Источник: Кыым. — 2019. — Бэс ыйын 27 к. — С. 8
Намна Олонхо ыhыа5а
Бэс ыйын 13-14 күннэригэр Нам сэлиэнньэтигэр 13 Олоҥхо ыһыаҕа буолан ааста. Официальнай докумуоннарга суруйалларынан, “ыһыах аһыллыытыгар барыта 1,5 тыһ. киһи кытынна, ол иһигэр Сахабыт сирин култуураларын тэрилтэлэриттэн 300 идэтийбит артыыс… Ону Руслан Тараховскай режиссердаан ыытта. Олоҥхо ыһыаҕар барыта 70 култуура-успуорт тэрээһинэ буолан ааста. Олоҥхо аһыллыытын үөрүулээх тэрээһинин 3 тыһ. киһи көрдө” диэн буолар.
Солодов, Дьокуускай мээрэ Сардаана Авксентьева, премьер солбуйааччыта Ольга Балабкина уо.д.а.
Аан бастаан Нам улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара атынан сахалыы таҥастаах Намнар ыһыахтыыр сирдэрэ сэлиэнньэни кытта ыпсыһа кэриэтэ дьоҕус тиит арыыга турар буолан, аһаратабыгастаах эбит. Киһи холкутук сатыы сылдьар. Сорох сирдэргэ ыһыахтыы тиийбит дьон аны ыһыахха барарга туспа тырааныспар була сатаан эрэйдэнээччилэр. Онон, Олоҥхо ыһыаҕар киһи ханан да булан киирбэтин курдук тырааныспар анньыһыыта, быыл бурҕайыыта, массыыналаах дьон турар сири булбакка ньиэрбинэйдээһиннэрэ тахсыбата.
Олоҥхо ыһыаҕын киин түһүлгэтэ тиит-хатыҥ булкаастаах арыы тыа иһигэр баар ырааһыйаҕа олоҕурда. Ырааһыйа кээмэйэ бачча дьон мустарыгар лоп-бааччы дьүөрэлэһэр кээмэйдээх буолан, ыһыах үөрүүлээх аһыллыыта “тобус-толорутук” барда. Сорох улуустар кииннэрин ыһыахтыыр сирдэрэ аһара киэҥ буолан, ыһыах “толугураан” хаалааччы. Бу сылдьан бэлиэтээн көрдөххө, Нам сирэ эмиэ Туймаада хочотун Үс Хатыҥын курдук бурҕаҥныы турар буордаах, аһара быыллаах буолуон сөп курдук эбит. Ыһыах аһыллыытын кэмигэр олохтоох дьон “киин түһүлгэ бэҕэһээ киэһэ барыта хара буорунан көрө сытар этэ. Түүн устата барытын күөх отунан тэлгэтэ охсон кэбиспиттэр эбит” диэн кэпсэтэллэриттэн сылыктаатахха… Ол эрээри, быыллаах дойду быһыылаах.
Ыһыах кэмигэр ол эбэтэр15 эрэ мүнүүтэ хойутаан арылынна. Ыһыах арыллыытын дики тордар сахалыыны-нууччалыыны таһынан, аангылыйалыы эмиэ биллэрбиттэрэ бэрт дьиктитик, сонуннук иһилиннэ. Ити, арааһа, ыһыаҕы аагылыйалыы биллэрии аан бастакы холобура буолара Ыһыах арыллыытыгар өрөспүүбүлүкэбит биллэр-көстөр улахан салайааччылара бары кэлбиттэр: Ил Дархан Айсен Николаев кэргэниниин, Ил Түмэн спикера Петр Гоголев киирэн бэйэлэрин көрдөрөн таҕыстылар. Онтон көрдөххө, баһылыктар бары эр дьон эбиттэр.
“ Т ы й а а т ы р д ы ы т у р у орууга, уопсайынан, Куба таҥаралаах Нам улууһа тэриллэн-үөскээн кэлбит устуоруйатын көрдөрдүлэр” диэххэ сөп. Тыйаатырга улаханнык идэтийбэтэх киһи хараҕынан көрдөххө, өрүскэ түспүт куба үөрүттэн ойдон намнар төрүттэрэ Эҥсиэли хотун үөскээһинэ, Нам оҕонньор, Мымах кинээс уо.д.а. көһүннүлэр… Балет үҥкүүһүтэ таҥастаах “куба оҕолор”, от-мас иччилэрэ эрэкэдьэрэкэ оҕолор, өрө мөҕө сылдьар “сылгы-үҥкүүһүттэр”, күөх таҥастаах “өрүс-дьон”, үҥкүүһүт боотурдар, сахалыы таҥастаах далбар хотуттар тиит-хатыҥ хадьааһыннаах ырааһыйаны тилэри киэптээн кэбистилэр, Тыа иһэ барыта өрө оргуйан олордо.
-Нивхэлэр үкчү Саха курдук дьүһүннээх эбиккит… Чахчы дуо?
Ыһыах арыллыытыгар Сахабыт сирин араас улуустарыттан кэлбит 10-ча ийэ олоҥхоһут тахсан бэйэлэрин үтүө мөссүөннэрин көрдөрдүлэр. Саха тыйаатырын артыыстара Олоҥхо сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит уонна Нам сиригэр быһаччы сыһыаннаах Былатыан Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Вацлав Серошевскайы, Гаврил Ксенофонтовы, Илья Винокуровы уо.д.а. көрдөрдүлэр.
Быйылгы ыһыах арыллыьҥа аһара уһаан дьону сылаппакка, .кэмигэр сөпкө түмүктэннэ. Сорох Олоҥхо ыһыахтарын арыллыытын хас эмэ чааһы быһа уһун синньигэстик дэлби ньаҕайдаан, сырылас куйааска дьону мунпааччылар.
Намҥа буолбут Олоҥхо ыһыаҕын алгыһа эмиэ сиэр
быһыытынан, олоҕурбут бэ-
рээдэк быһыытынан барда.
Санаан кэлбиччэ кыбыттахха,
урут буолан ааспыт Олоҥхо
ыһыахтарыгар, бэл улахан саха
улуустарыгар, ыһыахтарын
алгыһын адьас тосту-толоостук,
Байанай дуу, Уот дуу алгыһын
курдук толорбуггарын хаста да
истэн аһарыллыбыта. Оннук ал-
гыстаах ыһыаҕы ыһыах дэммэтэ
эбитэ буолуо, бука. Ыһыах диэн
Үрдүкү Айыылары (иччилэри
буолбатах) кытта алтыһыы буо-
ларын саха тыллаах барыта да
билиэн сөп этэ.
Ити курдук, сиэр барыта сит-
тэ, туом барыта туолла. Арай, бо-
ростуой көрөөччү быһыытынан,
“ыһыах аһыллыьҥыгар дьон
барыта билэр-ылынар истиҥ-
иһирэх сахалыы муусуката
кэмчи дуу, тугуй?” диэн са-
наа үөскээтэ. Туруоруу кэми-
гэр үксэ биллибэт, сахалыы-
та-омуктуута өйдөммөт муусу-
ка тыаһаата. Итини таһынан,
итэҕэһи-быһаҕаһы анаан була
сатаабыт киһи, ‘‘кубалар’’ хан-
нык эрэ “Лебединое озеро”
балеттан түһэн хаалбыт курдук
таҥастаахтарын, сахалыыны
кытта ыпсыылара кыттыбатаҕын,
арфалар туох суолталаах уон-
на тоҕо киирэн хаалбыттарын
“тутуһуо” эбитэ буолуо.
Өскөтүн саха дьоно бары
кэриэтэ Эллэй Боотуртан
төрүттээх эбит буоллахтарына,
саха сорох номохторугар намнар
быһаччы төрүттэринэн Омоҕой
Баай уола Баараҕай Баатылы
(эбэтэр Аан Тайбыыр) ааттанар.
Сорох үһүйээннэргэ, ол иһин
Омоҕой Баай удьуорда-
ра “маҥан атыыры үөргэ
ыыппаттара, маҥан
оҕустамматтара, сиэл-
лээх айаҕы көтөхпөттөрө,
чэчир аспаттара”
эҥин этиллэр. Быйы-
лгы ыһыах сценарий-
ын оҥорооччулар, Нам
ураты сирдээх-уоптаах,
дьонноох-сэргэлээх сир
буоларын бэлиэтээн, ити
курдук ураты түгэннэри
эмиэ туһаныахтара хаал-
быт быһыылаах. Биллэн
турар, ыһыаҕы тупсара-
ары, сонун уонна хаты-
ламмат көстүүлээри…
Ону атын сиргэ уонна хаһан
көрдөрүөҥүй…
Ил Дархан Айсен Никола-
ев Э5ЭДДЭ тылыгар бу ыһыаҕы
суүрэн-көтөн, сыралаһан тэ-
рийбит Нам дьонугар махталын
биллэрдэ, Нам улууһугар сажаны
Саха гыммыт улуу дьон, авто-
номияны олохтоспут Максим
Аммосов, сэрии сылларыгар но-
руотун өруһуйбүт Илья Виноку-
ров уо.д.а. төрөөн-уөскээн аас-
пыттарын, билиҥҥи Нам улууһа
норуот хаһаайыстыбатын бары
салааларыгар өрөспуүбулкэҕэ
мэлдьи бастыһгнар кэккэлэригэр
сылдьарын санатта. Ыһыахтан
саҕалаан, саха дьоно аан дойду
духуобунаһыгар уллэстэрбит-
бэрсэрбит элбэҕин, Сахабыт
сирин бары туелбэлэрин, Хотугу муустаах байҕал кытылыттан, Булууттэн-Тааттаттан саҕалаан соҕурууҥҥу алданна, ненрюнгрига уо.д.а. тиийэ барыта кэлимник сайыннаран иһэр эбээһинэстээхпитин эттэ. ‘‘Эллэй эһэбит саҕаттан төрүттэммит Ыһыах Саха дьонун сомоҕолуу, араас омуктары тумэ, бигэ туругу уонна дьолусоргуну мэлдьи тосхойо турдун диэн этиитин түмүктээтэ.
Иван ГАВРИЛЬЕВ
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: