Источник: Кыым. — 2019. — Бэс ыйын 27 к. — С. 16
“Дьокуускай куйаас да эбит!»
(ыраахтан кэлбит ыалдьыттар соһуйаллар)
Бэс ыйын 21 күнүгэр Дьокуускайга Ойуунускай аатынан болуоссатынан ааһан иһэн, арай, ырыа-тойук, үҥкүү-битии үгэнигэр түбэстим. Онтум Арассыыйа Хотугу, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын 10-с этнокултуурунай бэстибээлэ буола турар эбит. Хата, халлааммыт турам биэрбит: биир да былыта суох, бэл, тыалырбата даманы, чаҕылыйан ылааҥы да күн!
Кыттаачылар сыанаттан түһээттэрин кытары, сыа быыһыгар быччархай буолан, сонуннарын-нуомаста- рын ыйыталаһаары күөйэ көрүстүм. Ыгым кэм иһигэр тутуу былдьаһан кэпсэтэ охсубут хоруйдарбын эһиги истиигитигэр таһаарабын.
Магадаантан «Энер” диэн ансаамбыл кытта кэлбит. Уус-уран салайааччылара Дарина Черканова:
Дьокуускайга бэс ыйын 18 күнүгэр үктэммиппит. Тымныы Магадааммыттан эмискэ өнгүрүк куйаас сиргэ кэлэн хааллым (күлэр).
Ама дуу? Хоҥнорбут саҕана анараа +7 эрэ кыраадыс этэ, хата, манна кэлэн итииргээтибит аҕай.
Кэнсиэргэ тугу көрдердүгүт?
~ Ансаамбылбыт аата чукчалыы — “Энер» — диэн.
Мин Дьокуускайга Арктикатаа5ы ускуустуба уонна култуура судаарыстыбаннай институтугар үөрэммитим. Оттон сорох кыттааччыларбыт аан бастаан кэллилэр. Ыһыахха астына күүлэйдээн, сахалар ыалдьытымсахтарыттан сүргэбит көтөҕүллэн сылдьабыт. Бу курдук улахан тэрэзһиҥҥэ биһиги эрэгийиэнтэн хаһан да кытта иликтэр, Арай 90-с сылларга эрэ кэлэ сылдьыбыттаахтар.
Эн чукчаҕын дуо? Төрөөбүт тылгын билэҕин ДУУ?
Мин эбэҥкибин эрээри, эбэҥкилии кэпсэтии эрэ
таһымынан билэбин, ол эрээри балкыыһыахпын сөп.
Кыратык истэммин өйдүүбүн. Магадааҥҥа саастаах
эрэ дьоммуттөрөөбүттылларын билэллэр. Оскуолаҕа
эбэҥки тылын педагогтара бааллар.
Оксана Макомбе-
това эмиэ Магадаан
уобалаһыттан сылдьар:
— Толору ис хоһоонноох,
киһи чуҥкуйбат быра-
гыраамалаах тэрээһин
ааһан эрэр. 3 күн иһигэр
чаҕылхай түгэн олус элбэх!
Саха, дьэ, ыалдьытым-
сах омук эбит. Ыһыахха
сылдьан. сахалыы тылы-
өһү, кэрэ киэргэли-симэҕи,
ускуустубаҕыт уратытын
көрөн, сөҕө-махтайа сыл-
дьабын. Ыһыахтыы кэл-
бит дьон национальнай
таҥастарын кэтэн кэл-
биттэрин көрөн, хараҕым
сымнаабыкка дылы буолбута.
Бу ханнык омук таҥаһын кэтэн тураҕыный?
Эбээн омук көстүүмүн кэтэн турабын. Бэйэм
омугум чукчабын, тылбын билэбин. Магадааҥҥа
омук арааһа олорор, ол иһин кэнсиэрдиир бөлөхпүт
иһигэр култуура эгэлгэтэ баар: коряктыы, чукчгшыы,
эбээннии, эскимостуу. Үҥкүүгэ-тойукка хотугу нору-
оттар култуураларын барытын булкуйан көрдөрөбүт.
Бары тус-туһунан тыллаах буоламмыт, бэйэбит икки
ардыгар нууччалыы кэпсэтэбит. Ону дьон истэн
баран, «хайа бу, тылгытын билбэккит дуо?” диэн
соһуйаллар. Дьиҥэ, тылбытын билэбит эрээри, ну-
уччалыы алтыһарга күһэллэбит.
Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин Улан-Удэ куоратыт-
тан “Гулувун” ансаамбыл кытта кэлбит.
Тулувун» — “костёр» диэн суолталаах (С.Б.: саха-
лыы: “кулуһун»). Бурятияҕа эбэҥки култуурунай киинэ
баар, онно дьарыктанабыт. Тылбытын билбэппит эрэ-
эри, дойдубутугар билэр дьон баар. Киин сиртэн ыра-
ах, түгэх дэриэбинэлэргэ айаннаатахха, эбэҥкилии
саҥарааччылары көрсүөххэ сөп. Дьокуускай куорат
кырасыабай, ыраас. Нам улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар .
сылдьан, астынан аҕай кэллибит. Ол эрээри бырдах
элбэБЭ бэрт эбит (күлэллэр). Сахалары, саамай баай
култууралааххыт диэн көрөбүт! Олус ыалдьытымсах-
хыт, улахан махтал!
Саха сирит-
тэн Эбээн Бы-
тантай, Булуҥ,
Аллайыаха
улуустарыт-
т а н к ы т т ы —
быттар. Мин
Булуҥ оройу-
онун, Тиксии
бөһүөлэгин
кыргыттарын
эрэ баттаһан
хааллым. Кыр-
гыттар олус
симиктэр, са-
халыы кэпсэт-
тибит:
Биһиги эбээн култууратын көрдөрдүбүт. Бэҕэһээ.
Намҥа ыһыахтыы барса сылдьыбыппыт, араас омук
бөҕөтүн.кытары билистибит, ‘
Эбээн култууратын көрдөрдүгүт, отгон тыл-
гытын билэҕит дуу?
Суо-ох… хомойуох иһин! Үөрэтиэхпитин наһаа
баҕарабыт.
“ Кытаатыҥ. Дьокуускайга национальнай
бибилэтиэкэҕэ нэдиэлэ аайы эбэҥки, эбээн,
дьүкээгир тылларын буор босхо үөрэтэллэр. Онно
сылдьыаххытын сөп.
Мин, таҥас-сап бөлүһүөпүйэтин улаханнык
быһаарсыбат киһи, харахпар кыттааччылар таҥастара
үкчү буолан көстөр. “Бу дьону кытары кэпсэппитим
дуу, суоҕа дуу?” диэн мунаара
сырыттахпына, барыларыттан
ураты, хараҥа кыһыллыҥы
былаачыйалаах дьахтар турар.
Сахалин уобалаһыттан Алек-
сандра Хурьюн бэрт улгум-
нук сөбүлэһэн кэпсэттэ:
Мин Оха оройуонун Не-
красовка нэһилиэгиттэн сыл-
дьабын. Омугум — нивх. “Кых-
S кых” (тылбааһа: “куба”) диэн
Охатааҕы аҕыйах ахсааннаах
! норуоттар төруг култуураларын
; уонна үгэстэрин сайыннарыы-
,\ га үлэлэһэр уопсастыбаннай
I хамсааһын чилиэЯЭбин.
“ Нивх омугу кытары аан
Т маҥнай билсэбин. Олох-
I дьаһах хайдаҕый?
Нивхтэр аан дойду
үрдүнэн 5000-ттан тахса ах-
|j сааннаахпыт. Аҥаардас Оха
|?i иһигэр 2800 нивх олорор.
Й Биһиэхэ нивх тылын алын
Ы сүһүөх 050лору|»ар факультатив
эрэ быһыытынан үөрэтэллэр. Ол иһин билиҥҥи ыччат
тылын билбэт, саастаах эрэ дьон саҥарыахпытын
сөп. Мин тылбын билэрбэр ийэм өҥөлөөх. Үөрэхпин
бүтэрээт, Ленинградка, университекка хотугутыллары
чинчийэр салааҕа нивх тылын үөрэппитим. Дойдубар
төннөн, “Нивх диф” (“Нивхское слово”) диэн нивхтии
уонна нууччалыы тылынан бэчээттэнэр босхо хаһыакка
20-ттэн тахса сыл кэрэспэдьиэннээбитим.
Ыһыахха сылдьан, нивх култууратыгар май-
гынныыр өрүттэри бэлиэтии көрдүҥ дуу?
Суох, туох да майгынныыр өрүтү булан көрбөтүм,
Эһиги сүрүн бырааһынньыккыт ханныгый?
Сааскы уонна кыһыҥҥы балыктааһын кэмин бэ-
лиэтиибит. Онно “субу күҥҥэ буолуохтаах” диэн чопчу
даатата суох, күнэ-ыйа уларыйа сылдьар.
Саха сиригэр аан бастакы кэлииҥ дуо?
Оннук. Олус бэрт тэрээһин ааста, ыһыаххытын
эмиэ сөбүлээтим. Саамай соһуйбутум — халлааҥҥыт
өҥурүк куйааһа. Биһиэхэ билигин -1-4, ч-6 кыраадыс ээ.
Сыана кэннинээҕи
ыскамыайкаҕа биһиги
курдук оһуордаах
таҥастаах омуктар
олороллоругар тии-
йбитим — Кемерово
уобалаһыттан кэлбит
шордар эбит. Мария
Идигешова кэпсээтэ:
— Таштагол куоратыт-
тан төрүттээхпит, Онно
биир кэлим түүр тылла-
ах шордар түөлбэлээн
олоробут. Саха сиригэр
кэлиэхпин ыраланар да
этим! Дьэ, быйыл та-
былынна ээ… Сахалар
баай култууралаахтар,
ону тэҥэ “сирдэрэ-уот-
тара — Менделеев табы-
лыыссата барыта баар»
диэни истэбит. Бэйэбит
курдук түүр тыллаах уру-
улуу омугу, сахалары,
кытары билсиэхпин баҕарбытым ыраатта. Сахалыы
тылы-өһү истэн, шордууга маарынната санаабытым,
сорох тылы быһа холоон өйдөөбүтүм.
Барарым саҕана үрүҥ көмүс симэхтэри атыы-
ласпыт киһи! Араас сиринэн-уотунан, Орто Азиянан
сырыттым даҕаны, сахалар киэннэрин курдук кыра-
сыабай оҥоһуктары көрө иликпин. Ити — тус санаам.
Хаһыа буолан кэллигит?
Ансаамбылбытыгар отучча киһи баар. Ол
эрээри харчыга хааччах, онон төрдүө эрэ буолан
кэллибит. Намҥа Олоҥхо ыһыаҕар сылдьан, ол
ухханыгар уйдара сылдьабыт. Ыһыах өрөгөйдөөх
арыллыыта 2,5 чааһы быһа буолла, чыпчылыйбак-
ка да көрдүм. Соһуйан, сөБӨн-махтайан хаалан,
төлөпүөммэр харыстаан хаалаары, уһула сатаабытым
кыһыылаах баҕайытык сэрээтим олорон хаалбыта.
Араас бырааһынньыкка сылдьыбыттаахпын эрээри,
ити курдук интэриэһиргээн, салгыбакка көрбүппүн
өйдөөбөппүн. Омук үгэс буолбут бырааһынньыгар
олус элбэх киһи тоҕуоруһан, анаан-минээн таҥнан-
симэнэн кэлбитин харахтыы илигим. Шордар кулун
турар 21 күнүгэр айылҕа тыллыытын уруйдуубут-ай-
халлыыбыт, биһиэхэ ол Саҥа дьыл кэлбитин бэлиэ-
тэ. Нэдиэлэни супту бырааһынньыктыахпытын сөп.
Онтон сайын “Пайрам» диэн эһиги ыһыаххыт курдук
бырааһынньыктаахпыт, Ити күн үүнээйи олордуута
саҕаламмытын бэлиэтиибит. Тоҕо диэтэххэ, өлгөм
үүнүүлээх, халыҥхаһаастаах оьуруоппутунан кыһыны
туоруур аспытын оҥостобут.
Шордар төһө ахсааннааххытый?
Аан дойду үрдүнэн 12 тыһ. тахсабыт. Таштаголга 4800 ахсаааннаахпыт. Тылбытын урут оскуола быра- гырааматыгар киллэрэн үөрэтэрбит, ол кэннэ факуль¬татив таһымыгар диэри намтаппыттара. Быйылгьптан туруорсаммыт, үөрэх былааныгар киллэртэрбиппит (ыскамыайкаҕа олорор оҕону ыйар). Ити кыыстыын кэпсэтиҥ эрэ, шордуу билэр.
Шорияҕа ыалдьыттыы тиийбит киһи-и…
Оо, кэлиҥ, кэлиҥ! Төрүт аспытынан күндүлүөхпүт да күндүлүөхпүт.
Ыалдьыттарбыт бараары, кынаттарын куурда сыл- дьаллар; гала-кэнсиэрдэрэ эбит. Наҕараада, эБЭрдэ бөҕөтө буолла. Мэһэй-таһай буолумаары, тохтоотум. Забайкальеттан, Бүрээт Өрөспүүбүлүкэтиттэн култу¬ура миниистирдэрэ кэлбиттэр. Норуот бөҕө үйэлээх буоларыгар тылы билии уонна култуураны сайынна- рыы улахан оруоллааҕын, ол иһин угүс күрэхтэһиини, араас тэрээһини ыыталларын, кэнэҕэһин даҕаны бу курдук муста туруохтарын туһунан ахтан аһардылар. Дьэ, Арассыыйа үрдүнэн “оптимизация” дии-дии, сарбыйыы бөБӨТө буола турар. Ол национальнай өрөспүүбүлүкэлэр төрүт култуурабытыгар, аҕыйах ахсааннаах норуоттар түөрэккэй дьылҕаларыгар охсу- батын, «үөһээҥҥилэр» эппит тыллара тыалга көппөтүн диэн, эмиэ эрэнэ хаалабыт…
Сардана БОРИСОВА.
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: