г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Ил тумэн. — 2019. — Муус устар 26 к. — С. 6-7


Дьон эмсэ5элээбэтин курдук улэ барыахтаах


Үөрэх, доруобуйа харыстабылын, култуура эйгэлэригэр структураны бэрээдэктээһин ыыты
Кэлиҥҥи кэмҥэ үөрэх, култуура уонна доруобуйа харыстабылын эйгэлэригэр модельнай штат араспысаанньатын оҥоруу, штаттары сарбыйан, структураны бэрээдэктээһин тула үгүс кэпсэтии, санаа атастаһыыта барар.

Хайа баҕарар олоххо-дьаһахха дьайар бөдөҥ суолталаах дьаһал олоххо киириэн иннинэ, төһөнөн элбэхтик сүбэ, санаа атастаһыыта барар даҕаны, соччонон сөптөөх түмүк оҥоһуллан, охсуута аччаан биэрэрэ баар суол. Оттон сыыһа-халты хамсанныҥ, дьаһанныҥ эрэ, этэргэ дылы, өр кэмҥэ оспот сырҕан баас буолуон сөп.

Ааспыт нэдиэлэҕэ тустаах боппуруоһунан Ил Түмэҥҥэ түөрт сис кэмитиэт холбо- һуктаах мунньаҕа спикер Петр Гоголев салалтаты- нан ыытылынна. Кини парламеҥҥа тустаах боппуруос үһүс төгүлүн дьүүллэһиллэрин бэлиэ- тээтэ. Спикер күн бүгүнүгэр ^ диэри уларыйыылар тустары- нан толору хартыынаны көрө иликтэрин бэлиэтээтэ.
Септеех түмүк оҥоһуллан Билигин тыа сиригэр оскуола, уһуйаан, балыыһа уонна кулу- уп баар буоланнар, нэһилиэнньэ үгүс өттө дьарыктаах, үлэлээх. Онон тустаах боппуруос көтөҕүллүбүтүттэн дьон долгуйара оруннаах.
Хайа баҕарар олоххо-дьаһахха дьайар бөдөҥ суолталаах дьаһал олоххо киириэн иннинэ, төһөнөн элбэхтик сүбэ, санаа атастаһыыта барар даҕаны, соччонон сөптөөх түмүк оҥоһуллан, охсуута аччаан биэрэрэ баар суол. Оттон сыыһа- халты хамсанныҥ, дьаһанныҥ эрэ, этэргэ дылы, өр кэмҥэ оспот сырҕан баас буолуон сөп.
Ол да иһин Ил Түмэн түөрт сис кэмитиэт холбоһуктаах мунньаҕын тэрийэн ыыттаҕа. Иһитиннэриилэри үлэ уонна со- циальнай сайдыы, үөрэх уонна наука, култуура уонна духуо- бунай сайдыы миниистирдэрэ Елена Волкова, Владимир Егоров уонна Юрий Куприянов оҥордулар. Мунньах кыттыыла- ахтара ордук Юрий Куприянов информациятын астыннылар. Иһитиннэрииттэн култуура эй- гэтигэр тустаах боппуруоска сүбэнэн-аманан сөптөөхүлэ баран эрэрэ көһүннэ. Манна салайааччы үлэҕэ, олоххо баай уопута төһүү буолбута саарбаҕа суох. Онон ити салааҕа модельнай штат ара- спысаанньата «ыарыыта» суох киирэр кыахтаах диэн этиэххэ сөп. Кини: «Биир тэҥ иэннээх ку- лууптарга сорохторугар икки, сорохторугар түөрт, сорохторугар аҕыс муоста сууйааччы тоҕо баар буолуохтаахтарый?» — диэн эттэ. Итини бэрээдэктиир, бюджет үбүн-харчытын көдьүүстээхтик туһанар кэм кэлбитин бэлиэтээтэ. Миниистир бу эйгэҕэ 100-тэн тахса штат сарбыллыахтааҕын туһунан эттэ.
Вице-спикер Антонина Григорьева штаты сарбыйыы му- зейдар, норуодунай театрдар, библиотекалар үлэлэригэр охсуу- лаах буолуоҕуттан сэрэхэдийэрин бэлиэтээтэ.
Оттон үөрэх эйгэтигэр тустаах боппуруоһунан үлэ
ситэ бара илигэ көһүннэ. Ол таблицаларга сыыппаралар араастаһыыларыттан уонна миниистир парламентарийдар ыйы- тыыларыгар чуолкайа суох хоруй- дарыттан да ырылыччы көстөн кэллэ. Парламент мандаакка уонна регламеҥҥа хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, Сунтаардааҕы биир мандааттаахуок5фуктан депутат Андрей Николаев Сунтаар улууһугар 500-тэн тахса штат сар- быллаары турарын, суос-соҕотох бюджеттан иитиллэн олорор тыа сиригэр улахан охсуу буолуоҕун туһунан эттэ.
Үөрэх миниистирэ иһитин- нэриитин аҥаардас саамай үчүгэй туруктаах Хаҥалас улууһун сыып- параларыгар сигэнэн оҥорбутун эрэ парламентарийдар эмиэ астымматылар. Депутаттар Арктика, хоту улуустар уонна суола- ииһэ суох кырыы учаастактар уратылара учуоттамматаҕын бэлиэтээтилэр. Парламентарий Елена Голомарева: «Мин ыып- пыт суруктарбар улуустааҕы үөрэх управлениелара хоруйу ыыппаттар. Норуот депутат- тарыгар итинник сыһыан та- быллыбат. Парламентарий хайа баҕарар иһитиннэриини ылар бырааптаах», — диэн эттэ. Кини Муома уонна Аллайыаха улуу стары гар штаттар сарбыллыыларын түмүгэр оскуолалар сабыллар кутталлаахтарын бэлиэтээтэ.
Парламентарий штаты сарбыйыы хоту улуустары таарыйыа суохтааҕын ыйда.
Үөрэх миниистирэ тустаах боппуруоһунан улуустааҕы үөрэх управлениетын начальниктарын эрэ кытта буолбакка, эрэдэби- эй учууталлары, үлэһиттэри кытта элбэхтик сүбэлэһэрэ, санаа атастаһара туһаттан атыны аҕалыа суоҕар саарбахтаабаппын.
Кыра оскуолалар сабыллар кутталлаахтар
Биллэрин курдук, ааспыт 2018 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр «О стандартах структуры и параметров минимальной сети объектов социальной инфраструктуры Республики Саха (Якутия)» диэн бырабыыталыстыба 202 №-дээх уурааҕа ылыллан турар. Ол курдук, тустаах докумуон олоххо киирдэҕинэ, 11 тыһыынча штат сарбыллыахтаах. Били үп-харчы дэлэй, үгүөрү кэмигэр, кырдьык, структураҕа ыһыллыы тахсыбы- та көстөр. Ол курдук, мунньахха сылдьыбыт дьон хос-хос сол- буйааччы, этэргэ дылы, араас дуоһунастар баалларын илэ кул- гаахпытынан иһиттибит. Үөрэх миниистирэ Владимир Егоров 4498 штат ханнык да төрүккэ олоҕурбатаҕын, этэргэ дылы, хал- лаантан түспүтүн туһунан эттэ.
Ити эрээри штаты сарбыйыы күүскэ барар түгэнигэр тыа сир- дэригэр аҕыйах үөрэнээччилээх (малокомплектнай) оскуолалар сабыллар кутталлаахтар. Өрүү этиллэрин курдук, оскуола тыа сиригэр биир тутаах тэрилтэ. Бу үөрэх тэрилтэтэ үлэтин тохтотто эрэ, бөһүөлэк нэһилиэнньэтин ах- саана аллараа түспүтүнэн барара баар суол. Кэлин тиһэх тустаах нэһилиэнньэлээх пууннар сир үрдүттэн симэлийэр да кутталлаахтар. Оттон билигин геополитика дойдубутугар, туһулаан Уһук Илиҥҥи региоҥҥа сытыытык турар. Онон тустаах дьаһал дойду ити позициятыгар сөп түбэспэтин бэлиэтиибин.
Дойдубут Президенэ Владимир Путин бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлинэн үлэлии оло- рон, Волгоградка буолбут «Биир ньыгыл Россия» партия кон- ференциятыгар бу боппуруоһу таарыйан турардаах. Кини: «Биһиэхэ тыа сирин кыра кээ- мэйдээх оскуолаларын кыһалҕата суох буолбатах, баар. Мэлдьи кинилэри сабар эбэтэр саппат туһунан мөккүөр барар. Оскуо- ланы саптахха, нэһилиэнньэлээх пуун симэлийэр-сүтэр», — диэн этиитин кытары сөбүлэспэт буолуоҕу табыллыбат. «Ханна эрэ, баҕар, оскуола үлэтин тохтоп- пута сөптөөх буолуо. Ол эрээри төһө кыалларынан оскуолалары хааллара сатыахтаахпыт уонна онно үлэни ыытыахтаахпыт”, — диэн эппитэ. Кырдьык, оскуолалар тыа сирин, этэргэ дылы, тэбэр сүрэхтэрэ буоларын ким мэлдьэһиэ буоллаҕай?
Муусустар 23 күнүгэр буолбут Россия сокуону оҥорооччуларын Сэбиэтин үөрэххэ уонна наукаҕа хамыыһыйатыгар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев тустаах боппуруоһу ЭМИЭ КӨТӨХТӨ. Кини аҕыйах үөрэнээччилээх оскуолалары оннунан хаалла- рары таһынан, сайыннарыахха наадатын ыйда.
Владимир Путин эппи- тин курдук, дьоҕус оскуолалары үлэлэрин тохтотор туһунан боппуруос кэмиттэн кэмигэр күөрэйэн тахса турар. Өйдүүргүт буолуо, Россияҕа 122 №-дээх со- куон тахсыытыгар аҕыйах ком- плектаах оскуолалар дьылҕалара сытыытык турбута. Оччолор- го ити сокуону өрөспүүбүлүкэ
Ити эрээри штаты сарбыйыы күүскэ барар түгэнигэр тыа сирдэригэр аҕыйах үөрэнээччилээх (малокомплектнай) оскуолалар сабыллар кутталлаахтар. Өрүү этиллэрин курдук, оскуола тыа сиригэр биир тутаах тэрилтэ. Бу уорэх тэрилтэтэ үлэтин тохтотто эрэ, бөһүелж нэһилиэнньэтин ахсаана аллараа гүспүтүнэн барара баар суол.
Салайааччылар ФГОС (федеральные государственные стандарты) ирдэбилинэн психологтар, доруобуйалары- гар хааччахтаах оҕолорго тьютордар (иккис педагогтар) штаттара эбиллэн биэриэхтээхтэрин туһунан эттилэр.
Президенэ Вячеслав Штыров
аһаҕастык утарбыта. Ил Тумэн депутаттара Александр Жирков уонна Александр Уаров Москваҕа Госдумаҕа тиийэн улэлээннэр, аҕыйах кылаастаах оскуолалар статустара оннунан хааларын туруорсаннар, тустаах сокуоҥҥа көннөрүү киллэртэрбиттэрэ.
Саха сиригэр кыра оскуолалар, балыыһалар, култуура тэрил- тэлэрэ бааллара бу өрөспүүбүлүкэ итэҕэһэ буолбатах. Тыйыс тым- ныылаах, киэҥ-куоҥ сирдээх- уоттаах, аҕыйах нэһилиэнньэлээх регион уратыта буолар.
Бюджет ороскуота бэрээдэктэниэн наада эрээри
Мунньахха кыттыыны ыл- быт бырабыыталыстыба бэрэс- сэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина модельнай штат араспысаанньатын туһунан са- наатын бу курдук эттэ. Кини: «Штаты сарбыйыы буолбакка, структураны бэрээдэктээһин диэн уурааҕы өйдүөххэ наадалаах. Тустаах боппуруоска бырабыыталыстыба парламены кытта биир сүбэнэн үлэлиир баҕалаах. Сарбыйыы педагогтарга буолбакка, көмө үлэһиттэргэ (муоста сууй- ааччыларга, харабылларга, о.д.а.) ыытыллыаҕа», — диэн эттэ. Ити туһунан үөрэх миниистирэ эмиэ иһитиннэриитигэр таарыйбыта.
Тустаах салайааччылар ФГОС (федеральное государственные стандарты) ирдэбилинэн психологтар, доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго тьютор- дар (иккис педагогтар) штаттара эбиллэн биэриэхтээхтэрин туһунан эттилэр. Кинилэр барыта куһаҕан буолбатаҕын ыйдылар.
Маныаха парламентарий- дар бөһүөлэктэргэ, ордук хоту улуустарга аутсорсинг киирэрэ уустугун, кыаллыбатын бэлиэтэ- этилэр. Ити боппуруос улуустар кииннэригэр уонна куораттарга быһаарыллара уустуга суоҕун туһунан этэбин.
Депутат Владимир Черно- градскай бюджет үбүн-харчытын бэрээдэктиир наадалаах, ол эрээри штаты сарбыйыы ыытыллыа суохтааҕын бэлиэтээтэ. Кини: «Дьон олоҕун хаачыстыбатын үрдэтэр судаарыстыба соругун толорон, социальнай объект бөҕөтүн үлэҕэ киллэрэбит. Оттон билигин тыа сирин намыһах доху- оттаах нэһилиэнньэтин ыарахан балаһыанньаҕа анньан биэрэн, социальнай эйгэни сарбыйаары олоробут», — диэн эттэ. Кини уонна норуот депутата Михаил Гуляев социальнай объектар муоста сууйааччыта, таас оскуолалар хайдах даҕаны сантехнига суох кыайан үлэлиир кыахтара суох- тарын бэйэлэрин этиилэригэр бэлиэтээтилэр.
Вице-спикер Виктор Губарев тустаах докумуон бүгүн эрэ күөрэйбэтэҕин, этэргэ дылы, ыскаап түгэҕэр өр баттаныллан сыппыт буолуохтааҕын туһунан эттэ. Кини итинник баттаан сы- тыарбакка эрэ, сыыйа-баайа олоххо киллэриэх баарын туһунан бэлиэтээтэ. Виктор Губарев; «Биһиги итинтэн олохпут туп- суо дуо? Ол туһунан толкуйдуох тустаахпыт», — диэн эттэ. Депутат Сулустаана Мыраан саҥа сүүрээни кытта сөпсөспөтүн эттэ. Кини штаты сарбыйыы буолар түгэнигэр, миитиннии тахсар дьоҥҥо көмөлөһүөҕүн туһунан биллэрдэ.
Миниистир хойутаан кэлэн
Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова мунньах бүтүүтүгэр биирдэ кэлэн, кини иһитиннэриитин депутаттар тохтоттулар. Норуот итэҕэллээхтэрэ парламент ыытар тэрээһинигэр итинник сыһыаннаһар сыыһатын туһунан эттилэр.
Парламентарийдар Елена Борисованы кытта атын күҥ- ҥэ көрсөргө былааннаатылар. Доруобуйа харыстабылын профсоюһун биэрбит дааннайы- нан, бу салааҕа 448 штат сарбыл- лара былааннанар.
Үөрэх уонна култуура эйгэ- лэринээҕэр доруобуйа харыста- былыгар балаһыанньа ордук буолуохтаах дии саныыбын. Бу эйгэҕэ эмчиттэр үгүстэрэ икки- лии үлэҕэ үлэлииллэрэ биллэр. Маны таһынан чааһынай клини- калар элбээтилэр. Онон эмчиттэр үлэтэ суох хаалыахтара диэн куттал суох. Арай техническэй үлэһиттэр туһунан боппуруос туспа…
Сыыйа-баайа киирэрин курдук
Мунньах түмүгэр парламентарийдар түөрт эйгэҕэ барытыгар тус-туһунан оробуочай бөлөхтөр тэриллэллэрэ наадатын ыйдылар. Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппу- руостарыгар сис кэмитиэтин бэ- рэссэдээтэлин солбуйааччы Нюр- гуяна Захарова сокуон барыла бастакы ааҕыыга киириэн иннинэ көрдөрүүлээх тустаах сис кэмити- эккэ киириэхтээҕин туһунан эттэ.
Депутат Елена Голомарева Арктикаҕа уонна хоту улуустарга аутсорсины киллэрии төһө көдьүүстээҕэр бырабыыталыстыба хамыыһыйата тэриллэрэ наадатын бэлиэтээтэ.
Ил Түмэн үөрэххэ, нау- каҕа, култуураҕа, көрдөрөр- иһитиннэрэр средстволарга уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габыше- ва парламеҥҥа аан маҥнай ман- нык түөрт кэмитиэтхолбоһуктаах мунньаҕа ыытыллыбытын бэлиэтээтэ. Кини: «Модернизация, структуризация, оптимизация, систематизация диэн араас аатта- рынан уларыйыылар буолаллар. Ол эрээри уларыйыы дириҥник толкуйдаммыт буолуохтаах. Дьон эмсэҕэлээбэтин курдук үлэ бары- ахтаах», —диэн эттэ.
Модельнай штат араспысаан- ньата үүнэр 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киириэхтээх. Феодосия Габышева бэс ыйыт- тан саҕалаан кэлэр сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар көннөрүү үлэтэ саҕаланыахтааҕын туһунан эттэ. Кини штат араспысаанньатын тэрилтэлэр бэйэ- лэрэ оҥороллорунан сибээстэ- эн, парламентарийдар итиннэ үлэлэһиэхтээхтэрин ыйда.
Феодосия Габышева Магадан уобалаһын, Хабаровскай уонна Забайкальскай кыраайдар тустаах боппуруоска уопуттарын үөрэппитин туһунан эттэ. Онно модельнай штат араспысаанньатын булгуччу киллэрэр туһунан ханна да суруллубатаҕын бэлиэтээтэ. Кини Ил Түмэн алтыс ыҥырыытын депутаттара бу хайысхаҕа Уһук Илиҥҥи регион парламентарийдарын кытта би- иргэ үлэлиэхтэрин туһунан эттэ.
Парламент үөрэххэ, нау- каҕа, култуураҕа, көрдөрөр- иһитиннэрэр средстволарга уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар; бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар; фи- зическэй култуураҕа, спортка уонна ыччат дьыалаларыгар; доруобуйа харыстабылыгар, социальнай харысхалга, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэми- тиэттэр холбоһуктаах мунньах- тарын түмүгүнэн 2019 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри норуот депутаттара киллэрбит этиилэ- рин учуоттаан, модельнай штат араспысаанньатын сыыйа-баайа киллэрэригэр «Суол хаарта- тын» оҥорор уонна бигэргэтэр туһунан бырабыыталыстыбаҕа этии оҥордулар.
Людмила НОГОВИЦЫНА



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: