Источник: Туймаада. — 2019. — Муус устар 11 к. — С.13
Олоҥхо фестивалыгар
Ааспыт ыйга Дьокуу- скайга XIV-c олоҥхону үгэс быһыытынан толорууга өрөспүүбүлукэтээҕи бэстибэ- элгэ кыттыыны ыллым. Иккиэ буолан куолаан олоҥхо Аал-Луук Маһын туһунан, олоҥхоһут Ноорой «Күн Эрили” олоҥхотуттан быһа тардан олоҥхолуу сатааты- быт. Аал Луук Маһы олоҥхо ыһыахтарыгар, олоҥхолорго хоһуллубут мастан букатын атыннык оҥорон туруоралла- рын сүөргүлүүр буоламмын, бу дьыалаҕа кыттыспытым 4 сыл буолла.
Олоҥхоһуттар Бэдьээлэ, Тэлээркэ Киргиэлэй, Ноорой,Тоҥ Суорун, Кынат олоҥхолоругар хоһуйбут мастарын макетын оҥорбутум. Бары майгыннаһаллар.
Бэстибээлгэ 2.5 м үрдүктээх Аал-Луук Маспын оҥорон кил- лэрэн Арчы Дьиэтигэр дьон көрүүтүгэр туруордум. Жюри иннигэр олоҥхо тылынан ылла- ан-туойан кытта көрдөрдүм. Ол гынан баран сыанаһыттарбыт «бу туох Маһын оҥорон киллэрдиҥ?!” диэн саатар ыйыппатылар даҕаны, кураанах истиэнэни көрөн олорор дьон курдук олордулар. Аҕала сата- ан “…Баатыары, олоҥхону олох да аахпатах, билбэт дьон суут- туу олороллор дуу?” дии са- ныыгын. Муҥар үһүөн дьахтал- лар, онтон биирдэрэ музыковед А.Решетникова, сырайа сахатын иһин сахалыы да билбэт барах- сан олорор.
Олоҥхо хотуна Елена Николаевнаҕа Аал Луук Маһы олоҥхо ыһыахтарыгар сыыһа оҥороллор диэн эппитим, көрдөрбүтум хас да сыл буолла. Ол тухары «чэ бээ.кэлин кэпсэ- тиэхпит” диэн алы гынан хаал- ларан иһэр.
Олоҥхо — чабырҕах да, тойук да буолбатах. Биллэн турар олоҥхоһуттар кыһанан-мүһэнэн, сылы-сыллаан бэлэмнэммиттэр. Ол эрээри, үгэс быһыытынан толоруу чаҕылхай холобурунан Гаврил Колесов толору- ута буоллаҕа эбээт! Биир да олоҥхоһут ол холобуру батыспат эбит.
Холобура Тааттаттан лауреат буолбут Людмила Цой субу- рутан, собуоттаабыт массыына курдук дьүүлэ-дьаабыта билли- бэттик эттэ. Истээччи Людмила олоҥхо тылын элбэҕи билэрин, памята үчүгэйин эрэ сөҕөр. Онтон ис хоһоонугар хайдах да тардыспат.
Хабырыыс Куолаһап көтөөрү олорор улар курдук хамсанара- имсэнэрэ, көрөрө-истэрэ мэлигир. Дьиҥинэн олоҥхо тыла чабырҕах курдук чабычахтам- макка, истээччигэ тиэрдиллэрэ сүүйүүлээх эрэ буоллаҕа. Харах- тарын быһа симэн баран, оһох кэннигэр олорон ыллыыр эмээх- ситтэр курдук истээччини тар- пат толоруу эмиэ баар.
Олоҥхоһут омуннуран-төлөннөнөн — олоҥхотун иһигэр киирэн олорон хамса-
нан-имсэнэн,наада буоллаҕына олоппоһуттан ойон туран эккирээн да ыллаҕына сүүйүүлээх эрэ буоллаҕа. Дьэ ону биһиги Хабырыыспыт көрөн-истэн, бэркэ биэрэр буолара. Мин ону үтүктэ сатаабытым да, хата жюри хотунуттан замечание ыллым. Традиционнайа суохтук толороҕун диэн. Бөлөҕүнэн уонтан тахса бу-олан ыллыыр угэс баар буол¬бут. Дьэ ол биир-икки купулуету ыллаары куну быһа кэтэһии- манаһыы. Мин санаабар бу отой сыыһа. Олоҥхону ыллыырга са- нанаркиһи биир-икки купулуету ыллаан хаһан олоҥхоһут буо- луой?
Бөлөҕүнэн ыллааһын саҕалааччыларга наада. Ол эрээри 2-3 киһиттэн эл- биэ суохтаах. Биирдии толорооччу соҕотоҕун саатар 15-20 мунуутэ этэн-тыынан олоҥхобо уһуйуллуохтаах. Ол оннугар биирдиилээн толоруу сэҥээриллиэхтээх.
Аны бөлөҕүнэн толорууга олоҥхо дьоруойдарын ыры- атын эрэ үллэстэн ыллааһын баар. Олоҥхо 70% хомоҕой хоһоонунан бэриллэрэ. Тылы иэтэн-куотан истээччигэ тиэр¬диллэрэ. Онтон ырыата баара- суоҕа геройдарын куоластарын, майгыларын истээччигэ ти- эрдиигэ туһаныллар. Ол түөрт строка да буоллаҕына сеп.
Аны билиҥҥи олоҥхоһуттар Аан дойду айыллыытын, орто дойду оһуордаах оҥоһуллуутун, Аал Луук Маһы хоһуйууну, ус дойдуну истээччигэ билсиһиннэриини олоҥхоттон ылан быраҕан кэбиһэллэр эбэ- тэр баһын-атаҕын хаалларар эбиттэр. Үксүн охсуһуутунан дьарыгыраллар. Хайдах эрэ истээччигэ олоҥхо диэн охсуһуу эрэ курдук иһиллэр.
Былыр олоҥхоһуттар си- рин-дойдутун, Аал Луук Маһын бутун биир кун устата уустаан- ураннаан кэпсииллэрэ эбитэ үһү. Хас биирдии сэбирдэҕин, отун-маһын дьүһүнүн, кыылын- сүөлүн, көтөрүн бииһин ууһун уо.д.а. ырыаларыгар холбуулла- ра. Дьэ ону сатаан иэтэн-куотан этэн урааҥхай саха дойдутун таптыырыгар, харыстыырыгар үөрэтэллэрэ. Олоҥхо сүрүн туһаайыыта дьиҥинэн ол буо- лар.
Бэстибээлгэ кэлбиттэр бары саха тылын таптыыл- ларын, үөрэтэ сатыылларын көрдөрдүлэр. Киһи хайгыы көрөр. Мантан ыла Хабырыл- ла Куолаһабы холобур оҥостон эбии дьарыктаннахтарына, аны сайын олоҥхо ыһыаҕар кинилэ- ри истэн дууһабытын ырааста- ныахпыт, саха буоларбытынан киэн туттуохпут. Алыс халыҥнык эттэ диэн хоргутумаҥ. Бу суруй- уубун сүбэ-ама курдук ылыныҥ.
Федот ХАРИТОНОВ.
КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: