г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Саха сирэ. — 2019. — Бэс ыйын 27 к. — С. 6


САХА МААНЫ ТАҤАҺА

«Кэрэмэн өҥ киэргэллээх, кылаан  кыбытыылаах саха далбар мааны таҥаһа”

Сахатанаһыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус хаһан баҕарар кыттааччытын да, көрөөччүтүн да ахсаана элбэҕинэн уратылаах буолааччы. Бу да сырыыга оннук буолла.

5 чаас иһигэр араас улуустар маастардарын үлэлэрин барытын көрөн, түмүк таһааран, наҕараада туттара охсуох диэтэххэ, бириэмэ, биллэн турар, ыгым… Дьэ оннук да усулуобуйаҕа үлэлээтэр, иистэнньэҥнэр үлэлэрин сыаналаан, Анна Зверева салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары быһаарда.

Холобур, Саха үгэс буолбут таҥаһыгар кыайыылааҕынан Ытык Тааттаттан норуот маастара Изольда Иннокентьевна Акимова таҕыста. Кини коллекцията, бу — Саха Далбар хотуттарыгар анаммыт хороох бэргэһэлэр, бууктаах соннор, тумустаах, умнастаах, билалээх саары этэрбэстэр. Оһуордарабичиктэрэ сиэдэрэйэ биирдэ көрбүт умнубат. Оннооҕор үтүлүктэрэ даҕаны ураты дьикти кэрэлзр.

Чөркөөх “Далбар” диэн фольклорнай ансаамбылын кытта бииргэ үлэлэһэбин. Кинилэр өбүгэ таҥаһын таҥнар баҕалаахтарын билэр буоламмын, анаан-минээн өр үөрэтэн, ылсыбытым. Холобур, дьабакалар хороох дьабака диэн ааттаналяар. Таатта улуу баайдара Оруоһуттар кыргыттарын

дьабакалара Чөркөөх мусуойун пуондатыгар бааллар, ол быһыыларынан-мээрэйдэринэн тикпитим. Матырыйааллара кыһыл, хара саһыл, бэдэр өрөҕөтө, тииҥ тириитэ. кутуруга, араас өҥнөөх нуорка, саһыл, киис тыстара… Чопчуурун быысыбайа кыһыл, урук» көмүс can, Мандар Уус кинигэтиттэн үөрэтиллэн, оҥоһуллубута. Туоһахталара үрүҥ көмүс Чурапчы ууһун таптайыыта. Бууктаах сону Таатта Хадаайы мусуойугар баар Оруоһун баай кыыһын сонун кээмэйинэн,ол гынан баран, 15 см уһатан, тиктим. Былыр сиэрэй can диэн, кытаанах, хатыылаах лүөн сабы өһүлэн, синньэлээн диэн сииги батыһыннары илиинэн тигии баара. Ону үтүктэн, сииктэрин баттатан киллэрдим. Матырыйаала сукуна, кытыытын түүлэрэ 7 кыһыл саһыл уонна куница. Тордуйалара мельхиортан. Иннинээҕи симэҕэ үрүҥ көмүстэн. Мельхиору Таатта ууһа Федор Чээрин таптайда, хараар-

дан, уматар ньыманы туһанна. Үрүҥ көмүс симэхтэр Чурапчы уусгарын үлэлэрэ. Кытыылаах, симэхтээх сону АМЕИ {Америкатаэ5ы естественнэй искусстволар мусуойдара) каталогуттан көрөн, үтүгүннэрэн тиктим. XIX үйэ. Бу коллекцияҕа Таатта улууһун кулубата Оонньуулаах Уйбаан со5отох кыыһа эргэ сүктэн барарыгар бэйэтэ тиктибит үтүлүгүн, мээрэйигэр тиийз үтүгүннэрэн, тикпитим. Тумустаах, умнастаах, билэлээх саары этэрбэстэр сииктэрэ барыта дьиппээһиннээн, көстүүтэ үчүгэй буоллун диэн, кыбытыылаахтар… диэн бэйэтин коллекциятын туһунан биһиги хаһыаппыт ааҕааччыларыгар анаан, чахчы даманы көмүс тарбахтаах маастар Изольда Акимова кэпсээтэ.

БАЛАҺАНЫ ЕЛЕНА ПОТОЦКАЯ. ТАТМНА МАРКОВА БЭЛЭМНЭЭТМЛЭР.



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: