г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Кыым. — 2019. — От ыйын 11 к. — С. 32


“Сайар сарыал” — хоһоон-ырыа түһүлгэтэ

Улуу Туймаада Үрүҥ Тунах Ыһыаҕын бастакы күнүгэр “Үс Хатыҥ” ытык-мааны түөлбэтигэр, култуура министиэристибэтин иһинэн үлэлиир “Ресурснай-проектнай киин” тэрилтэ түһүлгэтигэр, лаглайбыт хатыҥнар анныларыгар, саха уран тылыгар сүгүрүйээччилэр, араас улуустан, үгүс түмсүүттэн мустан, “Сайар сарыал” диэн хоһоон-ырыа түһүлгэтин төрүттээтилэр. Ол күрдук, “Айар кут”, “Дорҕоон тойуга”, “Хоһоон хонуута” уонна да атын бөлөхтөр хоһоонньуттара, ырыа айааччылара муһуннулар.

Түһүлгэ арыллыытыгар “Ресурснай-проектнай киин” салайааччыта Михаил Михай-лович Донской киирии тылы эттэ, айар-суруйар дьоҕурдаах дьоҥҥо салгыы айа-тута, дь- ону үөрдэ сылдьалларыгар баҕарда.

Үтүө тэрээһини хоһоонньут, ырыа айааччы, ырыаһыт, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Ресурснай-проектнай киин” методиһа Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал сү- рүннээтэ, иилээтэ-саҕалаата.

Киниэхэ Норуоттар доҕордоһууларын Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан дьиэтин методиһа, суруйууга саҥа холонооччу Ираида Коркина-Чугдаара “По-эзия — үтүе санаа уонна доҕор- доһуу” диэн кэтэхтэн хоһоон күрэҕин кыттыылаахтарын уон-на “Айар аартыкпыт аргыстара» бөлөх хоһоонньут ыччаттарын түмэн кех-нэм буолла.

Чугдаара Дуулаҕа Дьуһаал- лыын түһүлгэни ньымсатык са- лайан ыыттылар. Кыттааччылар,  түөртүү-биэстии буолан, алта белөххе арахсан таҕыстылар.

Ыытааччылар хас биирдии хоһоон ааҕааччыны, ырыа толорооччуну айар үлэтин сырдатан туран билиһиннэрдилэр.

Хоһоонньуттар иккилии хоһоону аахтылар. Ырыа айаач- чылар ким ырыаһыт, хоһоонньут Сергей Сэмэнэп-Сэгэй байааҥҥа доҕуһуолугар, ким фонограмманан бэйэлэрин ырыаларын толордулар.

Талааннаах дьон хомоҕой хоһоонноро дуораһыйан, ыллам ырыалара ылланан, хатыҥна- рынан киэркэйбит түһүлгэни эбии тупсарда, тула барыта олус эриэккэс көстүүлэннэ. Икки аҥаар чаас тухары бар- быт тэрээһин быыһыгар үҥкүү- битии да баар буолла. Кут-сүр кетөҕүлүннэ, санаа-оноо ыра- астанна, эт-хаан сынньанна. Көрөөччүлэр бииртэн биир истиҥ-иһирэх хоһоону-ырыаны дуоһуйа иһиттилэр.

Эдэр кэскиллээх хоһоонньут, алгысчыт, ырыаһыт Виктор Игнатьев оһуохайы оройуттан тутта.

Хоһоон түһүлгэтигэр кытын- нылар: Степанида Иванова-Са- наара, Надежда Зыкова-Сандаара, Сергей Сэмэнэп-Сэгэй, Прасковья Тумусова-Туску, Татьяна Потапова-Татыйык, Иван Рязанскай-Дабаан Уола, Валентина Яковлева-Чэлгийээнэ, Александра Гуляева, Анна Данилова-Сарыада, Люция Бандерова-Айыллаана, Николай Сыромятников-Куочун, Елизавета Берёзкина, Зинаида Нератова-Тупсууна, Валентина Саввина-Оһуордаах, Иван Попов-Байдам, Аграфена Павлова-Арапыана, Николай Иванов- Хоро Холлой, Анна Томская, Ульяна Лебедева-Чурит, Любовь Никитина-Тапталлаана, Вера Санникова-Мичийээнэ, Константин Харлампьев, Дария Захарова-Даайа, Мария Протопопова-Намыына Куо, Вера Прокопьева-Итэҕэл, Пётр Кычкин-Сайылык Бүөтүрэ, Виктор Игнатьев, Диана Сутакова-Дайаана Куо, Пётр Ефимов уонна Мария Андреева.

Кинилэргэ барыларыгар кыттыы туоһутун кытта “Бичик” кинигэ национальнай кыһата тэрээһини өйөөн биэрбит кинигэлэрэ туттарылыннылар.

Ити кэнниттэн сорох хоһоонньуттар, “Тойук тоҕойо” түһүлгэҕэ тиийэн, “Ресурснай- проектнай киин” режиссёра Саргылаана Адамова киэһэ аҕыстан саҕаламмыт “Дэгэ- рэҥ” ырыа тэрээһинигэр кыт- тыыны ыллылар.

Дьэ, ити курдук, Улуу Туймаада ыһыаҕар ХОМОҔОЙ хоһоон дорҕоонноохтук дуораһыйда. Ол барыта видеоҕа уһулунна уонна, “Дорҕоон дойдуга” та-ҥыллан, “YouTube” нөггүө аан ситимҥэ тахсыыга бигэргэннэ.



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: