Источник: Кыым. — 2019. — Муус устар 25 к. — С. 7
«Настроение» бэстибээл — Дьокуускайга
Кэнники сылларга Мииринэй оройуонугар ситиһиилээхтик ыытыллар «Настроение» бэстибээл Саха сирин киин куоратыгар тиийэн кэллэ. Бу бэстибээл АЛРОСА АХ социальнай бэлиитикэтин биир хайысхагынан буолар.
Лаппа сиппит-хоппут бы-рагыраамалаах маастар-кы-лаастары бэстибээл ыал-дьыттара — акробатическай рок-н-ролл күрэҕэр аан дойду биэс төгүллээх чемпионнара Ольга Сбитнева уонна Иван Юдин, успуорт бу көрүҥэр “Аан дойду саамай бастыҥ па-арата-2017” аат хаһаайыннара, Арассыыйа, Европа чемпионнара, Аан дойду кубогын икки төгүллээх хаһаайыннара Полина Леонова уонна Павел Зюзин, формейшн-микст категорияҕа аан дойду чемпионнара, Аан дойду чемпионатын уонна аан дойду кубогын финалистара Светлана уонна Алексей Гав-риловтар, ону кытта ааттаах-суоллаах бибойдар, «Predatorz Crew» хамаандаттан аан дойду чемпионнара Аслан Ныров aka Aslan уонна Султан Ныров aka FastFoot (брейк-данс) ыыт-тылар. Балар хамаандаларын биир кыттыылааҕа оҕолор III Олимпийскай оонньууларын кыайыылааҕынан буолбута.
Брейк-данс успуорт олимпийскай көрүҥэ буолбутун са-натар тоҕоостоох. Үҥкүү бэрт үгүс көрүҥнэриттэн Норуоттар икки ардыларынааҕы олимпийскай кэмитиэт (МОК) брейк-данс көрүҥү талан ылбыта. Бу Соҕурууҥҥу Бронкс түгэҕиттэн тахсыбыт тэтимнээх үҥкүү 2024 сыллаахха Парижка ыытыллы-ахтаах Олимпийскай оонньуу-ларга аан бастаан оонньонуоҕа. Оттон былырыын Арассыыйа успуорка министиэристибэтэ брейк-дансы үҥкүү успуордун көрүҥнэригэр киллэрбитэ.
АЛРОСА АХ уонна Үҥкүү
успуордун уонна рок-н-ролл Бүтүн Арассыыйатааҕы феде-рацията тэрийбит урдук кылаа-стаах маастар-кылаастара эдэр успуортсменнар таһымнарын үрдэтэллэригэр көмөлөһөр, оттон саҕалааччылар салгыы сайдалларыгар олук буолар.
Киһи сөҕүөх хамсаныылар
Маастар-кылаастар кыт-тыылаахтара аан дойду кы-айыылаахтарын эрчимнэрин иҥэриннилэр. Акробатическай рок-н-ролл, буги-вуги, брейк-данс — бу олус тургэн тэтим, эргичийии-урбачыйыы, сөҕүмэр акробатика. Бу барыта чэпчэки баҕайытык үҥкүү хамсаныыла-рынан оҥоһуллар. Ону мустубут дьон бары көрөн итэҕэйдилэр, сөхтүлэр-махтайдылар, астын-нылар. Ол иһин даҕаны Дьокуускайга буолбут бастакы бэсти-бээлгэ бу ус көрүҥү таллахтара.
Үөрэтэр-уһуйар маастар-кылаастар кэннилэриттэн үҥкүү успуордун сулустара дьоҥҥо анаан-минээн бэйэлэрин маа-старыстыбаларын кердердулэр. Футворк, “солнце”, акробатика элэмиэннэрэ уонна саамай уу-стук акробатика: фус, кэннинэн сальто, эргийиилэр, аллараа брейк-данс — бу барыта оҕолор сөҕөр-махтайар саҥапарынан доҕуһуолланна.
Саҥа саҕалаан эрэр успуорт көрүҥэ — брейк-данс маастар-кылааһын көрүөн-истиэн баҕалаах саамай элбэх буолан биэрдэ. Тэрийээччилэр эппиттэринэн, маастар-кылаа-старга, бэл диэтэр, иккилиитэ
суруттарбыттар. Маастар-кыла-астарга биллэр саха бибойдара кэлбиттэрин быһыытынан, бил-лиилээх успуортсменнартан ир-дэбил ордук улахан буолан биэрдэ. Ол курдук, биир бөлөххө саҥа саҕалааччы үҥкүүһүттэри кытта хаһыс да сылын дьа-рыктанар Саха сирин «Phoenix Crew» уонна «Dexterous Crew» хамаандаларыттан уопуттаах үҥкүүһүттэр кэлбиттэр. Ол да буоллар, аан дойду чемпионнара быһыыны-майгыны сөптөөх сүрүҥҥэ туттулар. Брейк-данс
Хайы сах ыам ыйыгар аныгыскы “Настроение” бэстибээл буолар. Бу сы-рыыга Дьокуускай бэркэ билэр успуорт көрүҥүнэн дьарыгырыа — көҥүл ту-стуунан.
үҥкүүгэ биир хамсаныы туох да сурдээх элбэх барыйаанна-ах — судургуттан туох да олус уустукка тиийэ. Онон туеруйэни быһаччы хамсаныылары кытта аттараннар биллиилээх успуортсменнар маастар-кылаас хас биирдии кыттааччытын кутун туттулар.
Биллиилээх успуортсменнар маастар-кылаас кыттыыла-ахтарын кытта хара ааныттан олус холкутук, өрдөөҕүттэн билсэрдии кэпсэтэллэрэ, оонньууллара-кулэллэрэ туо-раттан олус ылбаҕайдык көстөр. Охтуу, сыыһа-халты туттуу ханна барыай эрээри, успуортсменнар бэйэлэрэ этэллэрин курдук, “дэлби түһүүтэ суох кыайан кеппеккун”. Ону отчуоттуур кэнсиэр аата даҕаны туоһулуур: «Доверяй, мечтай, летай». Бу бэртээхэй кэнсиэринэн Дьокуускайга аатырбыт үҥкүүһүттэр уонна ыҥырыылаах ыалдьыттар кыттыылаах “Настроение” бэстибээл тумуктэннэ.
Успуорт дьоҥҥо аһаҕас буолуохтаах
Успуорду өйөөһүн — АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн олоххо киллэрэр социальнай бырайыактарын биир сурун хайысхатынан буолар. Оттон маннык маассабай тэрээһиннэр дьону саҥаны билэллэригэр, сөҕөллөрүгэр-махтайалларыгар, онтон сы-лтаан успуордунан дьарыкта-
налларыгар төһүү буоларын таһынан, успуорт урут биллибэт еруттэрин арыйар. Онон ким эрэ бу көрүҥнэри кытта олоҕун сибээстиэн, ИДЭТИЙИЭН СӨП буоллаҕа.
«Биһиги АЛРОСА хампаан-ньаны кытта хаһыс да сылын үлэлиибит. Бэйэбит көрүҥмутүн тарҕатар сыаллаах Айхалга, Мииринэйгэ, Удачнайга сыл-дьыбыппыт, аны Дьокуускайга тиийдибит. Сотору эһиэхэ сиэксийэлэр арыллыахтара, онно оҕолор да, улахан да дьон дьарыктаныахтара диэн эрэнэ саныыбыт. Оҕолор төһө да буги-вуги хамсаныыларын аан бастаан оҥорор эрээрилэр, олус кыһаналлар, төрүт элэми-эннэри хайы сах сатаатылар диэххэ сөп. Биһиги бэлиэтии көрбүппүгүнэн, кыргыттар акро-батиканан, гимнастиканан дьа-рыктанар буоланнар бэлэмнээх курдуктар», — дииллэр Светлана уонна Алексей Гавриловтар.
Оҕолор уонна ыччат дьон аатырбыт успуортсменнар, аан дойду сулустарын са-лалталарынан дьарыктанар дьоллоннулар. Үөрэн-көтөн чоҕулуҥнаһалларынан сы-лыктаатахха, бу кинилэргэ улахан бырааһынньык. АЛРОСА хампаанньа бэлэхтэ-эбит бырааһынньыга. Оттон бырааһынньык хайдах бэлэҕэ-туһаҕа суох буолуоҕай? Маастар-кылаастар бары кыт-тыылаахтара “Настроение” бэстибээл фирменной фут-болкапарын, значоктары уонна АЛРОСА хампаанньаттан почта хаартыскаларын туттулар. Ол хаартыскаларга аан дойду чем-пионнарыттан илии баттатан ылыахха себе ессе учугэй.
PS. Дьокуускайга акробатическай рок-н-ролл «АЛРОСА кулууба» улэлиир. Онно ким баҕалаах суруттарыан сеп. Аныгыскы сүүмэрдээһин бы-йыл балаҕан ыйыгар буолар. Кулууп тириэньэрэ Александра Труфановаҕа суруттарыаххытын сеп: 89246623266.
Андрей ШИЛОВ.
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: