Источник: Кыым. — 2019. — Ыам ыйын 1 к. — С. 31
Алгыспытын аныыбыт
Ийэ тылгын имитэн, Иһирэхтик этитзн, и с сүрэхтэн илгийэн, Имэрийэ илбийэн, Көннөрүттэн көдьүүһүн Күлүмнэтэ күөдьүтэн, Күннээҕиттэн күттүөнүн Кэрэтитэн, күүркэтэн, Саппаҕырбыт санааны Сайгыы сайар чуор иэйииҥ, Күлүгүрбүт халлааны Күдээритэр уот этииҥ!
Оһуохай Уола.
“Күлүмүрэҕэ”
Муус устар 16 күнугэр Дьокуускай куораттааҕы Белинскэй аатынан библиотека иһинэн “Горожанин” кулууп кө-ҕүлээһининэн идэтинэн эмчит, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалера, “Чел олох” ОФ үлэһитэ, “Трезвая Якутия” хамсааһын чилиэнэ, эмп үлэһиттэрин идэлээх сойу-устарын “Вдохновение” хуорун биир бэриниилээх кыттаач-чыта Валентина Иннокентьевна Комиссарова-Күлүмүрэ “Олох көрүгэр кыттыһан” (В жизни — я, и жизнь — во мне) диэн хоһооннорун, тылбааста-рын бастакы хомуурунньуга, икки тылынан кинигэ буолан, ДЬОН дьүүлүгэр тахсыбытын сүрэхтэниитэ бэрт үрдүк та-һымҥа буолан ааста.
Дьоҕус, биэс уонча миэстэлээх ааҕар саала үөрбүт-көппүт, сибэкки дьөрбөтө ту-туурдаах кэлбит ыалдьытта-рынан ыы быччары туолла. Ааҕан көрдөххө, 80-90 киһи мустубут. Кэлбиттэр ааптар ыҥырыылаах ыалдьыттара, сүгүрүиээччилэрэ, үөлээннээх доҕотторо, коллегалара, ырыа аргыстаах хуор кыттааччылара.
БОЛДЬОММуТ КЭМҤЭ киин библиотека сүрүн библиотекаре Людмила Николаевна Ненахова кылгас киирии тылыгар туохха аналлаах дьоро тугэн буоларын билиһиннэрдэ. Ол кэннэ Күлүмүрэ, бэйэтин курдук намыын-намчы куола-һынан аабан, тапталлаах Дь-окуускайыгар анаабыт истиҥ хоһоонунан айар киэһэтин саҕалаата.
Хантан хааннаҕын, кимтэн кииннээҕин, олоҕун аргыһа Анатолийга, икки кынат уо-латтарыгар, сүрэҕи манньы-тар сиэннэригэр, төрөөбүт дойдутугар, тулалыыр олоҕор сыһыанын, тапталын, дьон ку-тугар тиийимтиэ гына хомоҕой хоһооннорун кэрчиктэринэн холбообут сэһэнэ, барыта киинэ буолан көстөн, дьон сүрэҕин умсугута кутулунна.
Кинигэ икки тылынан су-руллубут 350-ча хоһоонноох, айылҕа араас кэмин айхал-лыыр, олох эҥин көстүүлэрин анаарар, таптапы туойар, оҕо-лорго анаммыт хоһооннору таһынан, манна бааллар ну-уччалыыттан сахалыы, саха-лыыттан нууччалыы ааптар тап-тыыр поэттарын хоһооннорун тылбаастара. Ол курдук, улуу суруйааччылар А.Пушкин, С.Есенин, Алампа, Сэмэн Данилов, Л.Попов, С.Дадаскинов уо.д.а. айымньылара тылбаа-стаммыттар.
Күлүмүрэ икки тылынан ис кутун истиҥ изйиилэрин араас дьэргэлгэн ойуу тылла-рынан бэркэ хоһуйан суруйара ааҕааччы киэҥ араҥатын сэ-ҥээрдэр, сүргэтин көтөҕөр, кэрэҕэ угуйар. Кэлбит дьон ону бэлиэтээн, сөҕөр-махтайар, биһириир тыллары, инники айар үлэтигэр ситиһиилэри баҕаран эттилэр-тыыннылар, таптыыр хоһооннорун аахты-лар.
Ол курдук, “Күрүлгэн” суру-наал эрэдээктэрэ, суруйааччы, суруналыыс Афанасий Гури-нов-Арчылан бэйэтин үрдүк сыанабылын биэрдэ. СӨ култу-уратын үтүөлээх үлэһитэ, Арас-сыыйа Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Анатолий Старостин-Си-эн Кынат арчылаата, алҕаата.
Бэртээхэй киэһэни Күлү-мүрэ бииргэ үөрэммит доҕот-торун уонна кини ыллыьф хуорун ырыаһыттарын толоруу-ларыгар ырыалар ситэрэн, киэргэтэн биэрдилэр.
Ити курдук болдьохтоох икки чаас олус түргэнник бил-либэккэ ааһан, элбэх хоһоон, ырыа ситэ ааҕыллыбата, ып-ламмата. Киэһэни кэлбит ыал-дьыт төһө батарынан, өйдө-бүнньүк хаартыскаҕа түһүү түмүктээтэ.
Бииргэ ыллыыр доҕорбу-тугар Валентина Иннокентьев-наҕа-Күлүмүрэҕэ өссө киэҥ аартыктары баҕаран туран, айар-тутар үлэҥ айхаллаах буоллун диэн алгыспытын аныыбыт!
Үтүө тэрээһини тэрийбит иһирэх тыыннаах библиотека үлэһиттэригэр, чуолаан, сэби-эдиссэй Максимова Розалия Николаевнаҕа, ыытааччы Ненахова Людмила Николаевнаҕа истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Альберта РОЖИНА, эпидемиолог, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, улэ бэтэрээнэ, “За вклад в развитие самодеятельного творчества PC (Я )” бэлиэ кавалера.
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: