Источник: Киин куорат. — 2019. — Ыам ыйын 2 к. — С. 2
Ситиһиилэр кынаттыыллар…
Гран-при үрдүк аатын Таатта улууһуттан Мария Петровна Федотова ылла.
Кулун тутар 22 күнүттэн муус устар 26 күнүгэр диэри Дьокуускай куорак- ка Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Но- руоттар доҕордоһууларын киинигэр 11-с өрөспүүбүлүкэтээҕи «Лоскутная мозаика Якутии» көрүү-быыстапка түмүгэ таҕыста. Барыта 20 улуустан 95 норуот маастара кыттыыны ылла. Ону таһынан 20 холбоһук, түмсүүлэр кытыннылар. 200-тэн тахса араас үлэ: кыбытыгынан тигии, декоративнай паннолар, ат симэҕин толору компле- га, сахалыы көстүүмнэр, оонньуурдар көрдөрүүгэ турдулар. 5 киһиттэн саста- аптаах дьүүллүүр сүбэ үлэлэри көрдө, сыаналаата. Гран-при үрдүк аатын Таатта улууһуттан Мария Петровна Федотова ылла.
Найахы нэһилиэгиттэн төрүттээх, билигин Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахпыт Альбина Дмитриевна Сивцева «За сохранение национальных традиций» номинацияҕа тик- сэн олус үөртэ, ИСТИҤНИК эҕэрдэлиибит. Онтон биһиги «Симэх» түмсүүбүт 17 дьахтар тикпит «Өбүгэ үйэлээх оһуора» кыбытыгынан тигии паннота «За лучшее колористическое решение» (салай-
ааччы М.И. Федорова) номинацияҕа тигистэ. Мария Ивановна кыбытыгынан тигиллибит «Харысхал» паннота грамотанан бэлиэтэннэ. Бу сэмэй ситиһиибититтэн долгуйа үөрэбит, инникигэ эрэлбит күүһүрэр.
Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр үтүө холобур буолан, сөптөөх дьарыгы булан, араас таһымнаах көрүүлэргэ, быыстапкаларга кыттаммыт, дьом- мутун-сэргэбитин үөрдэбит. Төрүт өбүгэбит дьарыгын утумнаан, иис араас көрүҥүн баһылыыр сыалла- ах күннэтэ түбүгүрэбит. Инники былааммыт, үлэбит элбэх. Түмсүү сомоҕолоһон, биир сыалга-сорукка турунан саҥаттан-саҥа кыайыылары ситиһэргэ дьулуһар.
Галина Алексеевна Чукрова, «Симэх» иистэнньэҥэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Учууталлар учууталлара, Уус Алдан, Найахы
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: