Источник: Саха сирэ. — 2019. — Бэс ыйын 20 к. — С. 14-15
ОЛОҤХО ААН ДОЙДУГА ТАХСЫЫТА
2005 сыллаахха уһулуччу суолталаах тугэн буолан ааспыта. Ити сыл саха норуотун култууратын, наукатын, историятын биир улахан ситиһиитинэн биһиги эпоспыт олонхо Аан дойдугааҕы ЮНЕСКО тэрилтэтин саамай үрдүк билиниитин ылбыта. Ол курдук, саха норуотун героическай эпоһа — олоҥ- хото киһи аймах тылынан уонна өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэ- лэрин чулуу айымньыларын испииһэгэр киирбитэ.
Саха норуотун уһулуччу- лаах эпоһа — олонгхо бүтүн аан дойду, киһи аймах тылынан уһу- луччулаах айымньытын быһыы- тынан ылыныллыбытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохто- ро уонна уопсастыбаннаһа ула¬хан историческай, култуурунай, духуобунай суолталаах түгэнинэн билиммитэ.
Ити кэмһгэ Саха Өрөспүү- бүлүкэтин оччотооҕу бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров 2005 сыл тохсун- ньу 29 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕар Олоһгхо 10 сыла биллэриллибитэ уонна олоҥхону харыстааһыҥҥа, үйэтитиигэ, үөрэтиигэ, тарзатыы- га аналлаах улахан суолталаах дьаһаллар, ыйаахтар ылыныллы- быттара.
Бу дьаһал Саха Өрөспүү- бүлукэтигэр олоҥхону ха- рыстааһыҥҥа, тарҕатыыга киэҥ тэрээһиннээх үлэни ыытарга кыаҕы биэрбитэ.
САХА НОРУОТУН ФОЛЬКЛОРА
Саха норуота былыр төһө да суруга-бичигэ суох буоллар, бэ¬йэтин санаатын, баҕарар баҕа- тын уус-уран, күүстээх тыл куор- матынан эппэт буолуон сатам- мат этэ. Ити курдук, былыр-бы- лыргыттан Саха норуота ырыа- лары, хоһооннору, таабырынна- ры, чабыр5ахтары, олоҥхоло- ру, остуоруйалары бэрт элбэҕи айбыта. Норуот тылынан уус-уран айымньыта фольклор диэн аат- танар. Фольклор сурук көмөтө суох айыллар. Норуот ырыаһы- та бэйэтин ырыатын, олоюсотун, остуоруйатын өйүгэр тута сылдьан ыллыыр, олоҥхолуур. Биир киһи ыллаабыт ырыатын эбэтэр олоҥ- хотун атын киһи истэн баран, ону үтүгүннэрэн, эмиэ ыллыыр, олоҥ- холуур. Ол ыллыырыгар бэйэтит- тэн эбэр-сабар, сор05ун көҕүрэ- тэр, уларытар дазаны. Ол курдук, киһиттэн киһиэхэ, айахтан-айах- ха сылдьар, нэһилиэктэн нэһили- эккэ, улуустан улууска тар5энар. Ол тухары үгүстүк уларыйар-тэлэ- рийэр, тупсарыллар. Онон баста- аҥыттан төһө да биир киһи төрүт- тээбитин, айбытын иһин, кэнни-
ки үиэлэр усгаларыгар уларытыл- лан, эбиллэн-сабыллан, элбэх киһи айымньыта, бүтүн норуот айымньы¬та буолан хаалар.
Оттон аныгы сурук литера- турата оннук буолбатах: ханнык эмэ киһи бэйэтин хоһоонун, эбэ¬тэр атын айымньытын суругунан суруйар уонна бэйэтин аатын эмиэ суруйан кэбиһэр. Онон кини аата умнуллубат,, сүппэт уонна биир киһи суруйбутун атын киһи ула¬рытар бырааба суох. Ол да иһин, нуучча өһүн хоһооно “суругунан суруллубуту сүгэнэн да суоран сүтэриэҥсуо5а»,диэн этэр.
Саха норуотун айымньы¬та уус-уран өттүнэн кэрэтинэн, үчүгэйинэн, ис хоһооно, биэрэр өйө-санаата, идиэйэтэ дириҥинэн бэрт үрдүк кэрдиискэ турар.
Фольклор айымньылара туохтан 6у курдук үрдүк кэрдиискэ туралларый диэтэххэ, ол. төрүөтэ кинилэр историческай суолтала- рыгар сытар. Кинилэр сүүһүнэн кэмнээх сыллар анараа өттүлэри- гэр айыллан бараннар, одуруунна ах дьыллары, охсуулаах айанна-
ры туораан, биһиги күннэрбитигэр диэри өлбөккө-сүппэккэ тиийэн кэлбит улуу айымньылар буолаллар.
Олонхо — САХА НОРУОТУН ГЕРОИЧЕСКАЙ ЭПОҺА
Саха норуотун героическай эпоһа — Саха норуотун тылынан уус-уран айымньыларыттан биир саамай чулуулара буолар. Олоҥхо саха норуотун былыр-былыргыт- тан сайдан кэлбит историятын, философиятын, ИТЭ5ЭЛИН ураты ис хоһоонун сөҥөрдөн илдьэ кэлбит айымньыта буолар. Олоҥхо норуот өр сылларга өркөн өйүнэн айбыт, уус-уран тылын баайынан уонна ырыатын эриэккэһинэн кэрэхсэм— мит, бухатыырдар мүччүргзннээх сырыыларын хоһуйан көрдөрөр айымньы буолар. Олоҥхолор орто кээмэйдэрэ 10-20 тыһыынча хо- һоон строкаларыттан турар, отгон улаханнара 50-ча тыһыынча стро- каҕа тиийиэн сеп. Олоҥхоҕо уус- уран тыл өттүнэн ылан көрдөххө, тыл баайын дириҥ ис хоһооно, уоттаах тыл сытыыта, дьүһүннүүр тыл дэгэтэ бүтүннүүтугтуллар эбит.
Урукку өбүгэлэрбитигэр, суру-га-бичигэ суох омукка олоҥхо- бут көлүөнэттэн көлүөнэҕэ, уосган уоска бэриллэн күн бүгүнүгэр диэри тиийэн кэлбит.
Олоҥхо Саха омук элбэх көлүөнэ олоҥхоһуттарын сыра- тынан айыллыбыт чулуу айымньы.
. Олоҥхрһуттар элбэхтик олоҥхо- яуулларын саҕана тылынан уонна ырыанан толоруу ньымата сай- дыбыта. Олон^оһут көҥүл, уус- уран тылынан тута айар дьо5у- ра олокхолуур маасгарыстыбатын көрдөрүүтүнэн буолар.
Саха сиригэр былыргы уонна билиҥҥи кэмҥэ архыып уонна научнай суруйуулар чахчыла- рынан, уопсайынан 700-чэ олоҥ- хоһут олорон ааспыт эбит. Саха омук олоҥхоһуггара иччилээх тыл- ларын күүһүнэн олоҥхо курдук улахан кээмэйдээх, баай ис хо- һоонноох айымньылары өйдөрүт- тэн субуруччу этэллэрэ, ырыала- рын толорор ураты талааннара дьон-сэргэ, норуот биһирэбилин ылбыта.
Саха сирин бастакы классик суруйааччыта А.Е.Кулаковскай Саха норуота олоҥхону хай¬дах курдук кэрэхсиирин ман¬ных суруйбуга: “Кыһыҥҥы уһун түүҥҥэ олоҥхоһуту истэ оло pop Саха ыалын көрө түһүҥ эрэ…
Киһи эрэ барыта бэркэ диэн тартаран, биир да тылы сыыска түһэрбэккэ, кыһаллан олорон — иһиллиир, бэл, тыынарын умнарга дылы…
Хас биирдии киһи бары кыһалҕатын, эрэйин умна охсубут уонна баҕа санаа дьикти кэрэ, алыптаах
эйгэтигэр хаптарбыт. Оттон олоҥхоһут бэйэтэ дьиҥнээх поэт курдук, ис иһиттэн иэйэн-куойан оло-
рон толорор; күннээҕи муҥнаах, ииччэх-бааччах олохтоох, “айыылаах» сиртэн букатыннаахтык арах Олоҥхоҕо туох барыта “айыы” икки “абааһы” иккигэ араарыл- лар. Киһи аймахха үтүө эркин- нээх, кини үөскүү, барҕара айылла турарыгар көмөлөөх өттө “айыы- га” сыһыарыллар.. Оттон сидьиҥ, хараҥа, албын-көлдьүн, өлүү-сүтүү өттүн үөдүтэ турааччы өттө, ки- һиэхэ сахаҕа өстөөҕө — “абааһыга» сыһыарыллар.
Өлүү икки — үөскүү икки, көҥүл икки — күһэйии икки күүстэр охсуһууларын олон^о көрдөрөр. Бу олоҥхо көрдөрүүтүгэр айыы өттө тыыннаах буолуу, үөскүү-бар5а- рыы, ДЬОЛГО ТИИЙИИ Ө7ТӨ куруу- тун кыайа, өрөгөйдүү турар. Барыны айар, барыны кыайар үлэ- лээн иитиллээччи норуот бэйэ¬тин күүһүнэн үчүгэйгэ, кэрэ^э тии- йэр эрэлигэр, бу кырдьыкка сытар олоҥхо үйэлэр тухары кэрэхсэнэ- рин кистэлэҥэ.
Олоҥхоҕо олох үс дойдуга арахсар: Үөһээ дойду — Үрүҥ Айыы Тойон (Күн) таҥаралаах Айыы бухатыырдарын дойдулара. Орто дойду — Аан Алахчын Хотун таҥа- ралаах, киһи аймах олорор дойду-лара. Биһиги олорор сирбит.,
Аллараа дойду — Арсан Дуолай таҥаралаах абааһылар, куһэ5ан тыыннар дойдулара.
Олоҥхо Үөһээ дойду уонна Орто дойду бухатыырдарын, дьон- норун, Аллараа дойду абааһыла- рын, куһа^ан тыыннарын кэпсиир- сэһэргиир айымньы буолар.
олонхо ИИТЭР СУОЛТАТА
Олоҥхо диэнинэн бухатыыр¬дар геройдуу охсуһууларын хоһу- йан көрдөрөр эпическэй ырыа- лар-хоһооннор ааттаналлар. Олоҥхо героическай эпос буола- рын быһыытынан, кинини нууч¬ча фольклорун жанрыгар холоон эттэххэ, КИНИ “былина” ДИЭҤҤЭ сөп түбэһэр.
ОлОҺГХО сүрүн идиэйэтэ — Күн улууһун, айыы аймаҕын хараҥа күүстэртэн көмүскээһин. Дьон- аймах дьоллоох олоҕун алдьа- тар хараҥа күүаэри, өстөөх биис уустарын кыайыыны олоҥхо туо- йар. Кини киһи санаатын күүрдэн, кэлэр кэрэ олоххо толору эрэли угар, киһитуох да куһаҕаҥҥа кыай- тарбат Kbia^ap эрэннэрэр: соллоҥ- ноох, идэмэрдээх биис ууаарын, ааһар былыт албыннарын, көһөр былыт көлдьүттэрин, бары өстөөх- төрү күн анныттан суох гынарга,
героическай тыыҥҥа иитэр. Итинэн ОЛОҤХО улахан патриотическай суолталаах. . ‘
• Итини таһынан, рлоҥхо интер- национальнайтыыҥҥа иитэр.
ОЛОНХОНУ НДУЧНАИДЫК чинчийии
19-с үйэ ортотуттан нууч¬ча учуонайдара, политсыылынай- дара олоҥхону интэриэһиргээн үөрэтиэхтэриттэн, наукаҕа биллэр буолбута.
Ол курдук, 18-с үйэ ортоту- гар Арассыыйа учуонайа, чин- чийээччитэ. А.Ф.Миддендорф “Эриэдэл Бэргэн” олоҥхо саҕала- ныытын кылгас ис хоһоонун нууч- чалыы тылынан суруйбуга. Онтон бастакы олоҥхо 1851 сыллаахха академик О.Н.Бетлингк “Сахалар тылларын туһунан” диэн науч¬най үлэтигэр сыһыарыы быһыы- тынан А.Я.Уваровскай “Эрэйдээх- буруйдаах Эр С050ТОХ” олоҥ- хото сахалыы уонна ньиэмэстии тылынан бэчээттэммитэ.
Кинилэр кэннилэрит-.
тэн И.А.Худяков, Э.К.Пекарскай,
С.В.Ястремскай, В.Л.Серошевскай Саха сиригэр көскө, сыылкаҕа кэлэн олорон фольклору,’ олоҥ- холору хомуйан, тылбаастаан, бастакы чинчийиилэри оҥорбутта- ра.
Сэбиэскэй былаас олохтом- мутун кэннэ олоҥхону, фолькло-‘ ру үөрэтиини, чинчийиини, хому- йууну саха маннык учуонайдара саҕалаабыттара: П.А.Ойуунускай, Г.В.Ксенофонтов, А.П.Окладников, С.И.Боло, Г.У.Гермогенов-Эргис, И.В.Пухов, Н.В.Емельянов,
В.Н.Никифоров, В.В.Илларионов, П.Н.Дмитриев, А.Е.Захарова, П.Е.Ефремов уо.д.а.
Олоҥхону хомуйууга, бэчээт- тээн таһаарыыга, научнайдык чин- чийиигэ учуонай-лингвист, суру- ‘ йааччы П.А.Ойуунускай киллэрбит кылаата улахан. П.А.Ойуунускай 1935 сыллаахха тэрийбит Тыл уонна култуура научнай-чинчи- йэр института араас хабааннаах фольклорнай эспэдииссийэлэри тэрийэн, норуот тылынан уус-уран айымньытын, ол иһигэр олоҥхону дьаныардаахтык хомуйууну саҕа- лаабыта.
Тыл уонна култуура институ¬та уонна атын да чинчийээччилэр үөрэппит, хомуйбут чинчийиилэрин билигин Олоҥхо киинин научнай үлэһиттэрэ салҕаабыттара уонна салгыы сылдьаллар: А.Е.Захарова, П.Н. Дмитриев, А.С. Ларионова,
B. М.Никифоров, Е.И.Избекова,
C. Д.Мухоплева, ХИФУ декана В.В.Илларионов уо.д.а.
ОЛОНХОНУ ҮИЭТИТИИ, ТАРҔАТЫЫ
Ааспыт үйэ 90-с сылларыттан саҕалаан биирдиилээн энтузиастар уонна култуура тэрилтэлэрэ көҕүлээһиннэринэн өрөспүүбүлүкэ
улуустарыгар олоҥхону харыстааһыҥҥа, тилиннэриигэ үлэ нэһилиэнньэ, норуот киэҥ араҥатыгар, ол иһигэр эдэр ыччакка уонна о^олорго анаан ыытыллар буолбута.
1999 сыллаахтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын Гуманитарнай чинчийии институтун иһинэн тэриллибит “Олоҥхо Ассоциацията” диэн өрөспүүбүлүкэ- ТЭЭ5И уопсастыбаннай тэрилтэ олохтонуо- 5уттан, олоҥхону нэһилиэнньэҕэ тар5атыы саҥа кэрдиискэ тахсыбыта. Ити кэмҥэ олон»- хону киэҥ араҥаҕа таһаарарга араас ис хоһоонноох дьаһаллар ыытыллыбыттара.
2005 сыллаахха ЮНЕСКО штаб-кыбар- тыыратыгар (Париж) саха норуотун герои- ческай эпоһа — Олоҥхо аан дойду шедевра диэн билиниини ылбыта. Ити кэнниттэн 2006 сыллаахтан олоьгхону үөрэтии, чинчийии, үйэтитии, эдэр ыччаты олоҥхо сыаннаста- рыгар иитии-үөрэтии судаарыстыба өттүт- тэн өйөбүлү ылан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин уурааҕынан 2006-2015 сылларга Олоҥхо Уон сыла биллэрилли- битэ, онтон сэтинньи ый 25 күнэ — Олоҥхо күнүнэн.
УЛУУ ОЛОНХОҺУТУ КӨРБҮТ ДЬОЛЛООХПУН
2006 сыллаахха бастакы Олоҥхо ыһыа^а биһиги былыргы өбүгэлэрбит, Саха омук абыычайа, үгэһэ дириҥник иҥмит сиригэр — Сунтаар улууһугар үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта.
Сунтаар улууһа дойду үрдүнэн ааты- рбыт олоҥхоһут, үҥкүүһүт, ырыаһыт Сергей Зверев-Кыыл Уолун дойдута буо- лар. Бу Улуу тойуксут, олоҥхоһут өр сыллар¬га Сунтаар улууһун Элгээйитигэр олорбута, үҥкүү кэлэктиибин тэрийэн, таһаарыылаах- тык үлэлээбитэ. Мин дьоллоох оҕо сааһым бу Сунтаар улууһун Элгээйитигэр ааспы- та, Төрөппүттэрим ийэм Т.М.Тимофеева- Терешкина, аҕам Д.Д. Усов 1954-1964 сыл¬ларга Элгээйи орто оскуолатыгар учуута- лынан үлэлээбиттэрэ. Мин алын кылаастары Элгээйи оскуолатыгар бүтэрбитим. Онон мин
улуу олоҥхоһуту, тойуксуту, оһуохайдьыты тыыннааҕар көрбүт, Элгээйи Угут Күөлүгэр ыытыллар ыһыа5ар элбэхтик көрбүт, истибит дьоллоохпун.
Сергей Зверев-Кыыл Уола мин эһээ- бин, суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэ- тэл М.Н.Тимофеев-Терешкины кытта Саха сирин суруйааччыларын уонна нууч- ча сирин биллэр-көстөр суруйааччыта А.Т.Твардовскайдыын 1953 сыллаахха Дьокуускай куоракка түспүт хаартыскала- рын ийэм Т.М.Тимофеева-Терешкина тыын- Haasap биһиэхэ биэрбитин кэриэсгээн, уура сылдьабыт.
Эһээбит, хос эһээбит М.Н.Тимофеев- Терешкин Сунтаар улууһуттан төрүттээх суруйааччы Аҕа дойду сэриитин сылларыгар олоҥхо бухатыырдарын героическай уоба- рааарын туттан, саха саллааттара сэриигэ олоюсо бухатыырдарын курдук хорсуннук, дьоруойдуу сэриилэһэллэрин туһунан суруй- ан, бүтүн дойду, Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн саха саллааттарын аатырдыбыта, уруйдаа- быта.
Ол кэмҥэ, 60-с сыллар сажана, Элгээйи дьаһалтатыгар киирэр бары нэһилиэктэр бииргэ мустан.үс күнү быһа хоно сытан Угут Күөл диэн мааны сиргэ ыһыахтыыллара. Ac дэлэйэ, хорчуоппа мааныта манна буола- ра. Кымыһы тирии буочукаларга кутуллу- буту босхо иһэрбит. Сүөһүнү ыһыахтыыр сир таһыгар, көрөн турдаххына елөрөллөрө. Күнү быһа олоһгхо, тойук, оһуохай мааны¬та буолара. Ити курдук, оччоТооҕу кэм дьоно сайыны көрсөллөрө.
ОЛОНХОТӨРДӨ
Саха норуотун эпоһа — олоҥхо үөскүөзүттэн уһун, эрэйдээх-муҥнаах, геро-ическай суолу айаннаан кэлбитэ. Элбэх үйэ- лэр усталарыгар олонгхо ис хоһооно байы- тыллан, олоҥхоһуттар этэр тыллара баай ис хоһоонноох тылларынан чочуллан испитэ. Бу олоҥхолорго биһиги өбүгэлэрбит урукку, былыргы кэмнэргэ олорбут олохторо кэпсэ- нэр.
Былыргы өбүгэлэрбит олохторун, олор-бут сирдэрин, атын омуктары, биис ууаа- рын кытары сэриилэһэллэрин, охсуһалларын айыы бухатыырдарынан ойуулаан көрдөрөр, кэпсиир биһиги олоҥхобут.
Бу олоҥхону үөрэппит, чинчийбит исто- риктар, учуонайдар быһаарыыларынан, биһиги олоһгхобут үөскээбит, сайдан кэл- бит сирдэрин, биһиги өбүгэлэрбит ханнык сирдэринэн олорон кэлбиттэрин маннык суруйаллар.
Былыргы өбүгэлэрбит биһиги эрабыт үөскүө 300 сыл анараа өттүгэр Киин Азияҕа күүстээх хуун омуктар баһылаан олорбут кэмнэригэр Аралы байзал таһыгар олоро сылдьыбыттара. Ити кэмҥэ биһиги былыргы өбүгэлэрбит күүстээх хуун омуктары, атын омуктары урнна атын бйис уустарын кытта сир-баай былдьаһан сэриилэспиттэрэ, ата- аннаспыттара. Дьэ, ити сэриилэһии кэми- гэр саха норуотун өйүгэр-санаатыгар олоҥ- хо бухатыырдарын легендарнай, героиче¬скай уобарастара үөскээбиттэрэ. Онон олоҥ- хо төрдө биһиги эрабыт үөскүөн 300 сыл анараа өттүгэр Киин Азияҕа күүстээх хуун- нар холбоһуктара үөскүү сылдьыбьҥ кэмнэ- риттэн саҕаламмыт диэн учуонайдар, иао- риктар суруйаллар.
Ити курдук, биһиги өбүгэлэрбит, Саха бииһин ууһа Аралы муора (Аральское море), Тибет, Монголия, Саян, Алтай сирдэ¬ринэн, Енисей, Байкал таһынан көһөн баран, билиҥҥи Саха сирин булан олохсуйуохтары- гар диэри олонгхолорун -сайыкнаран, илдьэ сылдьыбыттара.
Биһиги олокхобут өр сылларга сайдан, аан дойду билинии1Т1Н ылан, аан дойдуга киһи аймахтылынан уһулуччулаах айымньы- тынан биллэриллибитэ.
Быйылгы улуу олоҥхобутугар анаммыт 13-с төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕа элбэх олоҥхоһуттар.тойуксуттар олоро сыл- дьыбыт Эҥсиэли хочотугар — Нам улууһу- гар ыытыллар. Нам улууһугар маннык олоҥ- хоһуттар олорбуттара:,.П.П. Ядрихинскай- Бэдьээлэ (1901-1979), £.Г. Охлопков- Буоратай (1887-1974), В.Н.Попов-Бочоох (1909-1987), Г.С. Кычкин-Хабыанньа (1888-1971), А.Е. Сивцев-Дьиибэ Бытык (1890-1950), А.Е. Соловьев (1935-2012), Д.И.Кривошапкин (1940 с. төрүөх), К.Н. Тихонов. (1937-2017) уо.д.а.
Эдэр ыччаты уонна оҕолору ОЛОҤХ050 уһуйаары, 1991 сылтан Нам улууһун оҕо эйгэтин түөлбэтигэр (дир. З.А. Тихонова, солб. О.И. Потапова) Ефросинья Васильевна Соколова салайааччылаах «Дьырылыатта” диэн фольклорнай ансаамбыл -таһаарыыла- ахтык үлэлээбитэ. Бу Е.В. Соколова тэрий- бит “Дьырылыатта” диэн фольклорнай анса- амбылыттан элбэх 050 өрөспүүбүлүкэ- тээҕи олоҥхо күрэхтэригэр ситиһиилээх- тик кыттыбыта. Ол оҕолор ааттара бу баар: Е.К. Маркова, П.П. Попов, Я.П. Аргунова- Нюргусова, Рая Хордогосова, Вася Дьяконов, Рада Сивцева, Айсен Данилов.
Быйылгы 2019 сыллаах Олоҥхо ыһыаза Нам улууһугар ыытылларынан, тэрээһин үлэ бө5ө ыытыллар. Пааркабыт саҥа тутуу- ларынан сэргэхсийдэ. Элбэх уулуссалар оҥоһуллаллар. Дьон-сэргэ, нэһилиэнньэ, 050ЛОР Олоҥхо ыһыазын тэрээһинигэр көх- төөхтүк кытталлар.
Дьырыбына Дьырылыатта
Кыыс бухатыыр (шюнтсоттан быһа тардыы)
Нам с.
Дмитрий УСОВ-Элгээйи, кыраайы үөрэтээччи.
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: