Источник: Киин куорат. — 2019. — Атырдьах ыйын 15 к. — С. 24
Циркэбитии итальянецтар сөбүлээтилэр
Дьокуускай куоракка кэлбит “Слоннар уонна тиигирдэр” итальянскай циркэ элбэх дьон кутун тутта. Саха сиригэр урут үктэнэ илик кыыллары иккилии аҥаар чаас устата кыра да оҕолору сылаппакка көрдөрүү улахан сатабыл.
Дириэктэр, уус-уран салайааччы, ыытааччы Сергей Бондарчук кэпсиир:“Биһиги Италияттан Европа, Арассы- ыйа суолларынан биэс анал тэриллээх улахан массыынанан гастролга турбуппут. 100 туонна ыйааһыннаах таһаҕастаах 10000 тахса килэмиэтири айаннаабыппыт. Экологтар биһигини кыыллары эрэйди- иллэр диэн утарсаллара оруна суох. Хаартыскаҕа олох да атын кыыллар кыараҕас кон- тейнердарга тиэллибиттэрин биһиэхэ түһэрэллэр. Биһиги массыыналарбыт фуралар, анал оҥоһуулаахтар. Иккилии чаас буола-буола сөптөөх сирдэргэ кыылларбытьш сынньатан, ач- чыктаппакка, санааларын мэл- дьи КӨТӨҔӨ сырытыннарбыппыт. Хабаровскайтан Кемероваҕа айаннаары сырыттахпытына, Саха циркэтэ 25 сылын туо- ларынан ыҥырбыттарыгар, тымныйыан СӨП айылҕалаах сиргэ, оччото суох суолга хайдах барабыт диэн толкуйдаабыппыт. Хата, транспорпыт үчүгэй буолан Дьокуускайы этэҥҥэ эрэйэ суох булбуппут. Циркэҕит кыыллары туруорар, дьаар- батар, эрчийэр усулуобуйата, манеһын акустиката, технич скэй өттүнэн үчүгэйэ табыллан үлэлиирбитигэр кыах биэрдэ”.
Акробатка Мария де Форнтал:. “Слоннары күн аайы душ- туубут, тиигирдэр бассейнҥа сөтүөлээн сөрүукүүллэо. Сөбүлүүр аста- ра: эбиэс, дьаа- былака, банан, моркуоп, от. Кыыллар Саха сирин айылҕатын улаханнык атыҥыраабаттар”, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Дрессировщик, итальянец Давио Тони сааһа 60. Чөл олоҕу тутуһар, циркэ династиятын артыыһа киэн туттан кэпсиир: “Мин циркэҕэ төрөөбүтүм, киһини өйдүөхпүттэн үксүн ол эйгэҕэ сылдьабын. Олоҕум устатын тухары харамайдары кытта эҥэрдэһэн сылдьабын, олоробун. Минтөрүттэрим дьиэ кэргэнэ Италияҕа аан бастакы циркэни 1862 сыллаахха тэрийбиттэр. Биһиги кинилэри утумнааччы буолабыт”.
Дрессировщик икки томороон слону уонна араас кыыллары сатабыллаахтык салайан, биир тыла суох өйдөһөр. Маны таһынан, француз дрессировщик Иван де Форж икки тиигири, эриэн зебралары, истигэн тэбиэннэри биир-биир киллэртээтэ.
Көрөөччүлэр санаалара.
Илона, 8 саастаах эбэтин, аҕатын кытта Чурапчыттан циркэни көрө сылдьар: — Мин слоннары, тиигирдэри наһаа сөбүлээтим. Өссө күлүүлээх баҕайы кенгуру баар — тустуук. Биир кыыһырымтаҕай тиигир, дрессировщик тылын олох истибэт.
— Кутталлаах нүөмэр баар этэ дуу ?
— Аан бастакы акробат үөһээ баҕайыттан иккитэ охто сыспыта. Өссө биир акробаткаҕа эриэн үөннэри тара сутталлаах этэ. Бизон диэн наһаа улахан оҕус эбит, киһиэхэ кэлэн түһүөх курдук.
Николай Елисеев — куорат олохтооҕо: — Мин икки аҥаар саастаах кыыһым олох хамсаабакка, болҕойон олорон көрдө. Сэт- тэлээх кыыһым дьиэбити- гэр кыра харамайдары иитэр. “Хорсун санаа көлүөһэтигэр” харамайдары эргитэн баран, кинилэри дрессировщик хайдах сэрэнэллэрин, охтумаары ыксаан харса суох булукуччуй- алларын үтүктэн, араастаан туттарыттан күллэ аҕай. “Мин хомячогум курдук туттар”, — диир.
Антракт кэмигэр харамайдары, кинилэри уһуйааччылары, иитээччилэри кытта билсиһии, кэпсэтии, хаартыскаҕа түһүү тэриллибитэ туспа сэҥээриини тардар.
Итальянецтары, кыылларын, талааннаах циркачтарын наһаа сөбүлээтим! Маннык араас омук дьоҕурдаахтара Сахабыт сири- гэр саҥа көстүүлэри аҕалан, сатабыллаахтык үлэлииргэ уһуйа, көрөөччүлэри, оҕолору, үөрдэ турдуннар!
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: