Источник: Саха сирэ. — 2019. — Муус устар 11 к. — С.11
“НОРУОТ ХОРСУН БЫҺЫЫТА”
Кулун тутар 25 -29 куннэригэр Дьокуускайга, Национальнай художественнай мусуой аактабай саалатыгар “Норуот хорсун быһыыта” диэн анал үөрэҕэ суох худуоһунньуктар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус-быыстапкалара буолан ааста.
Тэрээһин Бүтүн Арассыыйатааҕы “Кыайыы салюта” быыстапка чэрчитинэн ыытылынна уонна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 75 сылыгар ананна.
Быыстапка уратытынан, манна художественнай анал үөрэҕэ суох, бэйэлэрин сүрэхтэрин баҕатынан, айылҕа биэрбитталаанынан уруһуйдуур дьон — эдэрдиин-эмэнниин бука бары кыттыбыттара буолар.
Саха норуодунай худуоһунньуга Юрий Спиридонов бэрэссэдээтэллээх дьүүллүүр сүбэ бу өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка I түһүмэҕэр 10 улуустан 39 самодеятельнай худуоһунньук 79 хартыынатын көрдө-иһиттэ, сыаналаата уонна 19 үлэни талан ылла — 9 лауреат, 10 дипломант.
Идэтийбиккэ чугас хартыыналарга лауреаттарынан буоллулар: Николай Рязанскай (Амма) — “Харах уута”; Алив Егорова (Дьокуускай) — “Дьоруой Федор Охлопков мэтириэтэ”; Иван Лебедев (Дьокуускай) “Тааҥканан кимэн киириини тохтотуу”.
“Наивнай” искусство^ лауреаттар: Мария Колодезникова (Уус Алдан) — “Ийэлэрбит хорсун үлэлэрэ”; Саргылаана Рожина (Уус Алдан) -“Сэттэ туруйа”; Зинаида Теренкова (Чурапчы) -“Бэтэрээннэр”.
“Уран оҥоһуктарга” лауреаттар: Владимир Аммосов (Хаҥалас) -“Кыайыы кыната” маска кыһан үлэ; Бөлөҕүнэн үлэ (салайааччы Г.Федорова, Ньурба) -“Оҕо кутун тартарыы” панно; Маргарита Чалбанова (Дьокуускай) — “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!” панно.
— Бүтүн Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай Норуот айымньытын дьиэтин исписэлиистэрэ, Саха сирэ “наивнай” искусствонан дьарыктанар энтузиаст дьонунан баай талааннар норуоттан тахса тураллар, диэн сыаналыыллар.
Онон.тэрээһин иккис түһүмэҕэ — эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы быыстапка аны сайын Дьокуускайга буолара быһаарылынна. Быыстапка “Россия-моя история” мусуойга эмиэ 4 күн — бэс ыйын 26-29 күннэригэр туруоҕа.Уопсайа 11 эрэгийиэн бастыҥ анал үерэҕэ суох худуоһунньуктара кыттыахтара. Оттон Бүтүн Сойуустааҕы быыстапка 2020 сылга Москваҕа буолуоҕа, — диэтэ СО Норуот айымньытын дьиэтин
исписэлииһэ Пелагея Слепцова.
Татьяна МАРКОВА.
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: