г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Туймаада. — 2019. — Ыам ыйын 2 к. — С. 7


Сиэрдээх кириитикэ баар буолуо дуо?

Кириитикэ сойууһун тэрийиэххэ диэн этии киир- дэ. Дьиҥэр орто оломо булул- лубут, сиэрдээх кириитикэ наада этэ. Онто суох суруйар ЭЙГЭ5Э аҥаардас хайҕалынан ханна ыраатыаҕай? Театр эй- гэтигэр арайын эрэ Шекспи- ри кытта “доҕордоһорбут”.

Ыччат   өиүн-санаатын ытыйыы муода буо- лан эрэр. Эстрадаҕа даҕаны дьоҕура суох буолан баран хар- са суоҕунан киирэн былааһы ылар түгэн үксээтэ. Ити барыта Кириитикэ сойууһун чилиэннэ- ригэр буолбакка, дьиҥнээх ки­риитикэ (кириитиктэр) баар бу- олалларын олох ирдиир.

Кириитикэ диэни С.И.Ожегов тылдьытыгар “1. Обсуждение, разбор с целью вынести оценку. 2. Отрица­тельное суждение о чём-нибудь, указание недостатков” диэн быһаарар. Мантан критикан, критиканствовать, критиковать, критицизм, критический, критич­ный диэннэр тахсыбыттар.

Кириитикэни куолуну кыт­та сэргэстэһиннэриэххэ себе дуу. Үерэхтээхтэр куолуну үтүе суолтаҕа туруораллар уонна уерэх кинигэтигэр бэрт эрдэт- тэн куолулуурга уһуйбутунан ба- раллар.

Куолу диэн тылы Г.Ф.Сивцев тылдьытыгар “Тугу эмэ он- нук буолуохтаах диэн ты- лынан быһааран саҥарыы, ейдееҕүмсүйүү” диэн быһаарар.

1994 с. Быһаарыылаах тыл- дьыкка “Тугу эмэ ейгунэн тойон- ноон быһаар” диэн буолбут.

Э.К.Пекарскай тылдьытыгар куолу диэни “Предписание, ин­струкция, повеление, право, спо­соб,средство,обыкновение,обы­чай (ср. быһыы-майгы), обряд, установление, постановление, правило, закон, порядок, собран­ность” диэн быһаарар. Салгыы куолуһут диэни “1. Заложник, следующий обычаям, правилам, порядкам. 2. Знаток права,адво­кат. 3. Человек, выставляющий себя за знающего обычаи, по­рядок, правила” диир. Таһыттан кердеххе судургу буолар эбит эрээри, иһигэр киирдэххэ бука уустуктардаах буолуо ээ.

1971 с. СГУ-га киирэн уерэнэн эрдэххэ, ол айдаанна- ах мунньах буолбутун сипсийэн кэпсииллэрэ. “М.Алексеев диэн ТЛИ үлэһитэ суруйааччылары дэлби кириитикэлээбит үһү”, — диэн. Кэлинучууталлар кууруста-

рыгар ол дакылааты оҥорбут киһини ыҥыран керсүһүү тэрий- биттэрэ. Ол быһыы-майгы хай­дах буолбутун ааптар бэйэтинэн быһааран кэпсээбитэ. Ытыс саҕа кинигэтин түҥэппитэ. Ки- нигэ аата: Дапсы “Сүр тостуба- тын” Я. — 1992 с. Дьэ хайдаҕый? Дьиҥ-уус кырдьыгы 23 сыл бу­олан баран билэр диэн? Оттон билиҥҥи үерэхтээх ыччат бу да- кылаат туһунан тугу эмэ билэрэ ДУУ.суоҕа дуу?..

Билигин кириитикэ долгуна аҕырымнаан турар. Ааты- гар эрэ ынах салаабытын курдук ньалҕархай, оҕону тебетүн имэ- рийэр кэриэтэ хайҕааһын. Оттон, арай, бу долгун тиллэн, күүрэн, теле селлен турдун? Эмиэ тура- тура бэйэ-бэйэни харыстаспак- ка,хайдыһа-хайдыһа белехтеһен ырыта тыытыһыы, эккирэтиһии- сойуолаһыы тураарай? Биһиги сахалар орто кээмэйи тутуһар кэмнэрдээх этибит дуо? Улуу Кудаҥса уот сиэмэтин күедьүтэн үрэн сирилэтээччилэр хан­на барбыт үһүлэр (билигин даҕаны).

Улуу Горькай кириитикэни себүлээбэтэ үһү дииллэр ээ. Ол кини “Миигин кириитикэли- эхтэрэ” диэн буолбакка, “Эһиги тоҕо бэйэ-бэйэҕитин харыстас- паккытый?” диирэ үһү.

Мунньустан олорон үгүстүк кэпсэтиэххэ.

Кырдьаҕастары истиэххэ баара. Н.Н.Тобуруокаптуох дии­рэ буолла?

Мин санаабар аныгы ки­риитикэни таһаарыах иннинэ: литературнай түмсүүлэринэн, суруйааччылар мунньахтары- нан, араас тэрээһининэн кири­итикэ култууратын этикиэтин үерэтиэххэ, быһаарыахха баар этэ (ол эбэтэр ааҕан кере-кере сиргэ силлээһин тохтуо суоҕа).

Билиҥҥи суруиааччылар айымньыларын ырытарга наадыйбаттара кэлиэ дуо? Хо- мойуох иһин оннук кириитикэтэ суох ырытыылар сэдэхтик тах- саллар. Таҕыстахтарына даҕаны хайҕааһын буолар. Айымньы- лары ырытыы элбиэх тустаах. Биирдэ эмэ хайҕала суох ыры- тыыны киллэрдэххэ редактор “Ырытыы диэн маннык буолуох­таах” диир. Уонна бэчээттээбэт. “Тоҕо бэчээттээбэккин?” — ди- этэххэ: “Кириитикэтэ суох дии”, — диир. Ол аата мин айымньы- га сыыһаны-халтыны булбуппун эрээри, “сиэбэтэх”, ааптары сууһарбатах эбиппин… Оттон

мин ол ааптары “сиэн-аһаан” ейүм тотуохтаах дуу, аатым-су- олум үрдүехтээх эбитэ дуу… Оттон кеме бэрээдэгинэн айым- ньы тылын-еһүн сыыһатын ыйа- рым кириитикэ буолбатах үһү.

Кириитикэ устуоруйатын уерэтиэххэ баара. 1971 с. тохсунньутааҕы Дапсы дакы- лаатын үерэх туттуохха, анкета- ны (оччотооҕуну) толорторон билиҥҥи суруйааччыны үтэн- анньан керуеххэ. Алые кеҥдей буолбатахтарына эппиэттэһэн кердуннэр ээ. Суруйааччылар (3 киһиттэн ураты) бу дакылаат- тан (кириитикэттэн буолбатах) ТОҔО еһүргэннилэр? Манна кэ- лэн Дапсы ытыс саҕа кинигэтэ уерэх кинигэтэ (учуобунньук) бу- олуох тустаах.

Итини санаан туран, си­эрдээх кириитикэ оҥкула оҥоһуллубатаҕына, киниэхэ чилиэн буолан, аатын-суолун урдэтээччи элбиэҕэ (били­гин чилиэн буоларга баҕалаах эрэ баһаам). Оо! Арах! Ол ааспыт сахтар меккуердэрэ менурээбэттэр ханнык!



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: