г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Забота. Арчы. — 2019. — Муус устар 11 к. — С.12


Кыраасканы, киистэни аргыс оҥостон

Биир дойдулаахтар күннэригэр айар талааннаахтар быыстапкаларыгар сылдьан, Сахабыт сирин кэрэ айылҕатын кырааскаҕа түһэрэн, дьыл ханнык да кэмин уратытык уруһуйдаан хартыына оҥорон таһаарар дьикти талааннаах Сэмэн Корякин үлэлэрин олус сэргии корбүтүм. Семен Иванович Тандаҕа элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Удьуор уус, үлэһит дьонтон сыдьааннаах уол оҕо эрдэҕиттэн талаана арыллан, аҕатын, таайын батыһа сылдьан көрөн, уһаныы албастарын баһылаан барбыт. Ол курдук, кини оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар “Зарница” диэн байыаннай оонньуу сайдан турар кэмэ этэ. Оскуола үрдүкү кылаа- һын оҕолоро икки хамаандаҕа арахсан, Чороонноох хайа диэн ааттыыр үрдүк сыырдарыгар “Зарница” оонньууллара. Оччолорго баара-суоҕа 3 кылаас үөрэнээччитэ Сеня Коря-кин маһынан “Максим” пулемету, бинтиэпкэ, бэстилиэт оҥорон кыра сыанаҕа атыылыыра.

1973 сыллаахха Танда орто оскуолатыгар уруһуй, черчение уонна үлэ уруоктарын учууталларынан эдэр, кэскиллээх учуутал Г.Н. Бурцев үлэлии кэлбит. Кини эһилиэк талааннаах оҕолорун таба корон, дьаныардаах дьарыгынан, сыаннай сүбэлэринэн ыч- чат дьону кытга ситимнээх үлэтин түмүгэр ити сылларга Танда орто оскуолата черчение, үлэ, уруһуй олимпиадаларыгар республикаҕа инники күөҥнэ тахсыбыта. Григорий Николаевич үөрэнээччилэрэ билигин республикаҕа ураты хайысханы тутуһан, айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сьшдьаллар. Олор истэригэр “Оһуор утум” бырааттыы Заболоцкайдары, Россия уонна Саха Республикатын Архитектордарын союһун чилиэнин, СР Бочуоттаах архитекторын А.А. Старостинаны, Россия Худуоһунньуктарын союһун чилиэнин С.И. Корякины о.д.а. ааггаталыахха соп. Онон Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна, “Азия оҕолоро” фонда стипендиата Г.Н. Бурцевка оччотооҕу оҕолор талааннарын арыйал- ларыгар көмөлөспүт, айар талаан аартыгын арыйбыт, уһулуччулаах учууталга үөрэппит оҕолоро махталлара улахан.

Сэмэн оскуола кэнниттэн төрөөбүт Тандатыгар Герой Егоров совхозка рабочайдаан баран, Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы барбыт. Салгыы Намнааҕы педучи- лищеҕа киирэн, үөрэнэн, черчение, үлэ, уруһуй учууталын идэтин ылбыт. Мүрү 8 кьшаастаах оскуолатыгар 5 сыл учууталлаан баран, Нерюнгри куоракка олох- тоохтук оҥостон, көһөн, олоҕун 33 сьшын онно олорон, айан-тутан, үлэлээн кэлбит.

— Акварель, гуашь кыра- асканан уруһуйдуур интэриэһинэйэ суох буолбутугар, оҕолор болҕомтолорун тардаарыбын маслянай кыраасканан уруһуйдуурга үөрэтэн барбытым. 90-с сылларга дойду үрдүнэн ыһыллыы-тоҕуллуу, үп-харчы кырыымчык кэмнэрэ үүммүттэригэр, этюдта- ры уруһуйдааммын, ону атыылааммын, эбии дохуот киллэринэн саҕалаабытым. Онон ыктарыылаах кэмнэ хартыыналарым быыһаабыттара. Кэнники Хабаров- скайдааҕы педагогическай институкка художественнай графика факультетыгар үөрэнэн үрдүк үөрэхтэмми- тим.

Сахабыт сирин көрүөх- тэн кэрэ көстүүлэринэн натюрмортары, этюдтары уруһуйдуубун, дьон көрдөһүүтүнэн мэтириэттэри оҥоробун. “Якутуголь” тэрилтэҕэ автослесарынан үлэлиир сылпарбар, миэхэ, айар киһиэхэ, наадалаах бары усулуобуйаны олохтообутгара. Онон дьэ арыллан, олоҕум саамай айымньылаах түгэннэрэ Нерюнгри куоракка олорбут сылларбар ааспыттара. Ити кэмнэргэ бырабыыталыстыба, Ил Түмэн, Культура министиэристибэтэ туһааннаах көрсүһүүлэргэ мин үлэлэрбин ыалдьыттарга бэлэх быһыытынан элбэхтик сакаастыыра, онон ор сылларга хас да тэрилтэни кытта хардарыта сибээстэһэн үлэлээбиппит.

Сакааһынан норуот быһыытынан уратыбытын көрдөрөр элбэх саха быһахтарын, 50-ча чорооннору, саха иһиттэрин, хомус арааһын оҥортообутум. “Якутуголь” тэрилтэ Япо-ния, Корея дойдуларын, Челябинскай уобалаһы кытта дуогабарынан үлэлиирэ. Онон мин айан, чочуйан таһаарбыт оҥоһуктарым, ити курдук кынаттанан киэҥ сирдэринэн тарҕаммыттара.

Нерюнгри — интернациональнай куорат. Араас омук дьоно сөбүлээн үлэлии, олохсуйа кэлэллэр. Онон хардарыта ыалдьыт- таһыыга, бэлэх-туһах бэрсиигэ мин үлэлэрбин эрдэттэн сакаастаһан хамаҕатык ылаллара.

Бырабыыталыстыба дьиэтигэр уонна Комдрагметка, СГУ-га персональнай быыстапакаларбын оҥорбутум. Ону таһынан СР Худуоһунньуктарын сойуустарын кытта кытгыгас быыстапкаларга хаста да кыттан турабын. Дойду тас өттүгэр Германияҕа улахан быыстапкаҕа кыттыбытым. Онно 4 үлэбин ылан хаалбыттара. Югославия профессора Лаврич 2 үлэбин сөбүлээн ылбыта. Билигин олорон санаатахпына, 90-с сылларга СНГ дойдуларыгар мин элбэх үлэм тахсыбыт эбит.

Нерюнгрига анал мастарыскыайдаах буоламмын, мастан, удьурхайтан саҕалаан, живописька тиийэ үлэлиир этим. Интэриэстээх оҕолор кэлэн эмиэ дьа- рыктаналлар. Оттон былырыын Дьокуускайга көһөн кэлбитим. Онон билигин үлэлиир усулуобуйам да, матырыйаалым да суох буолла. Аныгы кэм ирдэбилинэн, оҕолорго маастар кылаастары ыытыахпын, уруһуй курдук искусство биир алыптаах эйгэтигэр ыччаттары уһуйуохпун баҕарабын. Эрдэ оҥорбут үлэлэрим (заготовкалар) бааллар. Онон мин уруһуйга буочарбын билэр дьон наадыйдахтарына кэлэн хартыыналары атыылаһан, астынан бараллар, — диэн кэпсээннээх буолла Россия Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, дэгиттэр талааннаах, удьуор уус, тала- аннаах дьонтон тардыылаах, саха киһитин сиэринэн сүрдээх сэмэй биир дойду- лааҕым Сэмэн Корякин.

Екатерина БЯСТИНОВА.



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: