г. Якутск, ул. Ларионова, 12А, левое крыло
8(4112) 210-732
ibo@cbsykt.ru

Источник: Саха сирэ. — 2019. — Муус устар 11 к. — С.26


«ДОБУН ДУОРААНА» КҮРЭС КЫАЙЫЫЛААХТАРА БЫҺААРЫЛЫННЫЛАР

Надежда ЕГОРОВА

nadezhda-egorpva-2012@maiLru

Бу күпсүүр дьикти дорҕоо- ну.гар абылаппыт, сахабыт нору- отун баай култууратыгар, үгэһи- гэр уһуйуллар «Добун» норуо¬дунай этнофольклорнай кэлэк- тиип (лиссиэй иһинэн үлэлиир) ааптарыскай бырайыага буолар. Ансаамбыл салайааччыта — «Маһы ыллаппыт Мохначевскайдар дуо?» дэппит Мария уонна Василий Мохначевскайдар дьиэ кэргэт- тэригэр төрөөбүт, кыратыттан саха үнүстүрүмүөннэрин тыаһы- гар-ууһугар улааппыт, этигэр- хааныгар иҥэриммит, СӨ култуура- тын туйгуна Марина Сокольникова- Мохначевская. «Добуннар» күпсүүр охсон, хомуһу, айааны дуораһытан, сахалыы тэтимҥэ уйдаран, муу- сука уустук, алыптаах абылаҥар ылларан, ис-истэриттэн кыһаллан, туруулаһан туран дьарыктаналлар. Ансаамбыл репертуарыгар Марина Ильинична айбыт композициялара, кэлиҥҥи кэмҥэ сүтэ быһыытыйбыт хабарҕа ырыата, норуот ырыалара, оһуохайа, саха бэйиэттэрин хоһо- онноро, аныгы муусуканы кытта дьүөрэлэһэр тэтим уонна эстра- дабыт биллиилээх артыыстарын кытта холбуу айымньылар баал- лар. Төрүт дорҕоон тэтимин дьүөр- элии, туруоруллубут нүөмэрдэ- рин силигин ситэрэн, үҥкүү хамса- ныыларынан оһуордаан-ойуулаан биэриитэ — ансаамбыл өссө биир саҥа сүүрээнэ, кэрэ кэскилэ. «Добуннар» бэйэлэрэ элбэх кү- рэстэргэ, бэстибээллэргэ’ кыт- таллар. Ол курдук, Татарстан Өрөспүүбүлүкэтигэр ыытыллы- быт «Урмай Залида» түүр омук култууратын уонна ускуустубатын аан дойдутааҕы үһүс бэстибээли- гэр, «Голос Арктики» фольклор аан дойдутааҕы бэстибээлигэр, «Хотугу сулус», «Бриллиантовые нотки», “Твой успех” куонкурустар Гран-при хаһаайыттара. Астана, Сеул, Харбин, Вонджу, Пекин, Ницца, Монако, Сан-Ремо, Барселона, Арассыыйа үгүс куораттарыгар, Сахабыт сири- гэр ыытыллыбыт элбэх көрүүлэр лауреаттара. Айымньылаах үлэ түмүгэ — “Добун” этнофольклорнай ансаамбыл өрөспүүбүлүкэ бастыҥ кэлэктииптэрин ахсааны- гар киирэн, «Грани алмаза» би- риэмийэ^э тиксиитэ, «Дети Саха- Азия» пуонда стипендиата буолуу- та, уонна, биллэн туран, норуоду¬най үрдүк ааты ылыыта буолар.

ГРАН-ПРИ ХАҺААЙЫНЫНАН КИМ БУОЛЛА?

Марина Сокольникова-Мохна- чевская, “Добун” норуодунай этно-фольклорнай кэлэктиип сала-йааччыта:

— Билэргит курдук, култуу- ра эйгэтигэр араас күрэстэр элбэхтэр. Ол гынан баран, но¬руот үнүстүрүмүөннэригэр оон¬ньуур анал ханнык да куонкурус, бэстибээл ыытылла илигэ. Онон ансаамбылым төрөппүттэрин кытта биир санаанан бырайыак оҥорон, суруйан, лиссиэйбит дьаһалтатыгар этии киллэрбиппит. Оскуола дири- эктэрэ Надежда Константиновна Тимофеева, куруук да буола- рын курдук ойөөн, этиибитин ылынан, былырыыҥҥыттан саҕа- лаан, быйыл иккис сылбытын «Добун дуораана» күрэспитин ыыттыбыт. Төрөппүттэрим биир киһи курдук саба түһэн, тэрий- сэн, өссө биир улахан үлэ- бит түмуктээх буолла диэн үөрэ- бит. Бэстибээлгэ өрөспүүбүлүкэ- бит талааннаах оҕолоро, биир- диилээн толорооччулар, саха но- руотун үнүстүрүмүөннэрин анса- амбыллара, оҕо аркыастырдара бэйэлэрин дьоҕурдарын, айымньы¬лаах үлэлэрин көрдөрөн, күөн-көр- сөн, уопут атастаһан, барыта 300- чэ 050 кыттыыны ылла. Манна Мииринэй, Дьааҥы, Ньурба, Горнай, Амма, Мэҥэ Хаҥалас уо.д.а. улуу- стартан кыттааччылар кэлбиттэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ иккис сылын СӨ үтүөлээх артыыһа, «Душа России» судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, үгүс ыччаты хомуска үөрэп- пит, уһуйбут «Айархаан» бырайыак ааптара уонна салайааччы¬та, аан дойду виртуоз-хомусчута Альбина Дегтярева, тэну тэҥэ, Марк Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальней кэллиэс преподавателэ, СӨ култууратын туйгуна Анастасия Каженкина улэлэстилэр. Түмүк бөлөхтөрүнэн быһаарылынна, ансаамбылларга уонна биирдиилээн толоорооччуларга Добун суруктары, сахалыы чорооннору туттаран, лауреаттар ааттаннылар.

«Добун дуораана» өрөспүүбүлүкэтээ5и күрэс Гран-при үрдүк аатын Мииринэй Айхалыттан сылдьар Алена Платонова сала- йааччылаах “Айталы” этно- бөлөх сүктэ. Кинилэргэ сыллата бэриллэр бэйэм анал бириис- пин — Горнайдааҕы Мария уонна Василий Мохначевскайдар ааттарынан норуот үнүстүрүмүөннэрин оҥорор мастарыскыайтан 10 000 тыһыынча суумалаах сэртипикээ-. ти туттардыбыт. Эмиэ,. үгэс быһыы- тынан, лиссиэйбит диризктэрэ Надежда Константиновна-5 000 суумалаах сэртипикээтэ, «Добун» вокальнай бөлөх (салайааччы Альбина Шубина) 4 000 суумалаах сэртипикээтэ, ансаамбылым о^оло- ро бэйэлэрэ талан ылбыт JBL портативнай колонка, ону таһынан, быйылгы тэрээһиммит спонсор- дарыттан анал бириистэр бэйэлэ¬рин хаһаайыттарын эмиэ буллу- лар. Кыттааччылар, салайааччылар тэрээһиммитин үтүө тылынан сыа- налаан барбыттарыттан үөрэбит.

“Добун дуораана» норуоду¬най үнүстүрүмүөннэргэ оонньуур толорооччулар өрөспүүбүлүкэтээ5и бэстибээл-куонкурустарыт- тан кыайыы кынаттанан муусука кэрэ эйгэтигэр дьарыктана сыл¬дьар эдэр дьоммут весе сайдан, үүнэн, ситиһиилэрэ үксүүтурдун.

САНААЛАР

Альбина Дегтярева, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ:

—              Марина Ильиничнаны кытары элбэхтик бииргэ алтыһан үлэлээтибит. Куорат оҕолорун сахалыы ть!ыҥҥа иитэ сылдьарын корон наһаа хайҕыыбын. Кини иитиллээччилэрэ биһиги кэнсиэргэрбитигэр күпсүүргэ, хомуска оонньоон куруук кытталлар. Онон, оҕолору иитиигэ биир хайысха5а биир санаалаах үлэлии сылдьабыт. Бэстибээл- куонкурус туһунан этэр буоллахха, кыттааччылар оонньуур таһымнара, балайда үрдүк.Оҕолор бэлэмнээхтэрин.сценическэй култуураларын, салайааччылар толорор айымньыларын сопкө аттаран үлэлииллэрин бэлиэтээтибит. Холобур, Ньурба ыччаттарын сэргии иһиттим. Кинилэр саха 1 үнүстүрүмүөннэрин холбоон, оүтүн оркестровай муусуканы оонньоотулар. О50 уһуйаанын кырачааннара ньуосканы араастык тыаһатан, охсуу тэтимин баһылыыр кыахтаахтарын көрдордүлэр.Аллараа Бэстээх аккордеонистара Валерий Ноёв норуокка сөбүлэппит матыыптарын олус иэйиилээхтик толоруулара, кинилэр учууталлара хас биирдии оҕотун олус кыһамньылаахтык дьарыктыырын итэҕэттэ. Мииринэй Айхалыттан кэлбит ; нуучча о^олоро «Айархаан» ансаамбыл сгилинэн уонна репертуарыттан попурри толорон долгуттулар. Ити курдук, кыттааччылар бииртэн-биир үнүстүрүмүоҥҥэ талааннаахтык оонньуохха.үнүстүрүмүөннэри араастык дьүөрэлээн тыаһатыахха сөбүн кэрэһилээтилэр.Арай, быйыл хомуска, кырыымпаҕа оонньуур ансаамбыллар а^ыйахтар.ол оннугар толорор хаачыстыбалара тупсубуг. Инникитин муусука оскуолаларыгар, кылаастарыгар устурууналаах-смычковой үнүстүрүмүөннэргэ оҕолору элбэхтик үөрэтэллэригэр баьа санаабытын эттибит. Оҕолор ис сүрэхтэриттэн кыһаллан араас үнүстүрүмүөннэргэ оонньуулларын корор олус долгутуулаах.

Татьяна Апросимова, торөппүт, тэрийээччи:

—              Күрэҕи тэрийии, биллэн туран, улахан үлэттэн тахсар. Маны биир-икки киһи кыайа туппат. Биһиги, ансаамбыл төрөппүттэрэ, олус түмсүүлээхпит дии саныыбыт. Ханна туох наадатынан, ким тугу сатыырынан.туора турбакка көмөлөһон, сүүрэн-көтөн, спонсордары булан кэпсэтэн, ким эрэ бириис ылыытыгар сылдьан, ким эрэ киэргэтиигэ эппиэттээн, кэлбит кыттааччыларбытын корсон-атааран, докумуоннарын толорон, быһата эттэххэ, чахчы түмсүүлээх буоламмыт.тэрээһиммит этэҥҥэ ааста диэн сүргэбит көтөҕүллэ сылдьар. Ону сэргэ, оҕолорбут бэйэбитин кытары туох баар тэрээһин үлэтигэр барытыгар тэҥҥэ сүүрэ-көто сылдьаллара эмиэ туспа үөрэх буоллаҕа. Куруук күүс-көмо буолар дьоммутугар.туох баар грамоталарбытын, сэртиликээттэрбитин сиэдэрэйдик оҥорон, бэчээттээн биэрэр Надежда Дмитриеваҕа уонна Мирон Окороковка истин-тыллары этэбит. Улахан махталбытын биһиги спонсордарбытыгартиэрдэбит: Павел Степановка (“Якутия”ҮАПК), Владислав Дмитриевкэ (Тубинскай”ДьУоКХ), Александр Никифоровка (КопирТехСервис” ХЭУо), Иван Бучугасовка (Маневр» үөрэх киинэ), Ольга Григорьева^а (“Көмүлүөк” саха иһитин оҥорор хампаанньа), Василий Егоровка («Бичик» кинигэ кыһата), Юрий Борисовка ГЭРУДИГ репетиторство киинэ), Светлана Гуляева5а (“Алеос» маҕаһыын), Марина Пудова^а, Аркадий Апросимовка, Полина уонна Афанасий Заболоцкайдарга, Ольга уонна Виктор Башариннарга.



КЛЮЧЕВЫЕ СЛОВА СТАТЬИ: