г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Саха сирэ. — 2019. — Муус устар 11 к. — С.12,29


Сиимэн

Сиимэн миэхэ баар-суох мааны күтүөтүм буолар. Кини олоҕун аргыһа Ядвига — мин хос эһээм Өкөр Охонооһой сиэнэ. Сиимэн курдук чаҕылхай, киКи астынар, кимнэ да маарыннаабат, истиҥ, амарах дууһалаах баар-суох кутүөппүтүн биһиги аймахха бэлэхтээбит кини буоллаҕа дии. Ол да иһин, Сиимэни отой кыра эрдэхпиттэн, кини биһиэхэ сана күтүөт буолан кэлиэ5иттэн ыла, өйдөөн хаалбыппын. Кини курдук чаҕылхай артыыс киКи биһиги кыракый Суолабытыгар күтүөт буолан мээнэ кэлбэт буоллаҕа. «Артыыс күтүөттээхпит» диэн аймахтар малааһыннарын остуолугар өрүү Сиимэни артыыстаан оонньоон көрдөрөрүгэр көрдөһөн моһуйаллар этэ. Ону быһа гыммакка, Сиимэн араас оруолларыттан быһа тардан көрдөрөн, күллэртээн биэрэрэ. Ордук Михаил Шолохов «Тиэриллибит кырыс» диэн испэктээгиттэн Дед Щукарь оруолун көрдөрөн, дьону уна-таала куллэртиирин өйдүүбүн.

КИЭҤ СУОЛАҔА

Кэлин Ньурба тыйаатырын кытары гостуруолга кэлэн,. аны Албын Будамш, онтон Ламахай буолан сэргэхситэн ааспыттаах. Ол да иһин, Мэҥэ Хаҥалас Моорук Суолатын дьоно-сэргэтэ уруккут- тан билиҥҥээҥҥэ диэри Сиимэни киэн Туттан, «Суолалар мааныла- ах күтүөппүт» диэн ааттыыллар. Кини да Суола күтүөтэ буоларыт- тан астынан, Суола туһунан хоһо- он суруйан турардаах. Ис хоһооно диэн — олоҕун доҕоругар Ядвига5а бырастыы гыннаттаран, бачча сааһыран баран, атын тапталла- нан хаалбытын билинэн, бэйэтин кэлэнэн суруйар. Онтон тиһэҕэр тиийэн, барытын билинэргэ сана- нан, ол тапталын аатын этэргэ кү- һэллэр. Уонна, саамай тиһэҕэр тиийэн, буруйдаммыттыы «кини аата Кэрэ Суола» диэн биир этиини ыһыктар. Ол хоһоонун, иэйдэ^инэ, Суоланы аҕыннаҕына өрүү ааҕар буолара.

Суолаҕа кини кустаан-курбах- таан, от оттоон, отонноон, хонон- өрөөн сынньанан ааһара, өссө даача оҥосгоору, биир эргэ дьи- эни атыылаһа сылдьыбыттааҕа. Ол кини атыылаһа сылдьыбыт дьиэтигэр олоҕуран, ону эбэн-са- бан сайыннаран, мин «Сайылык» диэн киинэм сценарийын суруй- бутум уонна ол киинэьэ Сиимэни бэйэтин . оонньоппутум. Сүрүн оруолга Анатолий Васильев оонньообута, ол киинэҕэ кини ону таһынан Руслан Васильевтыын режиссердаан турар.. Оттон Сиимэн уонна Баһылай Апросимов айыы- лаах-харалаах дьон буолан «ана- раа дойдуга»,биитэр мин киинэбэр кордорүллэринэн, «сайылыктары- гар» кыайан тиийбэккэ, үөр буола сылдьар дьону оонньообутта- ра. Биллэн туран, Суола^а, бэйэтин дьиэтигэр ол киинэни Сиимэн айыырҕаан уһултарбатаҕа, ол иһин киинэни Манчаары төрөөбүт сиригэр — Сото5о устубуппут. Бу киинэҕэ «Сото» этнографическай уһаайба хаһаайына Баһылай Атласов бэйэтинэн киинэҕэ оонньоон, киинэ устар бөлөҕү дьиэтигэр маанылаан олордон турар.

Ол иһин киниэхэ киинэ устар бөлөх аатыттан өрүү тулхадыйбат махтал. Бу киинэ билигин Анатолий Васильев, Алексей Попов, Симон Федотов, Баһылай Апросимов курдук улахан артыыстарга бэйэ- тэ мемориальнай өйдөбүнньүк кэ- риэтэ Саха киинэтин классиката буолан турар.

«СИРДЭЭХДЬОН»

Дьэ ол кэнниттэн Сиимэн мин «Сирдээх дьон» диэн киинэбэр Хоруодьа оҕонньор оруолугар оонньоон турар. Ол киинэни Нам Үөдэйин сиригэр, баара суоҕа үс ’ хонук иһигэр, ПТВС диэн улахан күлтэйбит тэлэбиисэргэ устар оп- туОбуһу илдьэ тахсан, уетан турабыт. Бу эргэ тиэхиньикэнэн уһулар- га «Сирдээх дьон» киинэ режиссера Люба Золотарева эрэй бөҕөнү көрөн турар. Оччолорго кыра каме- ралар суох этилэр, онон стацио- нарнай, ханна да хамсыыр кыаҕа суох, иккилии центнер ыйааһынна- ах камераларынан усган турабыт. Онно Сиимэни кытары Герасим Васильев, Баһылай Апросимов, Степанида Борисова, Степан . Сивцев-Доллу оонньоон турал- лар. Төһө да итинник көнтөрүк тиэхиньикэнэн бу киинэ5э эрэй- дэнэн уһулунналлар, бу артыыстар бары «Сирдээх дьоҥҥо» уһуллу- буттарыттан астынар этилэр. Мээнэ суй-сай, күлүү-салыы буолбатах, иһэ-истээх киинэҕэ уһулуннубут диэн буолуо, баҕар. Ол киинэм сценарийын кинигэбэр бэчээттэппи- тим. Хомойуох иһин, сценарийбар суруйбутум курдук кыайан тахсы- батаҕа, сценарийбын толору туһа- наары, санаабыт санаабын толору биэрээри, соҕотоҕун атыыр үөрүн эккирэтэрбин өйдүүбүн. Хайыамый, сценарийбар, мин геройдарым саҥа ылбыт айдааннаах алааста- рын атыыр үөрэ кэлэн тэпсиэхтээх этэ. Ол кыаллыбатаҕа. Атыыр үөрүн соҕотоҕун эккирэтэ, күөйэ сатаа- бытым да… Ол эрэ буолуо дуо?

Харчы да сурх, бириэмэ да ыгым кэмэ буоллаҕа. Ону барытын түүн Сиимэҥҥэ, биир балааккаҕа хонон олорор дьукаахпар, абаккаран кэпсиир этим. Ол да буоллар, ол киинэбиттэн отой кэмсиммэппин. КэмСиниэхпинээҕэр, өссө киэн туттабын. Кэм Саха баар-суох улахан артыыстарын арыый эдэр эрдэхтэ- ринэ, биир үчүгэй КИИНЭ5Э уһулан хааллаьым диэн.

ТЫЙААТЫРГА АҔАЛ БЫТ КИҺИМ…

Хомойуох иһин, мин кэлин суруйталаабыт «Хаччаанай өтөҕө», «Алаас ортотугар Соҕотох бэс» диэн пьесаларым бэйэм санаабы- тым курдук киинэ буолан тахсыба- тахтара. Дьинэр, ити айымньылар- бын киинэ оҥорор режиссер баара буоллар, мин итиннэ баар сүрүн оруолларбын Сиимэҥҥэ биэрэ- рим чуолкай этэ. Ити икки пьеса- ны, дьинэр, киниэхэ анаан, кинини көрө олорон суруйбутум чахчы. Ону Сиимэн бэйэтэ да бэркэ билэрэ да, ис-иһиттэн көнөтө, дьонтон ордук чорбойр сатаабата, дьиҥ чахчы духуобунай култуурата үрдүгэ бэрт буолан, «чэ, бэйи, кэлин, кэлин» диэн турар. Биллэн турар, ол онно айыырҕыыра эмиэ эпеэн турар. Ити «Сайылык», «Сирдээх дьон» диэн киинэлэр иккиэн өлүү тиэмэ- тигэр уһуллубут киинэлэр. Оттон бу икки пьесам эмиэ ол тиэмэт- тэн туора турбат айымньылар. Ханныгын да иһин, ити икки пье- сабын Сиимэҥнэ мээрэйдии тутан, киниттэн ньэмиэт ылан суруйам- мын, наһаа сөбүлүүбүн.

Дьиҥэр даҕаны, манна диэн эттэххэ, миигин тыйаатырга аҕалбыт киһи Сиимэн буолар. Кини режиссер Андрей Борисов «Хаарыан хампа күөх кытылым» испэктээгэр Арҕаан кырдьаҕаһы итэҕэтиилээхтик оонньоон, ону көрөн астынан, «бэйи эрэ, бу ты- йаатыр диэн кыыллара, кырдьык да, бэрт эбит ээ» диэн тыйаатыр диэки дьэ сыарҕабын хайыһыннаран турабын. Ол иннинэ, Ленинградка

үөрэнэ сылдьан, сайын дойдубар этэ, оттон бу дьиэм хочуолуна- кэлэн,’ Сиимэнниин бииргэ оттуу йын Сиимэнниин туппуппут, ол сылдьан, олох атын «тойуктаах» алааска Сиимэнниин кустуу, бу киһи этим. «Тыйаатыр диэн туохха ойуурга Сиимэнниин куобахтыы да наадата суох, таах сибиэ. Дьону сылдьыбыппыт» диэн өрүү киэн албынныырга эрэ аналлаах албас. тутта кэпсии сылдьааччыбын. Ол Артыыстар, эһиги, отой сүрэҕэ сырыылартан биир саамай чаҕыл- суох дьоҥнуг. Киһилии үлэлиэххи- хай түгэним диэн, Сиимэнниин тин баҕарбакка, бу дьону албын- бэлэсипиэтинэн кустуу сылдьан, ныы сылдьаҕыт». Ити барыта мин, Харба Атах диэн сиргэ сайылаан Ленинград курдук тыйаатыр ула- олорор. убайбытыгар, Саха народ- хан дойдутугар үөрэнэ сылдьар най артыыһа Хабырыыс Колесовка эрээри, биирдэ да тыйаатыр диэни сылдьан чэйдээн ааспыппы- өҥөйбөккө сылдьыбыт, 0ЧЧ0Т005У тын өйдүүбүн. Ол онно мин, эдэр орой мэник сүүрбэлээх киһи — мин усгудьуон киһи.хантан Хабырыыһы саҥам. Дьэ, уонна туран билигин, бу курдук чугастык билиэм баарай. бу бэйэм ол-Ленинград куоратым Төһө да кини биһиэхэ Суолаҕа хам- араас бэстибээллэригэр түөрттөгүл түм матасыыкыдынан килиэп ыла араас пьесаларбын көрдөрбүт дра- кэллэ5инэ; хайаан да мин дьоммор матург, бу Сиимэҥҥэ ахтыыбын тохтоон, чэйдээн ааһарын, өссө суруйа олорон, оччотооҕу акаа- ийэбэр бэйэтэ күөччэх ытыгын ры бэйэбиттэн сонньуйан ылабын. оҥорон бэлэхтээбитин билэ сыл-‘ Ол онно күтүөтүм мин халы-маар- дьар эрээрибин.толлор буоллаҕым гы саҥабыттан кыыһырбакка, хата дии. Оччолорго мин хантан билиэ- күлэрин кыатана сатыы-сатыы, мий, кэлин Суруйааччылар сбйуу- бэйэтэ эмиэ тардыас эрээри, мии- старыгар киирэрбэр, Хабырыыс бэгин кэлэ5эйдиирбин үтүктэн этэн йэтинэн миэхэ мэктиэ сурук суру- турар: «Ленинградка Б-Б-БДТ диэн йан биэриэхтээҕин. Уонна Оттон,, баар. Тов-тов-товстоногов диэн оччолорго, улуу артыыс бу мии- баар. Ол онно хайаан да сырыт», гин маннык күлэн-үөрэн чаҕылы- — диэбитэ. Хомойуох иһин, ол йан, кэпеээн-ипеээн чаҕаары- Товстогонов тыйаатырын да оччо- йан, маннык маанылаан чэйдэтиэ лорго аахайар диэн баар буолуо диэн саныам баара дуо? Ол, бил- дуо, отой сылдьыбатаҕым даҕаны… лэн турар,- Сиимэн эрэ баар буолан, Баҕар, акаары сылдьан эрдэ ты- маннык улуу киһиэхэ сырыттаҕым йаатырга сыстыбатаҕым эмиэ бэрт дии. Чэйдии олорон, аны өссө буолуо…  биир улуу артыыс убайбыт Лааһар

Сиимэнниин Суолаҕа оту да Сергучев чугас Хаастаах сайылы- оттоһон, дьиэ салҕааһынын да гар аймахтарыгар ыалдьыттыы тутуһан, кустаан-куобахтаан сыл- кэлбитин туһунан. истэн, аны кини дьыбыппыт баһаам этэ. Билигин ир суолун суоллаан тииибиппит. да Суолаҕа илдьэ кэлбит дьом- Хомойуох иһин, ытык кырдьаҕас- мор «Бу балаҕаным биллэрик оро- пыт аймахтарыныын илимнии нугар: Сиимэн утуйарын сөбүлүүр баран хаалбыт этэ. Ити барыта Сиимэн миигин аргыый а5ай тыйаатыр ыллыгар салайан, булларан биэрэр ньымата быһыылаах эта. Уонна тыйаатыр үлэһитинэн буол- бакка, айар үлэҕэ, чуолаан, драматург буоларга салайбыт эбит. Тоҕо дйэтэххэ, 1982 сыллаахха музыкальней тыйаатыр саҥа үлэҕэ кии риитигэр, ол онно инженеринэн киирээри гыммыппар, отой кык- кыраччы : «Пахай! Отой онно кииримэ! Тыйаатыр диэн үҥсүү-харсыы, ньаҕай дойду», — диэн тохтотон турар.

«МИН ДОҔОРУМ ОҤОЧО»

Биирдэ 1995 сыллаахха Сиимэни бэйэм «УАЗ» массыына- бынан Чурапчы Амматыгар баар Хахыйахха илдьэ сылдьан турабын. Ол айаммыт сүрүн сыала-соруга диэн — Хахыйахха сайылыы олорор ытык суруйааччыбытыгар Далаҥҥа сылдьан баран, аар-саарга аатырбыт Тэйэр Хайаҕа тахса сылдьыы диэн этэ. «Саха тыйаатырын сценатыгар Ойуунускай уобараһын итэҕэтиилээхтик арыйбыт киһиэхэ — эйиэхэ, Тэйэр Хайаҕа сылдьа илик диэн оҕус соспот, ат кыа- йан тарпат улахан айыыта-хара- та буолар», — диэн этэр этиибин ылынан, онно сөпсөһөн, Сиимэн үөрүүнэн барсыбыта. Барсымына даҕаны. Кини сүгүрүйэр Поэта — Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» дра- матыгар Кыһыл Ойууну ол Тэйэр Хайа тэллэҕэр Амма кытылыгар отууланан олорор диэн суруйдаҕа дии. Ол сыалбыт-сорукпут барыта табыллан, Далаҥҥа ыалдьыттаан, хонон-өрөөн, Тэйэр Хайабытыгар тахсан, айыыларбытыгар сүгүрүй- эн, Хахыйах дьонун-сэргэтин кытары көрсүһэн, хоһоон ааҕан, ыллаан-туойан Сиимэн асты- ныы бөҕөтүн астынан турар. Ол кэнниттэн түүн, иккиэйэҕин эрэ, Амма кытылыгар киирэн, бу айаммыт дьоллоохтук түмүктэммитин кыах’баарынан, айар дьон буолар- быт быһыытынан, бэлиэтээн тура- быт. Ол онно Амма өрүс кытылыгар турар мотуордаах оҥочо тум- сун кууһа-кууһа, Сиимэн иэйэн- куойан, Арҕаан кырдьаҕас моно- логун ааҕан турар: «Мин до^орум оҥочо…»

БЫ ЛАТЫАН, АЛАМПА…

Кини поэт буолан үөскүүрү- гэр Ойуунускай оруолун тыйаа- тырга оонньообута, кини хоһо- оннорун итийэн-кутуйан туран аахпыта төрүөт буолбуттара чуо- лкай. Оттон поэт быһыытынан салгыы сайдарыгар, үүнэригэр -чымаан чыпчаал, суолдьут сулус буолбут поэтынан Апампа буолар, Ити икки тапталлаах поэтта- рын хоһооннорун Сиимэн, иэй- дэҕинэ-куойдаҕына, тоҥ күөс быстыҥа тиһигин быспакка да ааҕыан сөптөөҕө. Арай биирдэ, 1986 сыл сайыныгар Тааттаҕа, Чөркөө.ххө, Ойуунускай алааһыгар «Ойуунускай ааҕыылара» буолбуттара. Ол онно мин кинооператор Семен Васильевтыын Сиимэни Ойуунускай ийэтэ Дьэбдьэкиэй уҥуоҕун үрдүгэр устарга санаммыппыт. Аккаастана сатаабыта да, мин моһуйар- бын ылынан, Ойуунускай оруолун таҥаһын таҥнан, гримнэнэн, Ойуунускай ийэтигэр анаабыт «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» хоһоонун Дьэбдьэкиэй дьиҥнээх, бу сытар уҥуоҕун үрдүгэр ааҕыах- таах этэ. Үстэ-түөртэ төхтүрүйэн ааҕа сатаабыта да, туох да тах- сыбатаҕа, тылын умна турара… Онтон Дьокуускайбытыгар кэлэн, ол устубут кинопленкабытын ылан баран, соһуйуу бөҕөтүн соһуйбуп- пуг — Сиимэни туох эрэ үрүҥ күлүк хаххалыыр курдук этэ… Онно эрэ сыыспыппытын өйдөөбүппүт: Тыйаатыр диэн тыйаатыр, ытык сир диэн ытык сир…

Сиимэн о5о эрдэҕиттэн тулаайах хаалан, эрэйи эҥэринэн билэн, оҕолуу истиҥ, амарах дууһалааҕа. Кини уон биир эрэ миэтэрэ иэн- нээх, оһоҕунан оттуллар кыракый, Октябрьскайга турбут дьиэти- гэр муостаҕа утуйан хоннохпуна, мааны аймахтарым таас дьиэлэ- ригэр хонон турардааҕар ордук астынарым. Тойоҥҥо-хотуҥҥа ньылаҥныырын, көрдөһөрүн-а- аттаһарын отой сөбүлээбэт буолан, өр сылларга ол эргэ сэмнэх буолбут уопсай дьиэтигэр олор- бута. Хата, Андрей Борисов тый- аатырга кэлэн, тыйаатыры өрө таһааран, лауреат оҥортоон, дьэ биирдэ, киэҥ-куоҥ таас дьиэлэнэ түспүтэ. Ол эрэн, сороҕор, кистэ- линэн миэхэ этэр буолара, «миэхэ ол эргэ кыра дьиэм быдан санаа- бар күндү» диэн.

УРАТЫ КИҺИ ТӨРӨӨБҮТ КҮНЭДАУРАТЫ

Биирдэ Москваҕа сылдьан Сиимэни көрсө түстүм. Ханнык эрэ бэстибээлгэ кэлбиттэр эбит, «Измайловскай» гостиницаҕа түспүттэр, испэктээктэрин оон- ньообуттар, сарсын Саха сири- гэр бараары сылдьаллар эбит. Т050 эрэ мунчаарбыт дьүһүннээх, саҥа-иҥэ мөлтөх, уот-күөс умул- лубут, өрө тыынан баран саҥа- та суох пааспарын ылан тутта- ран кэбистэ. «Бай, Д050Р, отой да умнан кэбиспиппин!» — диэн, саҥа аллайа түстүм. Күтүөтүм барахсан төрөөбүт күнэ орурбуна бу бүгүн, ким кимиэхэ да итэҕэй- бэт, оонньуу-күлүү күнүгэр — муус устар маҥнайгы күнүгэр буола- рын отой да умнан кэбиспиппин.

Урут «Сайылык» киинэбит үбүлүө- йүн бэлиэтии диэн, күргүөмүнэн, Сотоҕо, Баһылай Атласовка тахса сылдьан, Сиимэммит төрөөбүт күнүн өрөгөйдөөхтүк көрсүбүп- пүтүн дьэ өйдөөн кэллим. «Бабат! Хайыыбын!» диэн тула холорук- туу түстүм. Өй ылан, тута доҕор- бор «Айыына» кинигэ кыһатын дириэктэригэр Уйбаан Хотуоһапка эрийдим,/ киһим массыынатынан чыһыырдан кэлэ оҕуста, Саха сирин Бэрэстэбиитэлистибэтин дьиэтин аттыгар баар хайа эрэ кафеҕа тиийэн, Сиимэммит төрөөбүт күнүн, үөрүүнү-көтүүнү көҕүлүттэн тутан, бэлиэтии олор- дубут. Онтон Уйбаан күтүөтүм Үөһээ Бүлүүттэн сылдьарын билээт, аны Сиимэн биир дойдулаа5ар, Сидор Афанасьевич Филипповка эрийэ 05уста. Сидор Афанасьевич киһи киһитэ буолан, Саха сирин Бэрэстэбиитэлистибэтигэр ыҥыран ылан, бэйэтин кэбиниэтигэр эмиэ остуол киэнэ маанытын тэрийэ охсон, кыһыл көмүс хаалтыс тут- тарары кытары Ыйылас диэн бэйэтин төрөөбүт алааһын хаарты- скаҕа уһулан аккырыыкка оҥор- торбутун бэлэхтээбитэ. Ол истиҥ- иһирэх малааһын кэнниттэн сыа- сым курдук сымнаҕастык тутан, массыынабытынан гостиницатыгар илдьэн биэрбиппит. Дьэ ол .о.нно, ким кимиэхэ да итэҕэйбэт, күлуү- элэк күнүгэр төрөөбүт күннэмми- титтэн кини улаханнык астынан, махтанан турар.

«СУОЛА МАФИЯТА» ЭТИБИТ-

Сиимэн тыыннааҕар, өрүү тыйаатырга, киниэхэ кэпсэтэ-ипсэтэ диэн киирэ сылдьар киһи, кини өлүөҕүттэн ыла соччо сылдьы- бат буолбутум. Хам-түм Сиимэни ахта-саныы диэн биир дой- дулаахпар, убайбар Баһылай Апросимовка киирэн ааһар этим. Онтон Баһылайым өлүөҕүт- тэн ыла, тыйаатырга сылдьарым отой да тохтоон . барда. Туох эрэ көстүбэт ситим быһынна дуу, хайдах… Үһүөн Сиимэнниин бэйэ-бэ- йэбитин дьээбэлэһэн «Суола ма- фиятабыт» дэнэр этибит, өрүү көр- сөн күлэн-үөрэн, хоһооннорбутун да ырытыһан, айар дьон буолар- быт быһыытынан сороҕор «аһаан» да ылар этибит. Уонна Суолаҕа тиийэн хайдах сылдьыахтаахпытын, үөрүөхтээхпитин-көтүөхтээхпитин „салгыбакка ыаһахтаһан, ырытыһан тахсар этибит.

Сиимэн «сайылыгын быспы- тын» кэннэ, аны Баһылайым ол дойдуга барбыта. Баһылай быстыан аҕай иннинэ, кинйэхэ тиийэн көрсө сылдьыбытым. Ол онно мин Баһылайга: «Сайылыкка эйигин син биир Сиимэн көрсүө. Онон киниэхэ эҕэрдэтэ тиэрдээр», — диэн эппиппэр, Баһылай «сөп» диэн сибигинэйбитэ, төбөтүн кэҕис гыннарбыта. Ким билэр, ол эрэн баҕар, кини хараҕар ол онно, Сиимэн туманнаах өрүһү- Арҕаан кырдьа§ас буолан, эргэ оҥочоту- нан эрдэн, уҥуор сайылыгар туора- таары, усган иһэрэ көстүбүтэ буо- лаарай…,

Сиэн ӨКӨР, суруйааччы.



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: