, эдэрдиин-эмэнниин бука бары түмсэн, сомоҕолоһон ыһыах үрдүк таһымҥа ааһарын ситисти¬

лэр. Быйылгы Олонхо ыһыаҕын дирекпиятын директора И.С. Новиков Намтан төрүттээх биир дойдулаахтарьш, улуус 19 нэһилиэгин олохтоохторун, ытык кырдьаҕастар муударай сүбэлэрии, баҕа санааларьш барытьш учуотгаан ХШ Олонхо ыһыаҕар сыддьыбыт киһи барыта өргө диэри саньп>1р, ахтар саха дьонун улахан түһүлгэтин тэрийдилэр. Т\тэнинэн ту’Ьанан, бука бары тэрийээччилэргэ, ьЛыах дирин ис хоһоонноохтук ыытылларьҥар кыым да саҕа кыпыспыт КӨМӨЛӨӨХ дьошто махтал мааныта буолуохтун. Кыыс тэнэ Нам сирэ салгыы даҕаны сайда турдун, түмсүүлээх, тэрээһиннээх буолуу үтүө холобурун көрдөрбүг Эҥсиэли хочотун үлэһит дьонугар-сэргэтигэр инникитин да ситиЬт, сайдыы аргыс буоллун!

Олонхо ыһыаҕын бэлиэтэ — Ытык Дуоҕа Өлуөхүмэ улууһугар туттарыльпша. Онон сылтан сыл бу тэрээһин ис хоһооно, суолтата дирюгээн, улуу айымньыбытын Олонхобутун сөргүтэн киэн ЭЙГЭҔЭ таһаарар улахан сорукпутун салҕаан, ситэрэн иһиэҕиҥ!

Орто дойдуга айылҕатган айдарыылаах, сэдэх дьылҕалаах, ураты дьоҕурдаах дьон баар буолан, олох киэрюйэрин, тупсарьш, ситэрин-силигилиирин, салҕанарын умнумуоҕуҥ.

Екатерина БЯСТИНОВА.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

 



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: