Источник: Кыым. — 2019. — От ыйын 11 к. — С. 37
Тыгын дуу, Дыгын дуу?
Быйылгы Үс Хатыҥҥа ыытыллыбыт Дьокуускай куораппыт улуу ыһыаҕар «Дыгын оонньууларын»
тэлэбиисэринэн дуоһуйа көрдүм, олус астынным.
Ол көрө олорон, эмискэ, санаа киирдэ. Бээ эра, сахалар улуу төрүппүт уруккуттан дьон-сэргэ саҥатыгар Дыгын диэн ааттанара. Онтон биир дойдулааҕым, чугас доҕорум, биллиилээх норуот
суруйааччыта В.С. Яковлев-Далан «Тыгын Дархан» диэн суду айымньыны суруйуоҕуттан, сурукка-бичиккэ, кэпсэтиигэ “Тыгын” диэн ааттыыр буолбуппут.
Бука, Далан ити айымньыны элбэх архыып докумуоннарын хасыһан суруйбут буолуохтаах. Ону мин тыыннааҕар ыйыппаккахаалбыппын. Билигин оҥоһулла сылдьар Н.Аржаков элбэх сиэрийэлээх улахан киинэтигэр эмиэ Тыгын Дархан дэнэр быһыылаах.
Оччотугар улуу төруппутун Тыгын диибит дуу, Дыгын дуу? Баар-суох улуу киһибитин икки аатынан ааттыы сыл- дьарбыт сурэ бэрт буолбатах дуо? Ону уөрэхтээхтэрбит, учуонайдарбыт, кы- раайы уөрэтээччилэрбит туох дииллэрэ буолла? Мин саныахпар Тыгын дэнэрэ СӨП буолуо. Оччотугар тоҕо «Дыгын оон- ньуулара» дэнэрий?
Уйбаан ПОНОМАРЕВ, Чурапчы.
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: