г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Кыым. — 2019. — Муус устар 11 к. — С. 31


Ааттаах сыллары ахтан аастахха…

«Оһуокай» түмсүү тэриллибитэ номнуо 32 сылын туолла. Саха омугун бэйэтин билиниитигэр улахан суолталаах Түмсуүнү уһун тыыннаах Этээччи, тыл учуонайа Н.Е. Петров уонна дьон «саха тылын эмчитэ» диэн истиҥник ааттаабыт Ытык киһитэ М.Алексеев-Далсы буолан, дьону мунньан, садалаабыттара. Ол кэннэ Г.Г. Сыромятников, А.И. Кривошапкин Тумсүу улэтэдалааһыннанан, I саҥа кэрдиискэ тахсарын ситиспиттэрэ.

Онтон Н.Е. Петров, А.И. Кривошапкин, А.Е. Алексеев миигин булан, кэпсэтэн- итэҕэтэн, 2011 суллаахха Ф Оһуокай түмсүү салайааччыта буолбутум.

Маҥнайгы сылларбар Оһуокай түмсүү Сүбэтэ сүүнэ күүс-көмө буолбута, ол састаап дьонугар — А.Е. Алексеевка, В.Л. Алексеевка, С.Я. Яковлевка, А.В. Саввиновка, С.И. Черноградскайга, Х.А. Кузьминаҕа, П.Н. Терешкинаҕа, Р.И. Веревкиҥҥа, Е.В. Дьяконоваҕа, П.Ф. Федоровка махталым муҥура суох. Олортон В.Л. Алексеев, С.Я. Яковлев-Ырыа Ыстапаан бу Орто дойдуттан барбыттара, ол эрээри саха оһуокайыгар умнуллубат суолу хааллар-быттара.

Биһиги ити Сүбэни кытары элбэҕи оҥорбуппут — Түмсүүнү Саха өрөспүүбүлүкэтин таһымыгар таһаарбыппыт. Түмсүү ис тутулун уларытан, официальнай устаап бигэргэппиппит.

Аны, Оһуокай түмсүү араҥаччы бэлиэтин талбыппыт — бу үс улуу айар идэ — Тыл, Үҥкүү, Ырыа бииргэ түмсүбүт Оһуокайын В.М. Ионов «Орел по воззрениям якутов» диэн үлэтигэр Хотой Айыы киһиэхэ айар дьобуру биэрэр диэн суруйбутугар олоҕурбуппут. Үс ускуустубаны холбообут Ытык Оһуокайы үс бастаах Өксөкү кыыл араҥаччы бэлиэтин дьон ылынан, кини нөҥүө тыһыынчанан дьон оһуокайга мустар буолла.

Үс бастаах Өксөкү ессе биир суолтата — саха омук түргэн тэтимнээх ХХI үйэҕэ атын омукгар- тан итэҕэһэ суох сайдарын, билим уонна тиэхиньикэ араас саҥа ньымалары төрүт ийэ өйбүтунэн тобулан-баһылаан, аан дойду сайдыытыгар тэҥҥэ кыттыһар омук буол ар бэл избит буолуон сөп. Өй, хорсун санаа уонна сомоҕолоһуу — итини барытын бииргэ холбоотох- путуна, Өксөкүлээх Өлөксөй эппитин курдук, үс дойду өйүн үксэппит үтүө үөрэхтэрин испитигэр иҥэринэн, тиис тиискэ, муос муоска буолан, сиргэ түспүт кэскилбитин, окко түспүт оҥоһуубутун бэйзбит олохту- охпут!

«Оһуокай» түмсүү тэриллибитэ номнуо 32 сылын туолла. Саха омугун бэйэ- тин билиниитигэр улахан суолталаах Түмсуүнү уһун тыыннаах Этээччи, тыл учуонайа Н.Е. Петров уонна дьон «саха тылын эмчитэ» диэн истиҥник ааттаабыт ытык киһитэ М.Алексеев-Далсы буолан, дьону мунньан, садалаабыттара. Ол кэннэ Г.Г. Сыромятников, А.И. Кривошапкин Тумсүу улэтэдалааһыннанан, I саҥа кэрдиискэ тахсарын ситиспиттэрэ.

2011-2012 сылларга Оһуокай түмсүү 25 сыллаах үбүлүөйүн керсе, араас өрүттээх үлэ тэриллэн ыытыллыбыта. Маай бырааһынньыгар, Кыайыы күнүгэр болуоссаттарга 20 тахса этээччилээх оһуокай түһүлгэлэрэ тэриллибиттэрэ.

Бу хамсааһыҥҥа куорат култууратын начаалынньыга

  1. Н. Корякина киллэрбит кылаата олус улахан. Антонида Николаевна биир сүдү ситиһиитэ

—              Туймаада Ыһыаҕа. Бу, чахчы, саха омугун төрүг култууратын сүүнэ ситиһиитэ буолла — тэрээһинэ, суолтата, кэми кытары бииргэ хаамыта — барыта сөптөөх. 90-с сылларыттан Туймаада ыһыаҕын Оһуокайа.

—              Дархан ЭтэЗччи аатын ылар Саха сиригэр сүрүн күрэх.

Ити саҥа тиһиги Аар Дархан этээччи А.И. Кривошапкин, учуонайдар В.В. Илларионов, М.П. Алексеев-Дапсы, К.Д. Уткин, Дархан этээччилэр —

  1. Л. Алексеев, А.Е. Алексеев, Н.П. Корякин, И.Ф. Чириков уо.д.а. Оһуокай аптарытыат- таах кырдьаҕастарын кытары сүбэлэһэн киллэрбиппит. Онон Оһуокай ис тэрилэ, сыала- соруга, тэнийиитэ барыта чу- олкай, өйдөнөр быраабыланы олохтууртан саҕаламмыта.

Билигин Туймаада ыһыаҕар Оһуокай күрэҕин эбэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар кыайыылаахтар эрэ Саха сирин Дархан этээччи үрдүк аатын сүгэллэр. Онно эбии Үтүөлээх этээччи диэн солону киллэрбиппит. 2013 сылтан “Чулуу кынат” анал аат олохтоммута, ол эмиэ оһуокай көҕүн өрө таһаарбыта.

Ону тэҥэ Оһуокай түмсүү тэнийиитин күүһүрдүбүппүт. 2011 .сылтан саҕалаан, Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 16 филиалы аспыппыт. Итиннэ

  1. И. Черноградскай Саха сирин үксүн кэрийэн, бу тэнийии үлэтигэр улахан сыратын биэрбитэ.

Бастакы мунньахпытыгар Сунтаартан И.Ф. Чириков, Амматтан А.А. Федорова, Хаҥаластан Л.В. Харитонова, Ньурбаттан Р.М. Тихонова, Үөһээ Бүлүүттэн Д.Я. Федотов, Чурапчыттан В.Л. Аржакова, Мэҥэ Хаҥаластан М.М. Шипошина, Уус Алдантан М.Г. Готовцева, Горнайтан И.С. Григорьева, Өлүөхүмэттэн М.Д. Ларионова, Нерюнгриттан Н.А. Афанасьев, Алдантан Э.И. Фе-. дорова кэлэн кыттыбыттарын кэннэ, чахчы, Саха сиринээҕи Оһуокай түмсүү буолбуппутун билбиппит.

Ол сылларга оһуокайга дьон болҕомтотун тардыыны улахан сорук курдук көрөр этибит. Онон 2011-2016 сылларга араас СМИ, интэриниэт ситимигэр балачча күүстээх үлэни ыыппыппыт.

Саха араадьыйатыгар «Оһуокай түһүлгэтэ» диэн биэриини тапааннаах суруналыыс Б.Гоголев оҥоро сылдьыбыта, салалта уларыйыар диэри. ФМ араадьыйаҕа Сахалыы Викторияҕа Марта Николаева Оһуокай биэриини таһаарбыта.

Онтон 2012 сыллаахха Гиннесс рекордун туруоран, Оһуокай Түмсүү Өрөгөй күнэ үүммүтэ — 15 293 киһи биир түһүлгэҕэ, Саха сирин тэбэр сүрэҕэр — Туймаада хочотугар Алтан Сэргэ Тулатыгар оһуокай дуорайбыта. Эмиэ ити күн Күөх Ньурбаҕа Дархан этээччи П.Н. Степанов саамай уһун тыыннаах оһуокайга Арассыыйа рекордун олохтообута.

Ити Ил Дархан, улуу оһуо- кайдьыт Тиитэрэп сиэнэ А.С. Николаев, култуура управлениетын начаалынньыга А.Н. Коря-кина, «Ситим» медиа-белех салайааччыта Мария Христофорова курдук хорсун толкуйдаах, айар санаалаах дьон баар буолан кыаллан турар. 2017 сылга итини өссө куоһарбыппыт — 16 тыһыынчаттан ордук киһи Саха таҥаһын таҥнан баран, Улуу Оһуокайы таһаарбыппыт! Итинник улахан тэрээһиннэр түмсүү иһиттэн инникилээх тэрийээччилэри иитэн таһаарбыта. Холобур, А.Л. Тарскай курдук күүстээх тэрийээччи иитиллэн таҕыста.

Гиннесс рекордугар бэлэмнэнии кэмигэр бэрт сэргэх тэрээһиннээх, улахан хомул- луулаах, тыһыынчанан кыттааччылаах оһуокайдар Дьокуускайга болуоссаттарга уонна уулуесаларга оһуокай үгэһин олохтообуттара.

Ол барыта улэ дьоно суох табыллыбат. Ол сыллардааҕы Түмсүү сүбэтэ — Саха сирин Дархан этээччилэрэ С.Я. Яковлев-Ырыа Ыстапаан, Е.М. Оси-пов, М.Р. Софронова, И.И. Бо-рисов, В.В. Хорунов, Үтүөлээх этээччилэр С.В. Сосина, С.В. Сивцева, Н.Е. Прокопьев, Чулуу Кынат — М.С. Дегеряков, Т.С. Дьяконова, В.С. Слепцов,

  1. Е. Степанов, М.Г. Сазонова, араас сылларга ыстаарысталар Х.А. Кузьмина, М.И. Дмитриева өҥөлөрө улахан.

Өссө биир улахан ситиһиибит — оһуокай этээччи Суолтатын уонна кини аатын-суолун күуһүрдүппүт.

Оһуокай үс улуу айар талаан бииргэ түмсүбүт көстүүтэ: Тыл, Үҥкүү, Ырыа. Оһуокайы тэһаарааччы — Айыылартан айдарыылаах, Таҥараттан бэлиэлээх киһи. Кини — тыл күүһүн үүннээн-тэһииннээн сылдьар Хоһоонньут, күнү күннүктээн тэҥҥэ үктээн дэгэйэр Үҥкүүһүт, көтөр дорҕоон доҕуһуоллаах Ырыаһыт.

Ити курдук дэгиттэр дьоҕурдаах дьону урут сөпке сыаналаабакка сылдьыбыттарын уларытар санааттан, 2015 с. А.И. Кривошапкинныын,

  1. И. Черноградскайдыын, В.Л. Алексеевтыын “Союз поэтов-сказителей” диэн айар уопсастыбаны тэрийбиппит. Онон билигин оһуокай этээччи айар үлэһит суруйааччылары, уруһуйдьуттары, муусука айааччылары кытары бииргэ сылдьар. Онно эбии, 2016 сылга, Дьокуускай куорат пааркатыгар Оһуокай аллеятын арыйбыппыт.

Түмсүү ааспыт сылларга эдэр этээччилэри уһуйууга ураты болҕомтобутун уурбута. Билигин, бу уонча сыл ааспытын кэннэ, мин саха оһуокайа сарсыҥҥылаах, саха оһуокайа 21-с үйэҕэ симэлийиэ суоҕа диэн бигэ эрэллээхпин.

Бу өттүнэн Оһуокай түмсүү Үөһээ Бүлүүтээҕи салаата кзскиллээх үлэни ыытар. Д.Я. Федотов (күн сириттэн барбыта), Саха сирин үтүөлээх этээччитэ С.М. Мойтохонова үөрэнээччилэрэ араас улуустарга оһуокай дьиҥ тыынын тарҕата сылдьаллар. Оску- ола оҕолорун ортолоругар оһуокайы тэрийэр үлэ эмиэ барар,. ол- курдук, Горнай, Нам, Таатта, Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас улуустарыгар оһуокай оҕолор арахсьюпат аргыстара буолла.

Биһиги бэйэбит түмсүү- бүтүгэр Үөһээ Бүлүүттэн П.Григорьев, В.Игнатьев,

  1. Алексеев, М;Хобусарова, У.Александрова, А.Михайлова, Ньурбаттан П.Федоров, Мэҥэттэн Д.Оконешников, Та- аттаттан М.Порядина уонна са-амай эдэр Дархан этээччибит — Бүлүүттэн С.Иванов тахсан- нар, билигин үлэлии-хамсыы сылдьар сирдэригэр оһуокайы өрө тутан, сайыннара сьшдьал- лар. Билигин кинилэри сырсан, олох эдэр оҕолор — Р.Акимова,
  2. Львов, X.Семенова олус түргэнник сайдан, тыыллан- хабыллан иһэллэр.

Бу ааттары улуустар сапалталара өйдөрүгэр хатаан, кере-истэ, бүөбэйдии-харыстыы сылдьыахтарын наада. Урут суруйбутум курдук, үс талаан биир киһиэхэ мустара сэдэх, оной итинник оҕону-ыччаты өйөөтөхпүтүнэ эрэ кэлэр кэммит эрэллээх буолуо.

Билигин, “мин санаабар, оһуокайы саха омугун сомоҕолуур, итэҕэли тилиннэрэр сүдү күүсбыһыытынан дьон сэргэ уонна-былаас тэҥинэн билинэр таһымыгар тиэрдэр сорук турар.

Тылбыт сүппэтин туһугар кыһаллыбыт, оһуокай нөҥүө кини хомуһунун тилиннэрэ сатаабыт киһи Н.Е. Петров суруйан турар: “Оһуокай хоһооно мУьгуРа суох киэҥ, күннээҕи олох ирдэбилигэр тута эп- пиэттиир, мэлдьи ыҥырар, көҕүлүүр, түмэр, иитэр хайысхалаах, ураты дьайар, киһи дууһатыгар быһатык тиийэр, көҕүтэр уратылаах”.

Онон саха оһуокайа — саха тылын сайдыытын биир күүстээх тэрилэ уонна ньымата буоларын туһаныахха! Төрүт Ийэ тылбытын үгүс үйэлэр тухары сүтэрбэккэ, харыстаан- бүөбэйдээн илдьэ сылдьыахха!

Оһуокай түмсүү бу ааспыт сылларга саха омугун, саха тылын туһугар бэйэтин кылаатын киллэрдэ дии саныыбын. 32 сыл анараа өттүгэр саха саарыннара тэрийбит түмсүүлэрэ Саха өрөспүүбүлүкэтин олоҕор ураты миэстэни ылан, атын хамсааһыннар курдук симэлийэн хаалбатаҕар, түмсүү тыһыынчанан ахсааннаах оһуокайдьыттарыгар махталбын тиэрдэбин!

Бэлиэтиэм этэ, оһуокай туһунан араас үлэлэри ааҕан, улуу дьоннуун сэһэргэһэн, улахан тойотторго дакаастаан, син элбэҕи биллим-көрдүм. Ол курдук, демографияны кэ- тээн көрөөһүннэринэн, Саха сиригэр элбэх оҕолоох ыаплар Бүлүү умнаһыгар хас да төгүл элбэхтэр. Тоҕо ити сирдэргэ Айыыһыт апгыһа күүстээҕий? Баҕар, ити улуустарга Ытык Оһуокай ханнык да кэмҥэ умуллубатаҕыттан буолаарай?

Хатан тымныы хабырый- ан хатан оҥорбут, уордаах тымныы мускуйан уһаарбыт сахалара аҕыйах ахсааннаах буолан сороҕор кыайарбытын да кыайбаппыт. Элбээн-ууһаан эрэ сайдар суолга туруохпут, атын Кудай айбыт омуетарыт- тан сабырыйтарыахпыт суоҕа.

Онон Саха сирин үрдүнэн баар бары улуустарга Айыыһыт алгыстаах оһуокай тылла- рынан дьон сүрүн көтөбөн, үтүө түмсүүлээх омук олоҕор туһаайан, үс мөлүйүөн саханы үөскэтиэххэ, түөрт мөлүйүөн саханы төрөтүөххэ! Саха оһуокайа — сарсыҥҥылаах! Саха тыла — саргылаах! Саха омуга — кэнэҕэскилээх!

Оһуокай түмсүү баһылыга Александр Джурович Данилов-ДЬУЛУУР ХААН.

Муус устар, 2019 сыл



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: