Источник: Кыым. — 2019. — Муус устар 18 к. — С. 19
«Күн Өркөн» бириэмийэ лауреаттара ааттаннылар
Муус устар саҥатыгар Судаарыстыбаннай нуучча драмтыйаатырын сыанатыгар Саха сиринээҕи култуура уонна ускуустуба колледжа олохтообут «Күн Өркөн-2019» бириэмийэтин өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлиихамсыы, айа-тута сылдьар култуура уонна ускуустуба эйгэтигэр кыайыылаах, үрдүк ситиһиилээх выпускниктарын, быйылгы сылга үөрэх тиһэх куурустарыгар туйгуннук үөрэнээччилэри бэлиэтээтэ.
Мустубут дьону СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куп-риянов эҕэрдэлээтэ. Үөрэх тэрилтэтэ култуура сайдыытыгар кылаастаах каадыр бэлэмигэр сүҥкэн оруоллааҕын сэргэ манна олохсуйбут төрүт омуктар култуураларын үйэтитиигэ, барҕардыыга сүҥкэн үлэни ыытарын эттэ. СӨ Култуура уонна ускуустуба колледжын дириэктэрэ, Саха сиринээҕи култуура уонна уску-устуба эйгэтин үлэһиттэрин айар тумэлин бэрэссэдээтэлэ Захар Никитин култуура уонна айар үлэ киһи олоҕор улахан оруоллааҕын бэлиэтээтэ. «Кун Өркөн эрэлэ» бириэмийэни үөрэххэ үрдүк ситиһиилээх, уопсастыба олоҕор көхтөөх устудьуоннары бэлиэтээтэ. Кинилэр истэригэр төрүт кул-туура салаатын устудьуона Уйгу Семенов, үҥкүү салаатын устудьуона Диана Винокурова, хуору салайыы салаатын устудьуона Мичилийэ Обутова,
тыас-уус маастарыстыстыбата салаатын устудьуона Егор Слепцов, социальнай-култуурунай улэ салаатыттан Татьяна Христофорова ааттаннылар.
Бу бириэмийэ сэттис туттарыллыыта. Үгэс быһыытынан, култуура сайдыытыгар куускэ үлэлэһэр бу үөрэх кыһатын араас сылларга бутэрбиттэргэ туттардылар. Быйыл 9 номина-ция бэлиэтэннэ:
«Хуору салайыыга айар улэ» номинацияҕа Елена Кутукова, Намнааҕы А.Ф. Шестаков аатынан норуот айымньытын дьиэтин «Ньургуһун» норуодунай үҥкүү уонна хуорунан ырыа кэлэктиибин салайааччыта, «Дьүөгэлэр» норуот ырыатын бөлөҕүн салайааччыта, уерэх тэрилтэтин 1970 с. бутэрбит.
«Үҥкүү ускуустубатыгар айар улэ» номинацияҕа Мария Борисова, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр оҕо ускуустубатын оскуолатын «Алгыс» норуот үҥкүүтүн бөлөҕүн төрүттээбит салайааччы тигистэ. Кини 1981
сыллаахха бутэрбит.
«Бибилэтиэкэ дьыалата» номинацияны Евгения Янкова, Өлүөхүмэ улууһун оройуоннааҕы бибилэтиэкэтин сурун каталогу суруннуур бибилэтиэкэрэ тутта. Кини колледжы 2014 с. бутэрбит.
«Социальнай култуура хайысхатыгар айар улэ» номинацияны Валентина Аржакова, Чурапчы Одьулуун нэһилиэгин «Сайдыс» норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ, колледж 1997 сыллааҕы выпускнига ылла.
«Тыас-уус маастарыстабатыгар айар улэ» ааты Андрей Дмитриевкэ, Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия тыаһыууһутаҥааччы исписэлииһигэр, колледж 2000 с. выпускнигар туттардылар;
«Терут култуура хайысхатыгар айар улэ» номинацияҕа Прокопий Федоров, Ньурбатааҕы көһө сылдьар судаарыстыбаннай тыйаатыр артыыһа, 2007 с. уөрэҕин бутэрбит кыайыылаах
таҕыста;
«Хаартыскаҕа, киинэҕэ устууга айар улэ» номинацияҕа Радомир Томскай “Саха” НКИХ успуорт бырагыраамаларын эрэдээксийэтин салайааччыта, 2005 с. выпускник таҕыста.
«Тыйаатыр хайысхатыгар айар улэ» ааты Мария Герасимова-Сэҥээрэ, Чурапчы култуураҕа управлениетын норуот тылынан уус-уран айымньытын салаатын сурун исписэлииһэ, 1968 с. выпускнига ылла.
«Идэҕэ бэриниилээх буолуу» аакка педагогика улэтин бэтэрээнэ, ССРС уонна СӨ култууратын туйгуна Анастасия Габышева кыайда. Кини уһун кэмҥэ уерэх кыһатыгар элбэх көлүенэ артыыһы иитэн-уһуйан таһаарбыт маастар педагог.
Бу бириэмийэ суолтата махгалы биллэрии, култуура эйгэтигэр киллэрбит өҥөнү быһаарыы, эдэр ыччаты идэҕэ угуйуу.
Колледж устудьуоннарын отчуоттур кэнсиэрэ урдук таһымнаахтык ааста. «Эйгэ» но-руот устудьуоннарын сиэргэтуомҥа тыйаатырдара (сал. М.Г. Боппоенова), «Өркөн» норуот үҥкүүтүн бөлөҕө (сал. СӨ култууратын туйгуна А.Г. Пав-лова) Сомоҕолоһуу сылыгар сыһыаран, олохтоох омуктар
тылларынан дириҥ ис хоһоонноох туруорууну көрдөрдулэр. Кэнсиэри дойдуга биллэриллибит Тыйаатыр сылын сиимбэллэрэ, куукула тыйаатырын артыыстара байыттылар. «Өркөн» норуот үҥкүүтун бөлөҕө «Сети», «Дьөһөгөй», «Монгол үҥкүүтэ», «Еврей үҥкуутэ», «Аан дойду хоробуота» үҥкүүлэри бэлэмнээн кэлбит. «Кыыс Куо» ырыа бөлөҕө (сал. ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Е.С. Попова), «Оргуй-чоргуй» чабырҕахсыттар (сал. М.Г. Боппоенова), «Толомон» уолаттар, «Туйаарар» кыргыттар бөлөхтөрө (сал. СӨ үөрэҕириитин туйгуна М.Н. Ви-нокуров), «СТЭМ» эстрада миниатюраларын тыйаатырдара сонун ырыаны-тойугу, тылынан айымньылары көрдөрдүлэр. Кэнсиэр сонун суурээнэ быйыл тэриллибит «BaArt» ВИА буолла (сал. СӨ култууратын туйгуна Р.Г. Кысылбаиков). Уолаттар тыыннаах доҕуһуолунан биирдилээн толорооччулар ырыаларын киэргэттилэр.
Бу тэрээһинтэн дьон-сэргэ олус сынньанан, дуоһуйан тарҕаста.
Култуура уонна ускуустуба колледжын методикаҕа салаата
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: